Саха киһитигэр тыа олоҕо үчүгэй
Сиэйэ Уола-Виктор Иванов бүгүн суруйбут хоһоонун ыытта. Билэрбит курдук, кини Мэҥэ Хаҥалас улууһун биир кырыы бөһүөлэгэр Хаатылымаҕа олорор. Быйыл бэһис кырачааннанан, дьоллоно сылдьар, дьиэтигэр-уотугар үлэлиир-хамсыыр, оҕолорун кытта бодьуустаһар, уолаттарын кыралаан булка-балыкка уһуйар. Тэлгэһэтигэр балаҕан туттан, уһанар дьиэ оҥостон, тыа киһитин сиэринэн күннээҕи түбүктэн ордубат. Саха эр киһитин быһыытынан, уһанан саҕалыыр саналаах.
Дьиэтиттэн улаханнык тэлэһийбэт. арай дэҥҥэ өрөбүллэргэ куоракка киирэн кэнсиэрдэргэ кыттар. Сороҕор улуустарга, ардыгар Саха сирин тас өттүгэр да ыҥырыынан тиийбитин истэбит. Эһиги болҕомтоҕутугар, Сиэйэ Уолун саҥа хоһооно, баҕар, сотору кэминэн ырыа буолан Саха сирин тилийэ көтүө!
ТЫА ОЛОҔО ҮЧҮГЭЙ!
Тыа олоҕо үчүгэй!
Ыксал-тиэтэл манна суох,
Кэми сырсыы эмиэ суох,
Ол эрэн түбүгэ суох күн суох,
Аа-дьуо сылдьар тэҥэ суох.
Тыа олоҕо үчүгэй!
Арыт көрдөөх-бэһиэлэй,
Ууну-хаары былдьаһар
Айдааннара аччыгый,
Ыты-куһу бэйдиэ ыытан
Араллааннара кыракый.
Тыа олоҕо үчүгэй!
Ытык сүбэһит кырдьаҕастаахпыт,
Кэпсээҥҥэ киирбит айылҕалаахпыт,
Туохха да биэрбэт дойдулаахпыт –
Ол иһин биһиги дьоллоохпут!
СИЭЙЭ УОЛА, 26.12.2022 с.
+7 (999) 174-67-82