Саха театра түөрт хайысханан гастроллуур
Былатыан Ойуунускай аатынан Саха театрын артыыстара түөрт биригээдэнэн киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирин хотугу улуустарын уонна Таатта улууһун нэһилиэктэрин хабан үгэс буолбут Сааскы гастролларга туруммуттара. Быйылгы гастроллар Россияҕа биллэриллибит Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биллэриллибит Оҕо саас сылыгар ананаллар.
Өлөөҥҥө, Анаабырга
СӨ үтүөлээх артыыһа Дьулустаан Семенов салайар биригээдэтэ Өлөөн, Анаабыр улуустарын олохтоохторугар, бириискэлэр үлэһиттэригэр Дмитрий Таас айымньытынан ”Кыһыл көмүс хоруоп” испэктээкилин, Николай Неустроев “Тиэтэйбит” кэмиэдьийэтин, СӨ үтүөлээх артыыската Софья Баранова толоруутугар олоҥхоһут Павел Романов – Мыланыыскай “Кыыс Ньургустай Куо”олоҥхотун көрдөрдүлэр.
“Гастролбут олунньу 20 күнүгэр Өлөөҥҥө саҕаламмыта. Өрөспүүбүлүкэбит араас улуустарыттан Өлөөн улууһун киинигэр олохсуйан олорор “Землячество” түмсүү биһигини олус истиҥник көрсүбүтэ. Олохтоохтор ыллаан-туойан, бүтүн кэнсиэри көрдөрдүлэр. Икки күн испэктээкиллэрбитин көрдөрөн, Өлөөн олохтоохторун кытары көрсүһүү тэрийэн, оскуола оҕолоругар маастар-кылаастары биэрэн сүрдээх үчүгэйдик сырыттыбыт. Өлөөнтөн Талахтаах бириискэтигэр тиийэн киэһэ “Тиэтэйбит” испэктээкили көрдөрбүппүт. Бириискэҕэ түүннэри-күннэри солбуйса сылдьан үлэлиир буоланнар, киэһээҥҥи испэктээкили көрбөтөх үлэһиттэргэ сарсыарда 9 чаастан оонньообуппут. Салгыы Эбэлээх бириискэтигэр тиийэн эмиэ киэһэ уонна сарсыарда “Тиэтэйбити” көрдөрбүппүт, көрөөччүлэрбит олус астыммыттара. Сарсыҥҥы күнүгэр саппаас күннээх этибит, онон Эбэлээх бириискэтин салалтатын көрдөһүүтүн ылынан, “Кыһыл көмүс хоруоп” испэктээкилбитин оонньообуппут. Бириискэҕэ үлэлии сылдьар уолаттар “киинэ курдук” диэн сүрдээҕин сөбүлээбиттэрэ, сорох көрөөччүлэрбит театры кытары саҥа билсэн, испэктээкил диэни бастакыларын көрөллөр эбит.
Онон инникитин даҕаны маннык кэлэн оонньоон бараргыт буоллар диэн баҕа санааларын эппиттэрэ. Эбэлээхтэн Анаабыр улууһугар тиийэн Сааскылаахха уонна Үрүҥ Хайаҕа испэктээкиллэрбитин көрдөрөн, олохтоох нэһилиэнньэни кытары көрсүһэн, ирэ-хоро кэпсэтэн гастролбутун түмүктээтибит.
Сылдьыбыт улуустарбытыгар биһигини өрө көтөҕүллэн, маанылаан-далбардаан көрүстүлэр. Онон Өлөөн, Анаабыр улууһун ыалдьытымсах дьонугар-сэргэтигэр, Өлөөҥҥө олохтоох биир дойдулаахтарбытыгар, Талахтаах уонна Эбэлээх бириискэлэрин салалтатыгар, үлэһиттэригэр барҕа махталбытын тиэрдэбит!” – диэн гастрол биригээдэтин салайааччыта Дьулустаан Семенов иһитиннэрии оҥордо.
