Саха уола Боинг, Хуавей, Вольво хампаанньаларыгар…
Соторутааҕыта билэр дьоммут: “Швецияҕа олорон үлэлиир, Новай Зеландияҕа олоро сылдьыбыт эдэр саха уола кэлэ сылдьар. “Боинг”, “Хуавей”, “Вольво” курдук аан дойдуга аатырбыт хампаанньаларга үлэлээбит. Хаһыаккытыгар ыҥыран кэпсэппэккит дуо…” – диэтилэр.
Биллэн турар, урут хаһан да Швецияҕа, ол эбэтэр ыраах Скандинавия тумул-арыытыгар, саха киһитэ баран үлэлээбитэ-хамсаабыта иһиллибэт этэ. Арай, былыр ГУЛАГтан күрээбит саха үс хоһуун дьоно онтон чугас Финляндияҕа тиийэн олохсуйбуттарын эрэ билэр курдукпут…
Онон… Болдьоһон баран көрүстүбүт. 37 саастаах Алексей Федоров Аммаҕа улааппыт эбит. 10-11-с кылаастары Дьокуускай куоракка Өрөспүүбүлүкэтээҕи колледжка, судургутук Уйбаан Самаайап оскуолатыгар, үөрэнэн бүтэрбит. Ити – 2001 сыллаахха.
Ол кэннэ ааттаах-суоллаах МГУ Механика-математика факультетыгар үөрэнэн (2001-2006 сс.), дэбигис киһи истибэтэх-билбэтэх “Калибровка авиационного гравиметра” диэн идэни бүтэрбит…
Алексей бэйэтэ уоһа ыпсыбат элбэх кэпсээннээх, бэрт дьэллэм-сайаҕас киһи эбит. Үлэтин-хамнаһын туһунан туох да тардылыга-хааччаҕа суох, күлэ-үөрэ кэпсээн барда…
– Алексей, ол ылбыт идэҥ аата тугун уустугай? Судургутук быһаардахха, ол туох идэний?
– Чахчы, эриэккэс соҕус идэ. Хайдах быһаарыллара эбитэ буолла… Чэ, быһата, сир иһинээҕи тутула барыта биир буолбатах, ханна эрэ сир анныгар көпсөркөй, көҥдөйдүҥү боруодалар бааллар, ханна эрэ кытаанах, ыбылы симиллибит курдук чиҥ араҥалар, миэстэлэр дьапталҕалара баар буолар. Таһыттан көрөн ону билбэккин. Ону үөһэнэн сөмөлүөтүнэн көтөн иһэн курдары көрөн сурунан, бэлиэтэнэн ылар прибордар бааллар. Мин оннук аппарааттары көннөрөн туруорар, регулировкалыыр инженер үөрэхтээхпин. Оннук аппараат сатаан сөпкө туруоруллубатах буоллаҕына, көрдөрүүтэ барыта алҕас буолан тахсыан сөп.
Ити курдук сир анныгар баар “аномалияларынан” сирдэтэн, сир баайын саппааһа уо.д.а. ханна сытарын билиэххэ сөп.
Москубаҕа…
– Тута өйдүү охсорго ыарахан соҕус идэ эбит. МГУ үөрэҕэ, бука, ыарахан буолуо…
– Оо, бастаан утаа ыарахан бөҕө… 2-с куурус ортотугар диэри бэрт эрэйинэн тулуктаһан тиийбитим. Киһи бөҕө кыайбакка уурайан барар этэ. Холобур, биһиэхэ бастаан 500-чэкэ киһи үөрэнэ киирбититтэн, 300-һэ кыайбакка уурайан барбыта. Төһө да төлөбүрдээххэ үөрэнэ сылдьар устудьуоннар көрдөһө-ааттаһа сатаабыттарын иһин, кыайбатахтары сыыйан иһэллэр этэ.
