Саха норуотун миссията тугуй?

Бэс ыйа… Түптэ унаар буруота, һайдыыр-саттыыр саҥа, күөрэгэй дьырылыыр, кэҕэ этэр, сарсыардааҥҥы сиик тырымныы чаҕыла… Айылҕа барахсан ситэн-туолан киэркэйэн турар. Ыһыах. Саха сүрэхтээҕи долгутар, абылыыр, сүрэҕин-быарын сылаанньытар, сүргэтин көтөҕөр сырдык сыдьаай, үтүө дьайыы.  Ханна да сырыттар, ханна да хаамтар – саха Ыһыах ыһар!

Бэс ыйа. Үрүҥ тунах ыһыах – добун халлаан хаттыгаһыттан Үрдүк Айыылар Орто дойдуну иччилээн сылдьар иэгэйэр икки атахтаахха муҥутуур чугаһыыр кэмнэрэ.

Таиланд

Социальнай ситимҥэ Америкаттан, Канадаттан, Кытайтан, Турцияттан, Англияттан, Казахстантан, Таиландтан, Кореяттан о.д.а. сиргэ Саха Ыһыах ыһар хаартыскалара дэлэйдик субуллаллар. Олохтоох норуот бассаапка аан дойду араас муннугуттан кэлбит хаартыскалары көрөн ким эрэ сэргиир, ким эрэ сэтэриир.  Сэргээбиттэр, киэн туттубуттар быдан баһыйаллар.

Англия

2020 сыллааахха Саха сиригэр улахан уот турбутугар саха дьоно алыс аймаммыттара. Ол дьыл кыһыммыт кыһарыйбыт курдук тымныыта сүрдээх этэ, оттон сайыммыт өҥүрүк куйааһынан уотунан-буруонан тыыммыта. Сатахха сөмөлүөт көппөт, паром сылдьыбат буолан кэлэр-барар кыаҕы кыккыраччы быһан кэбиспитэ.

Ол саҕана интернети хаарчахтааһын өссө да суох эрдэҕинэ, эдэр ыччат сөбүлээн тоҕуоруһар ситимигэр – Инстаграмҥа (билигин РФ-ҕа бобуулаах) – кыраныысса таһыгар олорор сахалар түмсүүлэрэ сотору буола-буола быһа эфирдэри ыытара. “Сахадиаспора” биир биэриитигэр Сербияҕа олорор Лариса Реасовна Кулаковская (Өксөкүлээх сиэнэ) кыттыбыта. Онно кини маннык диэн тыллары эппитэ: “Мантан антах Саха сириттэн көһөр дьон элбиирэ буолуо. “Сахадиаспора” ол дьоммутугар көмөлөһөр курдук бэлэм буолуохтаахпыт”, – диэн. Ким билиэй оччолорго уот кураантан өссө улахан аймалҕан иһэрин. Баардаах киһи сыдьаана өтө көрбүт буолан таҕыста.

Турция

Итини сэргэ Лариса Реасовна кыраныысса таһыгар үлэлии-хамсыы сылдьар сахаларга туһаайан: “Дьылҕа хаан тоҕо биһигини омук сиригэр сирдээн аҕалбыта буолуой? Баҕар, Аан дойдуга САХА диэн баарын, кини төрүт култууратын, сиэрин-туомун, итэҕэлин тарҕаттыннар диэн буолуо дуу? Биһиги миссиябыт ол буолуо эбитэ дуу”,  – диэн элбэхтик толкуйдаабыт ыйытыытыгар хардарар курдук саҥарбыта.

Кыраныысса таһыгар тахсыбыт үөрэхтээх-хаардаах, элбэх билиилээх-көрүүлээх дьоммут саха култууратын кыра -кыралаан пропагандалаан саҕалаабыттара быданнаата. Исландияҕа олорор Күөрэгэй, Лондоҥҥа баар Татьяна Аргунова-Лоу, Сербияҕа олорор Лариса Кулаковская, саха тылын, култууратын үөрэтэр омук дьоно – американка Сьюзи Крейт, турок Умид Шахин, венгер Чаба Месарош о. д.а., ону таһынан элбэхтик айанныыр дьон саха итэҕэлин – духовнай-материальнай баайын эмиэ тарҕатааччы буоллулар.