Орто Халымаҕа
Семен Алексеев салайааччылаах гастрол биригээдэтэ Орто Халыма улууһун нэһилиэктэригэр барытыгар сылдьан, Алампа «Олох дьэбэрэтэ», Антон Чехов «Кэргэн кэпсэтии» уонна Николай Лугинов «Кустук» испэктээкиллэрин көрдөрдө. Гастрол чэрчитинэн олохтоох нэһилиэнньэни кытары көрсүһүүлэр буоллулар. Саха театрын артыыстара оскуола үөрэнээччилэригэр театрбыт историятын кэпсээтилэр, култуураҕа сыһыаннаах үөрэхтэри сырдаттылар, артыыс сценаҕа туһанар кистэлэҥнэрин арыйар маастар-кылаастарын ыыттылар.
Орто Халымаҕа гастролбут биир историческай суолтатынан Саха театрын артыыстара 47 сыл буолан баран Березовка сэлиэнньэтигэр тиийэн испэктээкиллэри оонньоотулар. 1977 сыллаахха Саха театрын артыыстара эбээн суруйааччыта, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Платон Ламутскай “Сир иччитэ” испэктээкилин көрдөрбүттэрэ. Үйэ аҥарын кэриҥэ тохтобул кэнниттэн ыалдьыттаабыт театрбыт артыыстарын олохтоох дьон-сэргэ олус истиҥник көрүстүлэр. Ордук Россия үтүөлээх, СӨ народнай артыыската Изабелла Николаеваны 50-чэ сыл аннараа өттүгэр уонча саастарыгар көрбүт көрөөччүлэрбит олус долгуйа, ытыс тыаһынан көрүстүлэр.
Итиэннэ Изабелла Николаева, Айталина Винокурова-Цыпандина уонна Жанна Ксенофонтова эбээн национальнай таҥаһын кэтэн олохтоохтору кытары хаартыскаҕа түстүлэр, оскуола үөрэнээччилэрин кытары көрүстүлэр. Испэктээкиллэри уһуйаан оҕолоруттан ытык кырдьаҕастарга тиийэ иһийэн олорон көрдүлэр, “уһуннук кэлиэ этигит” диэн сайыһа хааллылар. Орто Халымаҕа күн-дьыл туруга уларыйа турар буолан, тыалырда даҕаны суолу-ииһи тибэн хаайтарыы буолар кутталланар. Онон театр труппата үгүс нэһилиэктэргэ биирдии эрэ күн сылдьарга күһэлиннэ.
Сыбаатай бөһүөлэгэр олохтоохтор волейболга күрэхтэһии тэрийэн, Алаһыай өрүскэ киллэрэн быраҥааттаны балыктыыр көрдөрөн умнуллубат түгэни бэлэхтээтилэр.
Орто Халыма улууһугар Сааскы гастролларбыт кулун тутар 8 күнүгэр түмүктэниэхтэрэ.
Тааттаҕа
Илья Стручков салайааччылаах гастрольнай биригээдэ талыы-талба Таатта улууһун олохтоохторугар Былатыан Ойуунускай “Оҕо куйуурдуу турара”, “Өйдөөх оҕо”, “Уустук түҥэтик”, “Омуннаах оҕо”айымньыларынан “Оҕоҕо баҕарбыт” уонна Карел Чапек “Ийэ” испэктээкиллэринэн гастроллуу сылдьар.
Гастрол кэмигэр театрбыт артыыстара олохтоох нэһилиэнньэни кытары көрсүһүүлэри тэрийэн, маастар-кылаастары көрдөрөн, ыччаты театры кытары билсиһиннэрэр үлэлэри ыыталлар. Оскуола үөрэнээччилэрэ гримнэнэн, көстүүм кэтэн араас уобарастарга холоннулар, сүрдээҕин астыннылар.
Илья Стручков, Саха театрын артыыһа, гастрольнай биригээдэ салайааччыта:
Карел Чапек “Ийэ” уонна Былатыан Ойуунускай “Оҕоҕо баҕарбыт” испэктээкиллэри көрөөччү олус сэргээн сэҥээрэн көрдө, олус истиҥник ылынна. Таатта сиригэр-уотугар тиийээт даҕаны Улуу убайбыт Былатыан Алексеевич Ойуунускай төрөөбүт алааһыгар үс буолан тахса сылдьыбыппыт. Ытык киһибит Зоя Петровна Багынанова буһарбыт алаадьытынан сир-дойду иччитин айах тутан сиэри-туому толорон көҥүл ылан, көрдөһөн Таатта улууһугар гастролбутун саҕалаабыппыт.