Биһиги манна оскуолаҕа үөрэнэрбитигэр садаачаҕын сатаан суоттаатыҥ, тиэмэҕин өйдөөтүҥ да, “маладьыас” диэн баран ыытан кэбиһэр буоллахтарына, анараа үөрэтэллэригэр араас бытархай деталь элбэҕэ салыннарбыта. Ону барытын билэр, өйдүүр, практикаҕа сатаан туттар буолан тахсыахтааххын.
Ити курдук, иккис куурус аҥаарыттан саҕалаан 4-5 сыанаҕа үөрэнэн барбытым. 4-с кууруска тиийбиппит кэннэ, араас тэрилтэлэртэн кэлэн устудьуоннары үлэҕэ наймылаһаллар эбит этэ. “Улахан хамнастаах үһү” диэни истэн, бастаан “Прогресстех” диэн “Боинг” хампаанньаны кытта үлэлэһэр тэрилтэҕэ барыахпын баҕарбытым да, бастаан ол кыаллыбатаҕа. Онон “Наука” диэн НПО-ҕа үлэҕэ киирбитим. Үөрэнэ-үөрэнэ үлэлиигин. Кэлин ол баҕалаах “Прогресстех” диэммэр киирбитим. Онно сылдьан “математикаҕа кимтэн да хаалсыбат, үчүгэй эбиппин” диэн дьэ дьиҥнээхтик өйдөөбүтүм. Ол үлэлии сылдьан бэйэм туспа бырагыраама оҥорон, үтүө үлэһит аатыран, группа салайааччыта буолан эҥин аһара табыллан үлэлээбитим. Үчүгэй баҕайы кэлэктиип этэ. Ол эрээри, хамнаһа кэмчитэ бэрдэ. Туох да диэн этэ сатаабыт иһин, үрдэппэтэхтэрэ…
– Ол “Боинг” хампаанньатыгар чопчу тугу оҥорор этигиний?
– Холобур, сөмөлүөт обшивкатын, ис деталларын туруктарын математика көмөтүнэн суоттаан, ханнык хараҕа, буолта, заклепка мөлтөөн эрэрин, кэбирээбитин, эрэлэ суоҕун быһаараҕын…
– Алексей, чэ, бу аттыбытыгар биир тимир олоппос турар. Бу олоппос бастаан туга алдьаныан сөбүн, туга кэбирэҕин математика көмөтүнэн суоттаан таһаарыаххын сөп дуо?
– Суоттаамына. Ол олох судургу буоллаҕа. Тимирин структуратын-тутулун биллиҥ да, тута формулаҕа туруоран быһааран таһаараҕын. Үөрүйэх дьон ону тута тоҥсуйан көрөөт, харахтарынан да таһыттан көрөн, тута билэллэр этэ. Уопсайынан, хас эмэ сылы быһа дьаныһан үөрэппит математикам көмөтүнэн күннээҕи олоххо тугу баҕарар ааҕан-суоттаан таһаарыахха сөбүн дьэ дьиҥнээхтик өйдөөн баран наһаа үөрбүтүм. Алгоритмын быһаардыҥ да, олоххо тугу баҕарар суоттаан таһаарыахха сөп курдук.
– Дьэ, онтон…
– Салгыы “Хуавей” (Huawei) диэн Кытай хампаанньатыгар үлэҕэ киирбитим. Бу тэрилтэ анал идэтийбит “булчуттара” аан дойдуну барытын кэрийэ сылдьан исписэлиистэри көрдүүр идэлээхтэр. Кытайдар, уопсайынан, Арассыыйа математикатын таһымын, үөрэтиитин тиһигин улаханнык ытыктыыллар, суолталыыллар. Салайааччыларбыт – кытайдар, үлэһиттэр – Арассыыйа учуонайдара, бары кэриэтэ учуонай истиэпэннээх хандьыдааттар, дуоктардар. Бу тэрилтэ бастаан утаа дьиҥ “кытайдыы” систиэмэнэн үлэлээн испитин, биһиги дьоммут бууннаан тохтоппуттара. “Кытайдыыта” диэн, “сарсыарда 8 чаастан киэһэ хаска эрэ диэри…”, “эбиэккитигэр 45 мүнүүтэ эрэ көҥүллэнэр”, “икки мүнүүтэ хойутаабыккын…”, “турар көҥүллэммэт, үлэлээ…” эҥин диэн. Бастаан утаа өссө ону хонтуруоллуур надзиратель курдук киһи эҥин баар эбит этэ.