Казахстан

Холобур, бэйэтин суотугар сэргэлэри туруорар Александр Павлов, (“Киэргэ”) барыта 20-ччэ сэргэни омук сиригэр туруорда. Хомусчут Кыыспыт Уутай саха музыкатын пропагандиһа. Итинник пассионарийдартан сиэттэрэн Аан дойду омуктара Хотугу муустаах байҕал хонноҕор  Куйаары кытары ситимнээн Үс дойдуну анаарар итэҕэллээх, аптаах-хомуһуннаах, илбистээх тыллаах, кистэлэҥ билиилээх саха диэн норуот баарын билэн, сэргээн, үөрэтэн, чинчийэн бардахтара, барыа да турдахтара.

“Пассионарий” диэн өйдөбүлү аатырбыт учуонай, тюрколог Лев Гумилев «Этногенез и биосфера Земли» научнай үлэтигэр ырытан турар. Дьон үксэ күннээҕи кыһалҕатын, аһын-таҥаһын толорунна да уоскуйар, онтон атыҥҥа наадыйбат, дураһыйбат буолар. Оттон сорох дьон ханнык эмэ идиэйэ – күүстээх ыра санаа туһугар хамсанан киирэн барар, тугу барытын кэрэйбэккэ толук ууран.  Оннук дьону Гумилев “пассионарийдар” – олоҕу хамсатар дьон диэн быһаарбыта.

Лев Гумилев пассионарность Куйаар энергиятыттан ситимнээх диирэ. Куйаар сүдү энергията Сир шарын ханнык эмэ миэстэтигэр түстэҕинэ, онно олорор дьон туох да баламат күүстээх энергияны иҥэринэн пассионарий буолаллар диэн суруйар. Оннук дьон урукку олоҕурбут бобууну-хаайыыны, хаарчаҕы үрэйэн олоххо саҥа тыыны, сайдыыны, уларыйыыны киллэрэллэр, кинилэр сөҕүмэр күүстээх энергетикалара мөлүйүөнүнэн дьон өйүн-санаатын уларытар, сүрэҕин уматар, сирдиир, батыһыннарар кыахтаах диэн.

История наукатын кандидата Афанасий Николаев “Саха кистэлэҥ билиитэ” үлэтигэр сахалар өбүгэлэрин – пассионарийдар диэн этэр. Саха сирэ – Сир шарын биир саамай күүстээх энергетикэлээх сириттэн биирдэстэрэ. Былыргы өбүгэлэрбит – пассионарийдар, Евразия материгын бары муннугар тиийэ киһи-амйахха дьиҥ билиини  – Айыы, Куйаар үөрэҕин тарҕата тарҕаммыттара, онтон миссияларын толорон баран дойдуларыгар төннүбүттэрэ. Ол уобараһа Эллэй Боотур уобараһыгар киирэн уос номоҕо буолан сылдьарын элбэх үөрэхтээх дьоммут сабаҕалыыллар. Онон буоллаҕына, Эллэй Боотур кэлии киһи буолбатах, кини тэлэһийэ сылдьан баран төрүт дойдутугар төннөн кэлбит саха буолуон сөп.

Андрей Кривошапкин-Айыҥа Атилла (Аат ыла, Атыллаах) түүрдэр биир бастыҥ пассионарий-баһылыктарын, ону сэргэ кэлиҥҥи Чыҥыс Хааны – саха хааннаахтара, кинилэр Үрүҥ былааҕы – Үрүҥ  Айыы Итэҕэлин икки атахтаахха тарҕатааччы этилэр диэн суруйар.

Өскөтүн билигин Халлаан Орто дойдуга чугаһыыр сирэ  – Саха сирэ диир буоллахтарына, саха норуота – пассионарнай миссията эмиэ эргиллэн кэлбитэ буолуо дуо? Ол иһин биһиги дьоммут, ыччаппыт Аан дойдунан тарҕанан төрүт култуураларын, сиэрдэрин-туомнарын – итэҕэллэрин тарҕатар кэмнэрэ эргиллиннэҕэ?  Мээнэҕэ ыраах ыырынан сатыы хааман Аан дойдуну сөхтөрөр, улахан түһүлгэлэргэ сүүрэр, тустар, ыллыр-туойар, үлэлиир-хамсыыр сахалар баар буолбуттара буолуо дуо? Бу барыта Аан дойдуга Саха баарын билиһиннэрэр хамсаныы буолуон сөп – дьиҥ билии –  итэҕэл (вера, религия буолбатах) тарҕанарыгар, өй-санаа сахатыйарыгар.  Сахатыйыы – Киһи Киһитэ буолуу.

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх