Site icon SAKHALIFE

Саха Сиригэр самаан сайыммытын уруйдуур — айхаллыыр күммүт дьэ тосхойдо! 

       Туймаада туонатын олохтоохторун, ыалдьыттарын Үрүҥ Тунах Ыһыа5ынан бэйэм ааппыттан уонна Өрөспүүбүлүкэтээҕи Оһуохай түмсүү бука бары кыттыылаахтарыттан эҕэрдэ тылбын ыытабын!

      Бу күн этиллибит алгыс тыллара хас биирдии киһиэхэ тиийдин, үтүөнү, дьолу, эйэни эрэ аҕаллын!

       Эҕэрдэлээн туран, быйылгы сылы Арассыыйа аҕа баһылыга Владимир Владимирович Путин “Дьиэ кэргэн сылынан», Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев “Оҕо сылынан” биллэрбиттэрэ, онно олоҕуран, ону өйөөн туран  Оһуохай Түмсүү 2024 сыллааҕы Туймаада Ыһыаҕын Оһуохай күрэһин “Дьиэ кэргэн уонна Оҕо сылыгар” бу күрэһи ааттаан быһааран ыытарга туруннубут, бу күрэскэ баай тыллаах – өстөөх, кыттыан баҕалаах этээччилэри Улуу Туймаада ОҺуохайын сүрүн кыайыылааҕы быһаарар күөн – күрэскэ ыҥырабыт!

     *Ыытыллар кэмэ, миэстэтэ:*

Бастакы күн — Бэс ыйын 29 күнүгэр, күнүс икки чаастан – түүн күн  көрсүүтүгэр дылы буолар, Дьокуускай куорат, Үс Хатыҥ, төрдүс нүөмэрдээх “Оһуохай” түһүлгэтигэр (Киин түһүлгэ аттыгар турар).  

Иккис күн – Бэс ыйын 30 күнүгэр, түмүктүүр чааһа уонна “Көҥүл оһуокай” буолар, Дьокуускай куорат, Үс Хатыҥ,  төрдүс нүөмэрдээх “Оһуохай”  түһүлгэтигэр, сарсыарда 11 чаастан күнүс 15.00 чааска дылы. 

*Сыала – соруга:*  Оһуохайы уус – уран айымньыы быһыытынан бөҕөргөтүү;

 -Төрүт үгэстэри дьоҥҥо, ыччакка тарҕатыы, куһаҕан тыыннаах сабыдыалтан тэйитии;

— Былыргы Ытык Оһуохай алгыс тылларын сөргүтэн, умнуллан эрэр духуобунай күүһүн бөҕөргөтүү.

— Саха дьонун кутун – сүрүн алгыстаах тылларынан чөлүгэр түһэрии

*Кыттааччыларга быһаарыы, күрэс хайдах буоларын — быйылгы сылтан жеребьевка саҥа ньыманан ыытыллыа*  

Үс группа баар буолуо: 

*Бастакы* – Саха сирин “Аар Дархан уонна Дархан этээччилэрэ” туспа маҥнайгыннан жеребьевканы тардыахтара уонна бастакынан саҕалыахтара 

*Иккис* — Саха сирин “Үтүөлээх этээччилэрэ” уонна улуустар, нэһилиэктэр “Дарханнара” тэҥинэн нүөмэрдэрин таланнар түһүлгэҕэ салгыы киириэхтэрэ   

*Үһүс* — Үрдүк аата суох этээччилэр, нүөмэрдэрин туспа тардыахтара уонна түһүлгэни салгыы ыытыахтара   

     — Күрэс аһаҕас ким баҕалаах кыттар, взноһа 500 солк. биирдии кыттааччыттан. 