Мин манна үлэлиирбэр Рапопорт диэн араспаанньалаах олус үтүө настаабынньыкка түбэһэн элбэххэ үөрэммитим. Математик идэтэ диэн тугун онно дьэ дьиҥнээхтик толору өйдөөбүтүм, үлэбиттэн дуоһуйууну ылар буолбутум. Аны туран, сахалыы толкуйдуур буоламмын эбитэ дуу, суокка атыттардааҕар “кретивнайдык”, айымньылаахтык сыһыаннаһар эбит этим. Ол эбэтэр, “геометрия, физика, алгебра араас теоремаларын холбуу тутан суп-судургутук суоттанан хаалар суолу академическай өйдөөх-санаалаах учуонайдар аҥаардас биир-икки классическай теореманан, формуланан суоттуу сатаан аһара уустугурдан, уһатан-кэҥэтэн кэбиһэллэр” дии саныырым. Билигин кэлэн санаатахха, мин үлэлээбит “Хуавейым” салаатыгар креативнай, саҥаны-уратыны айар толкуй кэмчи соҕус эбит.
“Хуавейга” үчүгэйдик үлэлээбитим. Аҕа саастаах, дуоктар истиэпэннээх дьон үлэлиир отделларын кытта салайбытым. “Бырайыактары салайан оҥоробун, үчүгэйдик үлэлиибин, хамнаспын үрдэтиҥ” диэн көрөрүм да, салалтам (кытайдар) “дуоктар истиэпэниҥ суох” диэн батан иһэллэр этэ. Оттон мин дьиэ кэргэммин иитиэхпин наада. Кэргэним Аллараа Новгород Саров диэн сабыылаах куоратыттан төрүттээх нуучча кыыһа. Эмиэ математик. Биир сыл алын кууруска үөрэммитэ. Үөрэнэ сылдьан ыал буолбуппут. Ол саҕана биир кыыстаах этибит.
Онон, “хайаан да салгыы үөрэнэн учуонай истиэпэнин ыллахпына сатаныыһы” диэн түмүккэ кэлбитим.
Уопсайынан, Москубаҕа “Боинг” уонна “Хуавей” хампаанньаларга холбоон 6 сыл кэриҥэ үлэлээбитим.
Саҥа Зеландияҕа
Кэргэммин кытта “Австралияҕа үөрэнэ барабыт дуу, Саҥа Зеландияҕа дуу?” диэн сүбэлэһэн баран, үбүгэр-харчытыгар арыый барсарын иһин, Саҥа Зеландияны таллыбыт.
Билбэт сиргэр туох күүтэрэ биллибэт. Ол иһин билэр атас-доҕор дьоммуттан көрдөһөн харчы хомуйдум (“подушка безопасности” диэн тиэмэҕэ) уонна… бара турдубут.
Саҥа Зеландияҕа барыта 3,5 сыл үөрэнэн математика дуоктарын истиэпэнин көмүскээбитим. Онно сылдьан дьэ дьиҥнээх сахабын, булчут-балыксыт удьуора буоларбын эппинэн-хааммынан өйдөөбүтүм. Атын дьон ону сатаабат, өйдөрө да хоппот буоллахтарына, саха киһитэ тута бултуур-балыктыыр тэрилин бэйэтэ оҥосто охсон бултаан-алтаан барар эбит. Онно муораҕа балык арааһа дэлэй, тыаҕа – кабан, таба. Саҥа Зеландияҕа ханнык да адьырҕа кыыл суох буолан, таба-кабаан көнньүнэн үөскүүр, аһара элбиир. Ону бултаан көҕүрэтэр киһини биһирииллэр, туох да хааччах суох. Муора кытылыгар, тыаҕа тахсан сахалыы алҕаатыҥ, сиргин-уугун аһаттыҥ да, бултаан бараҕын. Айылҕа ону эмиэ истэр курдук гынар.
