Ахсынньы 15 күнүгэр киэһэ Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар Доҕордоһууларын дьиэтигэр дьон-сэргэ, көрөөччүлэр – оҕолор, эдэрдэр, устудьуоннар, орто уонна аҕам саастаах дьоннор тоҕуоруһа мустубуттар. Кинилэр бука бары Сергей Афанасьевич Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатыра Саха аркыастырын артыыһа, «Кыл Саха» бөлөх солиһа, «Килбиэн» бөлөх салайааччыта Дьулустаан Никифоров бастакы айар киэһэтигэр кэлбиттэр. Бу улахан тэрээһин Саха аркыастырын 30 сыллаах үбүлүөйүн чэрчитинэн «Кыл дуораана» диэн ааттанан бэрт саҥатык, сэргэхтик, үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Киирэри кытары холлга Дьулустаан айар үлэтин сэһэргиир хаартыскаларынан быыстаапка турбут.
Быыс аһыллаатын кытары Дьулустаан Никифоров сүрүн дирижер Николай ПЕТРОВ муусукатыгар «Айыллыы” айымньыны кылга оонньоон көрөөччүлэрин турукка киллэрэн сааһылаата. Бу кэннэ Ил Түмэн судаарыстыбыннай мунньах култуураҕа уонна СМИ-га бэрэссэдээтэлэ Виктор Николаевич ГУБАРЕВ уонна култуура миниистэрин солбуйааччыта Марина Владимировна СИЛИНА үрдүк сценаттан Дьулустааны бастакы айар киэһэтинэн эҕэрдэлээтилэр, чиэстээтилэр.
Бу айар киэһэ сүрүн киһитэ, дьоруойа Дьулустаан Никифоров Ньурбатааҕы ускуустуба оскуолатын, Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан муусука кэллиэһин, Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба институтун выпускнига, 2017 сылтан Сергей Зверев — Кыыл Уола аатынан СӨ Үҥкүүтүн тыйаатыр аркыастырын артыыһынан үлэлиир.
Дьулустаан кэллиэскэ устудьуоннуур кэмиттэн төрүт дорҕоонунан үлүһүйэн барбыта. Инньэ гынан “Кыл Саха” төрүт дорҕоон бөлөҕөр киирэн айар үлэ үөһүгэр түспүтэ. Бу бөлөх (сал. Анна ТОМСКАЯ) Дьулустааны киэҥ далааһыннаах үлэҕэ кынаттаата. Бастакы айар киэһэтигэр “Кыл Саха” дьон-сэргэ биһирэбилин ылбыт “Саха матыыптара” айымньыны үрдүк таһымнаахтык толордулар.
Айар киэһэ биир кэрэхсэбиллээх түгэнинэн Дьулустаан мааны кыыһа, оҕото, араас күрэхтэр кыайыылаахтара кырачаан, кэрэчээн Туйаара НИКИФОРОВА саха ырыаларыттан попурри толоруута. Көрөөччүлэр кырачаан талааннаах оҕоҕо махтанан тохтобула суох таһыннылар.
Саха аркыастыра быйыл киэн далааһыннаахтык тэриллибитэ 30 сылын бэлиэтиир. Салайааччы уонна сүрүн дирижер – Арассыыйа култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Николай Павлович ПЕТРОВ. Үбүлүөйдээх сыл чэрчитинэн аркыастыр Бурятияҕа, Улан-Удэ куоракка улахан кэнсиэрдэри көрдөрдүлэр. Ааспыт театральнай сезоҥҥа аркыастыр Красноярск куоракка идэтийбит норуодунай, национальнай аркыастырдар “Стихия звука” бэстибээлигэр үрдүк ситиһиилээхтик кыттыыны ылбыта. Дьулустаан умнуллубат айар түгэнигэр аркыастыр Афанасий Моргусов “Таба күрэҕэ”айымньыны толордо.
