Саха сирэ – Олоҥхо дойдута

Г А В Р И Л  К О Л Е С О В  П Л А К А Т А

      ,,Көрдүүр көмүһү булар”- диэн мэнээх этиллибэтэх быһыылаах,көрдөөн –көрдөөн     Бэҕэһээ – сэтинньи ый 8 күнүгэр 2024 сыл,эмискэ убайбыт Константин Аргунов – Саха омук төрүччүтүн үөрэтээччи ватсааптан Ярославскай аатынан музейыттан олоҥхоһут Гаврил Колесов плакатын буллум. Маннык плакат биһиэхэ өр кэмҥэ дьиэбитигэр истиэнэҕэ ыйанан турбута.

Дьокуускай 1956 сыл ыам ыйа Баатара нэһилиэгиттэн сылдьар эдэр ыччаттар; Бастакы ряд – Петрова Мотрена Прокопьевна, Колесов Гаврил Гаврильевич, Неустроева Маргарита Дмитриевна. Иккис рядкэ – Попов Климентий Егорович, Попов Михаил Васильевич – Ооттук, Емельянов Аполлон Федотович, Попов Петр Романович.

ОЛОҤХО САХАЛАР УОННА ААРЫЙДАР СИРДЭЭҔИ ЦИВИЛИЗАЦИЙА САҔАЛАНЫЫТЫН КЭПСИИР БАСТАКЫ ИЙЭ ТЫЛЛАРА.

    Мин тус олоҕум наһаа интэриэһинэй, улахан түһүүлээх — тахсыылаах, киһи бу Орто туруу баран дойдуга бэйэтин этинэн — хаанынан, өйүнэн — санаатынан өлөрү — сүтэри, эрэйи — муҥу биллэҕинэ эрэ, олоҕу таптыыр — сыаналыыр уонна дьиҥнээҕи көрдүүр буолар эбит. Ол курдук мин уон сыл устата (2009 — 2019) Табаҕа кытаанах режимнээх холуонньатыгар олорон, Олоҥхобутун, Биибилийэни уонна  наука улахан бүтэһик ситиһиилэрин (Юрий Мочанов 1982 сыллаахха Дириҥ үрэҕэр булбут саамай былыргы дьон олоҕун, генетик Вера  Фефелова ,,Предками якутов были Арии» кинигэтин уонна Дьааҥы хайаларын үрдүгэр сытар түҥ былыргы уу аалларын, болуоттарын…) үөрэтэн, барытын бииргэ сибээстээн, ,,Олоҥхо уонна Биибилийэ» диэн дьикти кинигэни, Иоанн Богослов уонна Апостол Павел эмиэ хайыы түгэҕэр сытан кинигэ суруйбуттарын курдук суруйдум. Уонна олох маннык дьикти түмүктэргэ кэллим:

  1. Киһи диэн эбисийээнэ сыдьаана буолбатах, оскуолаҕа үөрэппиттэрин курдук, кини киэн куйаартан кэлбит Аарыйдар сыдьааннара.
  2. Бу Сирбитин Аарыйдар баһылаабыттара, оҥорбуттара баара суоҕа 7532 (5508 + 2024) сыл эрэ буолбут, онтон күүстээх  улахан сайдыы саҕаламмыта баара суоҕа икки эрэ үйэттэн ордунна.
  3. Онтон биһиги кырдьаҕас Саха омуга хантан да куотан, күрэнэн кэлбэтэх, манна Сахабыт сиригэр олохтоох омукпут. Биһиги Сахалар сир үрдүгэр буолбут улахан имири эстии кэнниттэн муус үйэтин кэмигэр Саха сирин хоту өттүгэр ордон хаалбыт дьоммут — Аарыйдар сыдьааннарабыт.

      Биибилийэҕэ Бытие 11.1 кинигэтигэр ол иһин маннык сурулла сылдьар:

   ,,Нуой мотуогун — имири эстии кэнниттэн Сир үрдүгэр бүтүннүүтүгэр соҕотох норуот (Аарыйдар — Сахалар) уонна соҕотох тыл (Аарыйдар — Сахалар тыллара) эрэ хаалбыттара».