Этэргэ дылы, сахалыы хааным уһуктан кэлэн, Саҥа Зеландияҕа төрөөбүт уолбун сахалыы иитэ сатыыбын. Сахалыы эрэ кэпсэтэбин. Уолум билигин тыаҕа баар, былаан быһыытынан, ийэм кинини өссө “сахатытыахтаах”.
Төһө да Арассыыйаҕа “ол ылбыт дуоктарыҥ истиэпэнэ биһиэхэ хандьыдаат эрэ диэҥҥэ эппиэттэһэр” эҥин диэн намтата сатаабыттарын иһин, 35 сааспар аан дойдутааҕы сэртипикээттээх дуоктар истиэпэнин көмүскээбитим.
Саҥа Зеландияны наһаа сөбүлээбиппит эрээри, онно бэйэбит идэбитинэн тугу да үлэлиир кыахпыт суоҕа. Фермер дойдута буоллаҕа. Ол иһин, атын сиргэ көһөр буоллубут.
Швецияҕа
– Онон, Швециялаатыгыт?
– Интэриниэтинэн көрөн-истэн, сибээстэһэн баран, Швецияҕа барар буоллубут. Биһиэхэ барсар үлэ онно баар эбит. Даҕатан эттэххэ, мин үлэлиир хайысхабар шведтэр – аан дойдуга инники күөҥҥэ сылдьар лиидэрдэр.
2019 сылтан Лунд университетын кытта хантараак түһэрсэн үлэлиибин. Биһигиттэн уратыта диэн, онно улахан чинчийиилэр бары университеттар былаһааккаларынан бараллар. Ол эбэтэр, университеттар ыччаты үөрэтэллэрин таһынан, тэрилтэлэр сакаастарынан, күннээҕи олоххо, үлэҕэ-хамнаска сыһыаннаах боппуруостарынан дьарыктаналлар, этэргэ дылы “реальнай экэниэмикэни” оҥорсоллор.
Холобур, мин билигин университекка “Вольво” хампаанньа сакааһынан “автономнай массыына ханаалын моделлааһын” бырайыагар үлэлэһэбин…
– Ол аата?
– Судургутук эттэххэ, суоппара суох бэйэтэ сылдьар массыына “искусственнай интеллегин” оҥоробут. Быһата, бэйэтэ суол устун айанныыр, утары көрсөр массыыналары-мэһэйдэри кытта аасыһар, туоруур муннук кэннигэр туох турарын эрдэттэн билэр, бэйэтин курдук автономнай массыыналары кытта сибээстэһэн суол-иис туругун барытын эрдэттэн учуоттуур массыына ситимин-сибээһин оҥоробут. Ити – судургутук быһаардахха….
– Ыарахан үлэлээх киһи эбиккин…
– Швеция – үлэлииргэ олус үчүгэй дойду. Ол эрээри, араас бүрүкүрээттээһин, кумааҕы толоруута олус элбэх.
– Хамнастара, бука, иэдээн элбэҕэ буолуо… Кистэлэҥ буолбатах буоллаҕына, хамнаһыҥ…
– Хамнас – бэрт сэмэй. Уопсайынан, Швеция – киһи элбэх харчыны өлөрөн байан-тайан барар дойдута буолбатах. Холобур, муоста сууйааччы миигиттэн бэрт кыранан кыра хамнаһы аахсар, оттон “наука светилота” аатырар улуу учуонай миигиттэн быыкаанан чорбойор хамнастаах. Быһата, онно хамнас араастаһыыта диэн бэрт кыра. Аны, туох барыта наһаа ыарахан сыаналаах, бобуу-хааччах аһара элбэх. Киһи эрэстэрээҥҥэ эҥин аһаабат дойдута. Ол оннугар, социальнай бэлиитикэлэрэ эҥкилэ суох. Оҕо саада, үөрэх, мэдиссиинэ – босхо уо.д.а.