Дьулустаан домраҕа, кылга, гитараҕа оонньуур, улахан тэрээһинигэр аан бастакытын айар үлэтигэр, хайысхатын кэҥэтэн, дирижер быһыытынан бэйэтин көрдөрдө. Кини кэрэ аҥара, музата, өйөбүлэ, иэйиитэ — Галина Кривошапко аатынан СӨ судаарыстыбыннай филармония хорун солистката Саргылана НИКИФОРОВА Виталий Андросов мел., Семен Данилов тыла «Маҥнайгы хаар», Степан Васильев мелодиятыгар, Толомон тылыгар«Ийэҕэмахтал» ырыаны төрөппүттэригэр: күн күбэй ийэтигэр Ольга Гаврильевнаҕа, айбыт аҕатыгар Гаврил Павловичка, ийэ кылыгар Анна Ильиничнаҕа махтанан туран ыллаата. Аркыастыры Дьулустаан Никифоров салайда. Көрөөччүлэр ытыс хабыллыар дылы тохтобула суох таһыннылар. БРАВО! БРАВО! БРАВО!
Дьулустаан айар киэһэтин иилээн-саҕалаан СӨ култууратын туйгуна, М.Н. Жирков аатынан музыкальнай кэллиэс уһуйааччыта, виртуоз-хомусчут, Аан дойдутааҕы, бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэр кыайыылаахтара Артур СЕМЕНОВ – Тоҥ Саха ыытта. Кини хомуска сыыйа тардан оонньообут айымньыта көрөөччү үрдүктэн үрдүк сыанабылы ылла.
Ааспыт ыйга, сэтинньигэ Ньурба куоратыгар Спиридон Васильевич ПЕТРОВ — ЧЫЫЧААХ «Оҕо Дьулаах бухатыыр» олоҥхотунан музыкальнай драма-олоҥхо норуот талба талааннаахтарын, уус-уран самодеятельность кыттыылаахтарын күүһүнэн ситиһиилээхтик, үрдүк таһымҥа сүрэхтэннэ. Бырайыак ааптара — Ньурба улууһун култуураҕа департаменын начаалынньыга Розалия Михайловна ТИХОНОВА буолар. Бу олоҥхо туруоруутугар, төрөөбүт дойдутун туһугар, бэйэтин тус кылаатын Дьулустаан Никифоров киллэрсэн тыыннаах доҕуһуол бөлөҕүн түмэн салайан уонна муусука ааптарынан буолан дьон-сэргэ биһирэбилин, махталын ылыан ылла. Дьулустаан бастакы кэнсиэригэр Ньурбаттан анаан-мэнээн айаннаан кэлбит Розалия ТИХОНОВА – Аан Алахчын Хотун, Арылхан МОЙТОХОНОВ – Кыыртык Абааһы, Валерий ПЛАТОНОВ — Оҕо Дьулаах Бухатыыр, Софья ФЕДОТОВА – Туналыкы Куо уобарастарын толору арыйан тойуктаатылар.
2018 сылга аркыастыр иһинэн «Дьол» аныгылыы муусука хайысхалаах бөлөх тэриллибитэ. Дьулустаан бу бөлөххө кыл кылыһахха, таҥсырга, гитараҕа оонньуур. «Дьол» бөлөх артыыстара Инна СКРЫБЫКИНА, Мария КОРОТОВА, Дьулустаан НИКИФОРОВ, Алексей САВВИНОВ, Альберт БРУСЕНИН үтүө тэрээһиҥҥэ «Сайын» композицияны толордулар. Солистка – Василена ШАРИНА — УЛАН. “Дьол” доҕуһуолунан Моисей Кобяков тылыгар уонна мелодиятыгар «Дьоллоох эбиппин» доҕорун айар киэһэтинэн эҕэрдэлээн “Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт” киинэ сүрүн геройа, Эстрада тыйаатырын артыыһа, ырыаһыт Иван КОНСТАНТИНОВ иэйиилээхтик толордо. Эдэр ыччат, көрөөччүлэр биир кэм тохтообокко таһыннылар, тэҥҥэ ыллаһа олордулар.