Гастроллар этэҥҥэ баран иһэллэр. Кыйы нэһилиэгэр ыытыллыбыт “Тыыннаах тыл” өрөспүүбүлүкэтээҕи ааҕыы күрэһигэр кыттыыны ыллыбыт. Таатта улуһун олохтоохторо айар куттаах, патриот дьон буолан, сиэр-майгы өттүгэр уопсастыбаннай хамсааһыҥҥа оҕолору, ыччаты түмэн үлэлии-хамсыы сылдьаллар эбит. Хас нэһилиэк аайы Айаммытын салгыыбыт, – диэн санаатын үллэһиннэ.
Үөһээ Дьааҥыга
Саха театрын гастрольнай биригээдэтэ Үөһээ Дьааҥы улууһугар Сиэн Өкөр «Сайылык», Валентин Красногоров “Таптаа, миигин таптаа” испэктээкиллэрин көрдөрө сылдьар. Үөһээ Дьааҥы улууһун ыалдьытымсах дьоно-сэргэтэ театрбыт артыыстарын ытыс үөһэ түһэрэн көрүстүлэр. Гастрол хаамыытын туһунан биригээдэ салайааччыта СӨ үтүөлээх артыыһа Иннокентий Луковцев иһитиннэрдэ:
“Гастролбут олунньу 20 күнүттэн Үөһээ Дьааҥы улууһун Сартаҥ диэн саамай уһук нэһилиэгиттэн саҕаламмыта. Нэһилиэктэр бэйэ-бэйэлэриттэн тэйиччи сытар буоланнар айаннаан иһэн айылҕа кэрэ көстүүтүн дьэҥкэтик көрөбүт, хотугу дьүкээбил суһумнуур уотун илэ көрөн үөрдүбүт. Хас биирдии испэктээкилбитин көрөөччүнэн толору саалаҕа оонньуу сылдьарбыт үөрүүлээх. Олохтоох дьону-сэргэни кытары истиҥник кэпсэтэн, оскуола оҕолоругар маастар-кылаастары биэрэн, гастролбут сүрдээх сэргэхтик баран иһэр. Санатар буоллахха, бу иннинэ 2016 сыллаахха Үөһээ Дьааҥы үс нэһилиэгэр сылдьан, испэктээкиллэри оонньообуппут. Кырыы сытар нэһилиэктэргэ сырыттахпытына көрөөччүлэрбит: “Өссө кэлээриҥ, биһигини, тэйиччи сытар бөһүөлэктэри умнубат буолуҥ” дииллэр. Үөһээ Дьааҥы улууһугар гастролбутун түмүктээн баран, Эбээн Бытантай улууһугар Кустуур, Дьарҕалаах уонна Саккырыыр нэһилиэктэригэр сылдьыахпыт”.
Саха театрын артыыстара Хотугу улуустар уонна Таатта нэһилиэктэрин кэрийэн, өтөрүнэн тиийбэтэх кырыы нэһилиэктэргэ ыалдьыттаан олохтоохтору сэргэхситэ, сүргэлэрин көтөҕө сылдьаллар.
Саха театрын сааскы гастролун өйөөбүт, тэрийсибит СӨ Бырабыыталыстыбатыгар, СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтигэр, улуус дьаһалталарыгар махтанабыт!
Үлэҕит-хамнаскыт таһаарыылаах буоллун,
Үтүө түмүктэринэн үрдүү-тэнийэ турдун,
Сыралаах үлэҕит сыаналанан,
Ситиһиилэр кэлэн истиннэр.
Уйгугут улааттын,
Соргугут соноотун,
Дьолуоҕут тубустун!
Былатыан Ойуунускай аатынан Саха театрын бары дьоно
+7 (999) 174-67-82