    — Кыттааччы сайаапкатыгар ирдэнэр –  толору аата суола, паспорын нүөмэрэ, прописката, паспорын хаһан хантан ылбыта уонна төлөпүөнүн нүөмэрэ, ИНН нүөмэрэ, сайаапкаҕытын бу ссылканан киирэҥҥит толорон регистрацияланаҕыт: (https://docs.google.com/forms/d/e/1FAIpQLScjae7xeR5YyCBtrDNPfL3tD96v5dJnhFWqBI50BhGz7LcUFw/viewform?usp=sf_link)

    — Сайаапкаҕытын уонна взноскутун үөһээ ыйыллыбыт ссылканан киирэн ыытаҕыт. Сайаапкатын эрдэ толорон ыыппыт этээччи списокка киирэн иһэр. 

    — Этээччи уҥа – хаҥас өттүгэр кынат дьонун бэйэтэ булар. 

    *Быйылгы Туймаада Ыһыаҕар 2024 с.* Бастыҥ этээччи аатын, (Гран–При хаһаайыннара) Үс бастыҥ этээччилэр буолуохтара уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Дархан этээччитэ диэн үрдүк аатын сүгүөхтэрэ.

— Биэс сылга биирдэ буолар  Саха сирин “Дархан этээччилэр” күрэстэригэр, Саха сирин “Аар Дархан этээччини” быһаарар күрэскэ – *“Улуу Туймаада ыһыаҕар”* Саха сирин “Дархан этээччилэрэ” ким хаста кэлэн кыттыыны ылан, миэстэлэспитэ Саха сирин “Аар Дархан этээччи” буоларыгар учуоттанар 2027 сылга буолар күрэскэ. 

    — Этээччи этэр бириэмэтин дьүүллүүр сүбэ чилиэттэрэ миэстэтигэр быһаарыахтара.

    *Кыайыыны быһаарар ирдэбиллэр:* 

— Этээччи хоһуйуутун ис хоһооно, уус-уран тыла, амарах алгыс тыла, үтүө дьайыылаах хоһооно.

— Этээччи куолаһа чуора-кэрэтэ, түһүлгэни тутара, сахалыы таҥаһа-саба, сиэри-туому тутуһуута, хамсаныыта. 

— Оһуохай түһүмэхтэрин тутуһуу (туойан саҕалааһына, хаамтарыыта, көтүтүүтэ, налытыыта)

— Саха Түөлбэ оһуохайдарын билсии, үөрэтии, көҕүлээһин.

— Бэриллибит тиэмэтин тутуһуута

*Кыайыылаахтары наҕараадалааһын:*

— Күрэс түмүгэ бэс ыйын 30 күнүгэр Дьокуускай куорат, Үс Хатыҥар  төрдүс нүөмэрдээх “Оһуохай”  түһүлгэтигэр буолуоҕа, бөлөҕүнэн кыайыылаахтарга, бириистэр туттарыллыахтара.  Үс бастыҥ кыайыылаахтар, Саха сирин Дархан этээччитэ үрдүк аатын сүгүөхтэрэ. 

— Номинацияларынан бастыҥ этээччилэр быһаарыллаллар наҕараадаланыахтара уонна  ону таһынан бастыҥ кынаттарга диэн эмиэ туспа бириистэр туттарыллыахтара.

        Дьүүллүр сүбэ чилиэттэрэ этээччилэри миэстэтигэр көрөн, истэн сыаналыахтара баал туруоруохтара, бастыҥ этээччилэри талыахтара.

   Билсэр телефоннаргыт: 89142385487 – Тарский А.Л. 

                                 89141056326 – Макарова В.З.

                                  89644208370 – Яковлева С.Р.

         Сахабыт сирин олохтоохторо,  дьоно-сэргэтэ  

Өрөспүүбүлүкэбитин уруйдуур – айхаллыыр, алҕыыр тыллаах Оһуохайбытыгар кэлэҥҥит кынат буолан кыттыҥ, доҕор буолан холбоһуҥ!!! Кэлиҥ!! Кыттыҥ!! Дьоҥҥутун өйөөн!! Өбүгэлэрбит төрүт үгэстэрин быстыспат ситимин үйэлэргэ ааттатыҥ!

     Дом! Дом! Дом! 

   

Exit mobile version