Саха төрүт култууратын туһунан кинигэлэр
Өбүгэлэрбит саҕаттан Үрүҥ тунах ыһыахпыт бэс ыйын 21-22 күннэригэр буолара. Ыһыахха күнү уруйдаан-айхаллаан көрсүү сиэрэ-туома ыытыллар. Үөһээҥҥи Үрүҥ Айыылар сиргэ саамай чугаһаан турар кэмнэрэ диэн бэлиэтэнэр.
Бу ураты суолталаах күҥҥэ сахабыт төрүт култууратын, үгэстэрин сырдатар “Айар” кыһа таһаарбыт үйэлээх кинигэлэрин кытта билиһиннэрэбит.
“Ысыаху в благословенной долине Туймаада – 25”. Кинигэҕэ Туймаада хочотун ытык сиригэр Үс Хатыҥҥа ыытыллар ыһыах тэрийиитигэр төрүт үгэспитин үйэтитии, сайыннарыы туһунан элбэх киэҥ хабааннаах ыстатыйалар киирдилэр.
Былыр-былыргыттан ыһыах күн фольклор араас көрүҥэр күрэхтэр тэриллэллэр. “Саха фольклора: таабырын, өс хоһооно, чабырҕах, алгыс, остуоруйа, үһүйээн, номох” диэн кинигэҕэ саха фольклорун саамай сүмэтэ таҥыллан киирдэ: үһүйээн, номох, остуоруйа, чабырҕах, алгыс, өс хоһооно, таабырын. Ону сэргэ, QR куоду туһанан В. Исаков толоруутугар “Эрчимэн Бэргэн” олоҥхо бастакы чааһын истиэххэ сөп.
Сахалыы, нууччалыы, английскайдыы үс тылынан суруллубут “Мир Саха: народное искусство” кинигэҕэ уһук хоту олохтоох, тыйыс айылҕалаах сиргэ төрүт култууратын сатаан дьүөрэлээн айар-тутар саха норуотун айымньылаах үлэтэ көстөр. Киирбит матырыйааллар төрүт үгэскэ олоҕурбут классика холобурун быһыытынан биллэллэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтин түмэллэрин эриэккэс экспонаттара, былыргы хаартыскалар, уруһуйдар өбүгэлэрбит тустарынан элбэҕи кэпсиэхтэрэ.
Россия норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин сылын түмүгүнэн биэс бастыҥ кинигэлэр ахсааннарыгар киирбит “Кыһыл көмүс” диплом хаһаайына, уонна да атын Россиятааҕы, норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах кинигэ куонкурустарыгар кыайыылаах тахсыбыт Борис Федорович Неустроев-Мандар Уус “Саха ойуута-бичигэ=Узоры и орнаменты Саха” кинигэтэ. Бу альбомҥа өбүгэлэрбит маска, туоска, таҥаска уонна көмүскэ түһэрбит ойуулара түмүллэн киирбиттэрэ кэлэр көлүөнэбитигэр боччум бэлэх буолар.
“Саха ыалын бастыҥ кинигэтэ” хомуурунньук аныгы саха ыалыгар сүбэ-ама, көмө буоллун диэн, төрүт култуураны уонна төрүт үөрэҕи чинчийээччилэр үлэлэриттэн таҥыллан оҥоһуллубут. Омук быһыытынан уратыбытын көрдөрөр, өбүгэлэр үйэттэн үйэҕэ, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллибит үгэстэрэ, олоххо-дьаһахха үөрүйэҕэ, өйүн-санаатын сүмэтэ түмүллбүт хомуурунньуга бүгүҥҥү саха ыалыгар күннэтэ туһанар кинигэтэ буолуоҕа.
«Алгыстар. Эн көмүскэллэриҥ» диэн саҥа тахсыбыт кинигэ хас биирдии саха киһитигэр баар буолуох тустаах. Ааптар — профессор, суруйааччы, норуот эмчитэ, саха Аар Айыы итэҕэлин, былыргы медицинатын, этнографиятын, араас сиэри-туому, алгыстары, Доммнору, Аар Айыыларга үҥүүнү-сүгүрүйүүнү, араас биллибэт кистэлэҥнэри уһулуччулаахтык билээччи уонна чинчийээччи Улуу Айыы Ойууна В.А. Кондаков суруйбут киһи күннээҕи олоҕор туттуллар 19 Доммноро күннэтэ алҕанарга, көмүскэл күүһү ыҥырарга дьоҕус кинигэ буолан таҕыста. Дьиэҕитигэр, айаҥҥа, үлэҕитигэр илдьэ сылдьан алҕанаргытыгар ананар.
Кинигэлиин сэргэ, “Айардыын” өрүү бииргэ киэҥ билиилээх, сайдыылаах буолуҥ! Сахабыт төрүт култуурата көлүөнэттэн көлүөнэҕэ кэпсэнэ турдун!
+7 (999) 174-67-82