erid:2VtzqxcRMof
Хас биирдии омук төрдүн-ууһун, силиһин билиэн баҕарар. Саха хантан хааннааҕын, кимтэн төрүттээҕин хас эмэ үйэ тухары үгүс чинчийээччи, историк, суруйааччы үөрэтэр, араас сабаҕалааһыннары дьон дьүүлүгэр таһаарар. Оттон XX үйэ 30-с сс. суруллубут – биллэр учуонай, этнограф Гавриил Васильевич Ксенофонтов «Урааҥхай-сахалар» сүҥкэн суолталаах үлэтэ күн бүгүн даҕаны билимҥэ суолтатын сүтэрбэт.
Гавриил Ксенофонтов бу фундаментальнай үлэтин бастакы эрэ туома күн сирин көрбүтэ. Иккиһэ сүтэриллибит, көстө илик. Чинчийээччи сахалар төрүттэрин уонна Өлүөнэ эбэ кытылыгар, биһиги эрабыт маҥнайгы үйэлэриттэн саҕалаан, хас эмэ долгунунан көһүүлэрин туһунан түөрүйэлэри ырытар. Саха олоҕун-дьаһаҕын, үгэһин, былыргы номохторун, сэһэннэрин үөрэтэн, урааҥхай-сахалар диэн уопсай ааттаан, маҥнай хууннартан төрүттээх таба көлөлөөх хотугу сахалар олохсуйбуттар, онтон Бүлүүгэ уонна Өлүөнэ эбэ орто сүүрүгэр олохсуйан бүтүн саха норуота үөскээбитэ диэн бэйэтин сабаҕалааһынын оҥорор. Дьиҥинэн, бу үлэ салгыы суруллан, бүтүн саха норуотун үөскээһинин төрүтүн толору ырытан үөрэтиэхтээх эбит. Хомойуох иһин, учуонай эрэпириэссийэлэнэн бу сүдү үлэтин толору оҥороро кыаллыбатах.
«Урааҥхай-сахалар» 1 -гы туома өр кэмҥэ бобуллан баран, 90-с сс. икки кинигэнэн тахсыбыта. Билигин ааҕааччылар, анал идэлээхтэр интэриэстэрин учуоттаан, бу күүтүүлээх, кэрэхсэбиллээх үлэ «Айар» кыһаҕа хаттаан бэчээттэннэ. Кэнчээри ыччакка, кэлэр кэскилгэ дьоһун суолталаах кинигэни ааҕыҥ диэн ыҥырабыт! «Айар» бары маҕаһыыннарыгар атыыга баар. Маҕаһыыннар аадырыстарын ayar.ru саайка көрүҥ.
Реклама. АО НИК «Айар» ИНН 1435328670