    PS: Сахалар тылларын — Аарыйдар тылларын ол иһин кэлиҥҥи кэмҥэ Аан дойду үрдүнэн улахан биллэр университеттэр сиһилии үөрэтэн эрэллэр.

САХА ТЫЛА — БУ БИҺИГИ ТҮҤ  БЫЛЫРГЫ УОПСАЙ

ӨБҮГЭЛЭРБИТ ААРЫЙДАР ТЫЛЛАРА.

     Биибилийэҕэ Бытие 11.7 кинигэтигэр суруллубут Нуой мотуогуттан — муус үйэтиттэн саҕалаан дьон тыллара буккулуор — норуоттар үөскүөхтэригэр дылы кэмҥэ итэҕэс баарын биһиги Олоҥхобут эрэ ситэрэн — хоторон быһааран кэпсиир эбит.

   Былатыан Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхото ол иһин маннык саҕаланар:

«Былыргы былдьаһыктаах дьылым

Быралыйар быраҕан мындаатыгар,

Урукку охсуһуулаах дьылым

Уларыйар улаҕа өттүгэр,

Алдьархайдар ааспыт дьылым

Аҥаарыйар анараа таһатыгар,

Орто туруу дойду

Отут биэс биис ууһа

Ол — бу улуус диэн,

Иннинэн сирэйдээххэ,

Иччээн эттээххэ

Иһиллэ илигинэ…»

    Онтон Ньургун Боотур хотуттан соҕуруу айаннаан, Дьааҥы хайаларын үрдүнэн көтөн испит суола биһиги өбүгэлэрбит Нуой мотуогун кэнниттэн көһөн барбыт хайысхаларын көрдөрөр;

,,Тус соҕуруу диэки

Туһаайа тутан баран

Тоҕус дохсун холоругу

Тоҕо ытыйан …- айанныыр.

Таас дьааҥылар

Тараахтаан хааллылар,

Күүрээннээх күлүмэх көтүү буолла.»

    /Хабырыыс Хаппыырын,,Олоҥхо туһунан оллоонноон олорон» диэн ыстыйаата ,,Илиҥ» сурунаал 2010 сыл 1 — 2 нүөмэрэ 54 — 59 страницата/.

    ӨЛҮӨНЭ ӨРҮС КИҺИ — АЙМАХ БҮТТҮҮНҮН ОЛОҔУН СУОЛА БУОЛБУТА.

   Бу кинигэбитин элбэх дьон биллин — көрдүн диэн нууччалыы уонна английскайдыы тылларынан бэчээттэн таһааран уонна интернеккэ анал сайттары (bogoslov-cnig.ru уонна abogoslov-cnig.com) арыйтаран тарҕатан эрэбин.

   Олох сотору кэминэн бу кинигэбитин Аан  дойду өйдөөх дьонноро булан, көрөн, үөрэтэн, билиннэхтэринэ — кинигэбит элбэх араас омук тылларынан бэчээттэнэн тахсан тарҕаныаҕа уонна Сир аныгы олохтоохторун сиэптэригэр укта  сылдьар саамай туһалаах — наадалаах кинигэлэрэ буолуоҕа.

   Дьэ оччоҕуна бу ,,Олоҥхо уонна Биибилийэ»— диэн уникальнай  кинигэбит,  улуу убайбыт Өксөкөлөөх Өлөксөй билиҥҥи көлүөнэ Сахаларга ,,Баараҕай баҕанаҕыт, суон дурдаҕыт, халын хаххаҕыт буолуоҕа» диэн этэн хаалларбытын курдук буолан эрэр.

 ДЬИҤНЭЭХ ТӨРДҮБҮТҮН — УУСПУТУН БИЛЭН, САХА БУОЛАРБЫТЫНАН КИЭН ТУТТУОХХАЙЫН!

   Алгыһы кытта Анатолий Богослов  ,,Олоҥхо уонна Биибилийэ» кинигэбит ааптара.

    Билсэр ватсаап 8984.113.77.07

    Сэтинньи ый 9 күнэ 2024 Дьокуускай куорат.

Подписаться
Уведомить о
guest
0 комментариев
Старые
Новые Популярные
Межтекстовые Отзывы
Посмотреть все комментарии
Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх