Сүдү киһи тыһыынчалар уонна үйэлэр кирбиилэригэр олорон, үлэлээн ааста
Владимир Алексеевич КОНДАКОВ 1939 сыллаахха сэтинньи 17 күнүгэр Бүлүү улууһун Дьөккөн нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Оҕо сааһын саамай сырдык өйдөбүллэрэ Сэмэн Уус диэн ытык кырдьаҕаһы кытары ситимнээх. Бу кэми кини оҕо сааһын саамай дьоллоох уонна инники олоҕор улахан суолталаах кэмнэринэн ааҕара. Сэмэн Уус кыра киһи бүппэт ыйытыыларыгар, толору, дьоһуннаах эппиэттэри биэрэрин таһынан, Ытык хаҥаластар Ытык сэһэннэрин кэпсиир эбит. Бэйэтэ күннэтэ илин халлаан диэки хайыһан Аар Айыыларга үҥэр үгэстээҕэ. Кыра Володяҕа: «Үрдүк Таҥарабыт аата Үрүҥ Аар Тойон, барыта Уон Икки Аар Айыылар бааллар», — диэн үөрэтэрин, «Эн Дуоҕа Боотуртан хойутаан иһэр тохсус сүһүөх ыччат буолаҕын, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэр кырдьыктаах Ытык сэһэн быһыытынан Аар Айыы итэҕэлин саха норуотугар төнүннэрээччинэн эн буолуоҥ», — диэн элбэхтик, хатылаан кэпсээбит. Дьон-сэргэ сыыһа-халты хамсаныыларын, туттууларын, саҥаларын-иҥэлэрин тутатына этэн, быһааран биэрэн көннөртөрөр муударай кырдьаҕас эбит. Ону барытын Владимир Алексеевич төһө да кыра саастаах буоллар, умнубаттык өйдөөбүт.
Төрөөбүт нэһилиэгэр орто оскуоланы бүтэрэн, сэттэ сыл устатыгар колхуоска тыа сирин хара үлэтигэр бары көрүҥэр үлэлээбитэ, онно ылбыт сатабыла кэлин олоҕор улахан өйөбүл буолбута. Оскуоланы саҥа бүтэрбит сылыгар колхуоска күннэтэ ыраах дэлээнэттэн сүгэнэн мас кэрдэн сыарҕаҕа тиэйэн киллэрэрин кэпсээбитэ. Ону истэ олоорон: «Күүстээх, кыайыгас да эбит», — дии санаабыппыт. Билигин итинник үлэлиир ыччат суоҕа буолуо.
Биһиэхэ: «Илии үлэтэ киһи мэйиитин сайыннарар, толкуйдуурга үөрэтэр, эмчит илии үлэтиттэн аккаастаныа суохтаах,» — диэн этэрэ.
1967 сыллаахха Саха государственнай университетын историк идэлээх бүтэрбитэ уонна төрөөбүт улууһун Мастаах уонна Дьөккөн оскуолаларыгар директордаабыта. Сири-дойдуну, айылҕаны билэр баҕаттан хоту Дьааҥы улууһугар тиийэн Эҥэ уонна Арыылаах оскуолаларыгар директордаабыта, учууталлаабыта. Учуутал быһыытынан оҕолорго сөбүлэппитэ, историк буолан дойду историятын кытта сибээстээн нэһилиэк биллиилээх дьоннорун үөрэппитэ, айылҕа дьиктилэрин, дьон дьикти дьылҕатын ойуулуур түгэннэри урок быыһыгар сыһыаран кэпсиирин үөрэнээччилэрэ олус сөбүлээн хойукка диэри ахталлара. Түгэн көһүннэҕинэ маһынан да, тимиринэн да уһанара. Эдэр сылдьан байанайдаах булчут, Уус тыллаах, быдан былыргыны билэр сэһэнньит. Ыалдьытымсах, минньигэс астаах дьиэ кэргэн аҕата.