Сахалыы толкуй
– Ол Саҥа Зеландиянан, Швециянан сылдьарыҥ былаһын тухары аангылыйалыы тылынан кэпсэтэ сылдьар буоллаҕыҥ? Ону хаһан үөрэппиккиний, барыта хас омук тылын билэҕин?
– Аангылыйа тылын оскуола саҕаттан, этэргэ дылы киһини билэр буолуохпуттан ыла, үөрэтэр курдукпун. Билигин швед тылын үөрэтэ сатыыбын. Дьиҥинэн, онно киһи барыта аангылыйалыы холкутук быһаарсар. Тылга, уопсайынан, улахан дьоҕурум суох быһыылаах.
– Ити сылдьар кэмҥэр омугунан көрөн туоратыы, атыҥырыы-атарахсыта көрүү эҥин суох буолар дуо?
– Арҕааҥҥы дойдуларга киһини омугунан көрөн туоратыы диэн букатын суох. Баҕар, истэригэр туох эрэ дии саныыллара буолуо да, ону ким да эйиэхэ биллэрбэт.
– Ханнык омук тылынан толкуйдуугунуй?
– Дьэ, ити элбэхтик анаан толкуйдаабыт, билбит, түмүк оҥостубут суолум! Мин бу үлэбэр саҥаны-уратыны толкуйдуур дьоҕурум, “креативым”, интуициям барыта сахалыы тылынан киирэр. Туох эрэ уустук сорук турда да, тута, “бээрэ, бу маны хайдах судургутук оҥоруохха, тупсарыахха сөбүй? Арай, маннык гыннахха…” диэн сахалыы эргитэн толкуйдаан барабын. Киһиргэнэ таарыйа эттэххэ, баччааҥҥа диэри итинник “креативнай” толкуйбунан кимиэхэ да иннибин биэрбэппин дии сананабын. Ол барыта сахалыы тылбын, иитиибин кытта сылдьыһар быһыылаах.
Онтон тугу гынарбын быһааран баран, теоремаларга-формулаларга кэлэн төбөм нууччалыы “үлэлээн” барар. Академическай математиканы нуучча тылынан үөрэттэҕим дии. Онтон, ол сорукпун суоттаан баран кэллиэгэлэрбэр быһаарарбар, төбөм аангылыйа тылынан “буһаран” барар. Уопсайынан, “аангылыйа тыла информацияны тиэрдиигэ, кылгаһынан, чуолкайынан, өйдөнүмтүөтүнэн, нуучча тылыттан ордук” дии саныыбын.
Бэйэм кыахпынан-таһыммынан син тэлэһийэ сырыттаҕым дии. Ол тухары “сахалыы тыллаах, иитиилээх, төрөөбүт дойдулаах киһи ханна да сылдьыбытын иһин, бэйэтин бигэ тирэхтээх киһи курдук сананар” диэни адьас бигэтик итэҕэйдим. Холобур, бу манна Дьокуускай куоракка сахалыы билбэт саха ыччата бэйэтин атын үлүгэрдик сананан, кыахтаах-таһымнаах баҕайы курдук тутта-хапта сылдьар эбит буоллаҕына, атын сиргэ тиийдэ да – уларыйан хаалар. Холобур, оннук оҕолор Арассыыйа киин ВУЗтарыгар үөрэнэ бардахтарына, тута төттөрү сахатыйаллар, ол кыаллыбат буоллаҕына, букатын сүтэн, саһан-бүгэн хаалаллар. Кыахтара-потенциаллара аһыллыбакка хаалар. Оннук депрессияҕа киирэн хаалбыт элбэх ыччаты көрбүтүм. Онно холоотоххо, дьиҥнээх сахалыы куттаах-тыллаах киһи букатын атын буолар.