2023 сылга аркыастыр иһинэн эдэр эрчимнээх «Килбиэн» бөлөҕү Дьулустаан НИКИФОРОВ тэрийбитэ. Бөлөх састаабыгар Василена ШАРИНА — УЛАН, Алексей САВВИНОВ, Альберт БРУСЕНИН бааллар. Бу бөлөх толоруутугар «Хотугу тыын» композицияны – солистка Василена Шарина — Улан ситиһиилээхтик толордулар.
Дьулустаан Никифоров өссө биир талаана кини мелодия айар, кэргэнэ Саргылана ырыа тылын суруйар. Эдэр айар куттаах ыал «Алыптаах эҥэр», «Сүдү күүс» ырыаларын Саргылаана “Килбиэн” бөлөх доҕуһуолунан ыллаата.
Аранжировщик Егор НАЗАРОВ аныгылыы тэтимигэр «Ситим» айымньыны кыл кылыһахха – Дьулустаан Никифоров толоруутугар М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу Илиҥҥи федеральнай университет Ньургун ИНДЕЕВ үҥкүү салайааччылаах “Уран” үҥкүү бөлөҕө толордо.
Кэнсиэргэ СӨ култууратын туйгуна, Юрий Платонов аатынан Эстрада тыйаатырын солистката – АМГАЯНА Екатерина Захарова мел., Күннүк Уурастыырап тыла «Дьөhөгөй оҕото» ырыаны көрөөччүлэргэ бэлэх уунна.
Дьулустаан Никифоров Анастасия АЛЕКСЕЕВА, Василий НОВОПРИЕЗЖАЙ, Кэскил БАИШЕВ ырыаларын доҕуһуолун бэйэтин кыл кылыһах үнүстүрүмүөнүнэн дорҕоонунан киэргэтэр, саха аныгы муусукатын төрүт дорҕоонунан ситимниир. Кэскил Баишев толоруутугар “Суол дуораана” ырыаны көрөөччүлэр күүскэ ылыннылар, биир кэм тохтообокко таһыннылар.
Адыл Искаков «Кыл — Уус» композициятын кыл кылыһахха – Дьулустаан Никифоров толоруутугар Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатырын артыыстара уустар үҥкүүлэрин толордулар.
Георгий СЛЕПЦОВ – ЧА5ЫЛХАН уонна Дьулустаан НИКИФОРОВ наар саҥаттан саҥа нүөмэрдэри айаллар. Бу сырыыга Collab «Khomus&Kyl» айымньыны иккиэн тэтимнээхтик толордулар.
«Кыл дуораана»диэн ааттаах Саха аркыастырын артыыһа, «Кыл Саха» бөлөх солиһа, «Килбиэн» бөлөх салайааччыта Дьулустаан Никифоров бастакы айар киэһэтин Дьулустаан Гаврильевич Ньурбаттан, Хаҥаластан, Дьокуускай куораттан кэлбит отуттан тахса уһуйуллааччыларын, үөрэнээччилэрин, утумнааччыларын кытта түмүктэннэ. Кини кыл кылыһахха бу сылларга элбэх киһини уһуйда, кыл струналаах кырыымпа дорҕооно дуораһыйарыгар толорооччу да, уһуйааччы да быһыытынан бэйэтин кылаатын киллэрэ сылдьар. Дьулустаан Никифоров айымньылаах үлэтэ кыл-кылыһах, кыл дуораана сайдарыгар, тарҕанарыгар ананар.
Кэнсиэр кэнниттэн Дьулустааны Үҥкүү тыйаатырын дириэктэрэ Александр АЛЕКСЕЕВ, сүрүн дирижер Николай ПЕТРОВ, төрөөбүт Ньурбатын дьоно-сэргэтэ, доҕотторо-атастара, биир идэлээхтэрэ, аймах-билэ дьоно э5эрдээтилэр.
Ыстатыйаны суруйарбар Анна Томская суруйбут сценарийын туһанным.