Мин саха тыатыгар үөскээбитим, үлэлээн-хамсаан, мэниктээн-күрэхтэһэн улааппытым, төрөөбүт норуотум эргимтэтиттэн тахсыбатаҕым – мин күүһүм. Көр-күлүү кэриэтэ эттэххэ, эҥин араас ыксаллаах балаһыанньа үөскүүр да түгэнигэр “миигин син биир күүһүнэн ким да кыайбат” диэн санаа бигэтик иҥэн сылдьар киһитэбин. Ол наһаа көмөлөһөр. Тоҕо диэтэххэ, оҕо сылдьан “Азия оҕолоругар” кыттыбытым, өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатыгар кытта киирэн күрэхтэспитим.
Маны тэҥэ, “аан дойду барыта сиҥнэн түһэр кириисиһэ да буолар түгэнигэр өлөн-охтон биэриэм суоҕа. Төрөөбүт дойдубар тыаҕа тиийэн дьиэ-уот туттан, сүөһү иитэн, бултаан-алтаан дьоммун ииттэр кыахтаахпын” диэн бигэ эрэллээхпин. Ол киһини кынаттыыр.
Саҥа Зеландияҕа “маори” диэн олохтоох омук баар. Ахсааннара, быһа холоон, 600 тыһ. курдук буолуо. Сахаттан эрэ арыый элбэхтэр. Уопсай нэһилиэнньэ 15 %-нын эрэ ылар буолан, элбэхтик көстүбэттэр.
Бөдөҥ-садаҥ, күүстээх дьон. Уҥуохтара, ортотунан, 185-190 эҥин курдук буолар быһыылаах, аны, модьу-таҕа баҕайылар. Биир 18 саастаах маори уола табаарыстааҕым, ыйааһына 120-ччэ киилэ этэ. Волейболлуурбутугар, сиртэн миэтэрэ курдук өрө ыстанан тахсан сөхтөрөрө.
Бу омуктар урут Британия былааһыгар киирэн баран бэрт муор-туор балаһыанньаҕа олорбуттар, ахсааннара аҕыйаан эстэ сыспыттар. Олохтоох дьон кэпсээбиттэринэн, маориларга сыһыан Аан дойду II сэриитин кэннэ уларыйбыт. Онно Британия аармыйатын састаабыгар сэриилэспит маори батальона хорсунунан, сэрииһитинэн, илиинэн киирсиигэ кимиэхэ да кыайтарбатынан улаханнык аатырбыт. Онуоха эбии, “маорилар – дьикээрдэр, киһини сииллэр, билиэн тутуллубут дьону тыыннаахтыы буһараллар” эҥин диэн тарҕатыллыбыт сымыйа сурахтар ханнык да өстөөх кинилэргэ утарылаһар дьулуурун-баҕатын тута суох оҥороллоро үһү.
Маори тылын туруга билигин олус уустук быһыылаах. Кинилэр 10-ча эрэ бырыһыаннара төрөөбүт тылларын билэллэр үһү. Ол эрээри, Саҥа Зеландия олохтоохторо, сүрүннээн үрүҥ раса бэрэстэбиитэллэрэ, бары маори тылынан үлүһүйэллэрин улаханнык сөҕө көрбүтүм. Тэрилтэ салайааччылара, ол иһигэр үрдүк үөрэх тэрилтэтин ректордара уо.д.а., улахан мунньахтарга киирии тылларын маорилыы эҕэрдэлээн эрэ баран аангылыйа тылыгар көһөллөр. Быһата, маори тылын билии муода курдук буолбут эбит этэ. Кэнники сылларга маори тылын билэр ыччаты өрө тутуу, анал граннар суоттарыгар босхо үөрэтии олус тэнийбит. Мин көрдөхпүнэ, маори ыччата ону соччо сэҥээрбэт, төрөөбүт тылын үөрэтэргэ соччо дьулуспат курдук эрээри, улахан хамсааһын бара турарын ойоҕоһуттан да сылдьар киһи бэлиэтии көрөр.
+7 (999) 174-67-82