В.А. Кондаков — Саха Республикатын суруйааччыларын Союһун чилиэнэ, биллиилээх прозаик (үс улахан роман, алта сэһэн, уонунан кэпсээннэр, холбоотоххо 30 кинигэлэр автордара), лирик-поэт, үтүөкэннээх музыкант, сэдэх, ураты кэрэ куоластаах ырыаһыт, самодеятельнай композитор.
1968 сыллаахха Владимир Алексеевич инники дьылҕатыгар улахан суолталаах көрсүһүү буолбута. Ол туһунан: «Улуу ойууннуун көрсүһүү» диэн ахтыыны суруйан турар. Сити кэмтэн саҕалаан Үөһээ Бүлүү аатырбыт ойууна Георгий Герасимович ГЕРАСИМОВТАН көҥүл ылан, бэркэ кистээн эмтээһин эйгэтинэн дьарыктанан барбыта. Атын да эмчиттэр эмтиир ньымаларын үөрэтэрэ, норуот эмтээһинин боппуруостарыгар элбэх этнографическай, историческай матырыйааллары хомуйааһыны уонна системалааһыны ыыппыта. Улам, улам саха норуотун медицината кини олоҕор сүрүн миэстэни ылан барбыта. Өр кэмҥэ эмтээһин боппуруостарынан дьарыктаныы, тохтообот толкуйдар, анатыылаах идэ умсулҕаннаах тардыыта, элбэх көрсүһүүлэр, кэпсэтиилэр, быһаарсыылар, туруорсуулар, суруйсуулар түмүктэригэр 1990 сыллаахха Саха Республикатааҕы Норуот Эмчиттэрин Ассоциацията тэриллибитэ. Саҥа тэрилтэ Президенынан Владимир Алексеевич Кондаков талыллыбыта.
1991 сыл Владимир Алексеевичка Аан Дойду таһымыгар ситиһиилэри аҕалбыта. Олус уустук экзаменнары, конкурстары, тургутуулары ааһан аан бастакынан саха дьонуттан Аан Дойдутааҕы идэлээх гипнотизердар Ассоциацияларын чилиэнинэн ылыллыбыта. Кини Аан Дойду билинэр күүстээх гипнотизера буоларын 3 тыһыынча аан дойду араас омук ааттаахтарын иннигэр тахсан, ол дьону Үөһээ Дойдуга сырытыннартаан, сөхтөрөн көрдөрбүтэ уонна сахатын норуотун аатын ааттаппыта.
Саха ойууна туттар аба-хомуһуна научнай гипнозтан уратытын, наһаа күүстээҕин итэҕэтиилээхтик көрдөрбүтэ. Кэлин В.М. КАНДЫБАЛЫЫН 10-15 тыһыынча киһилээх улахан стадионнарга боруобаланан көрбүт. Ол кэмнэри Владимир Алексеевич олус кэрэтик санааччы, киэн туттааччы. Элбэх киһиэхэ ап-хомуһун күүһүн-күүдэҕин көрдөрөн бэйэтин ис кыаҕын, талаанын дьайар күүһүн биллэҕэ.
1998 сылга Норуот Эмтээһинин, Итэҕэлин Научнай-Чинчийэр «Үрүҥ Аар Тойон» общественнай тэрилтэни тэрийбитэ. Бу тэрилтэ бастакы научнай «Тайные силы мысли и слова» диэн ааттаах үлэтин Владимир Алексеевич оҥорбута. Ити научнай үлэтин иһин ЮНЕСКО ВАНМ иһинэн Владимир Алексеевич Кондаковка психологическай наука докторын аатын иҥэрбитэ.
«Ойууннааһын эйгэтин кистэлэҥнэрэ» диэн биэс чаастаах улахан үлэни суруйбута. Умнулла сыспыт Айыы ойууннааһынын чөлүгэр түһэриигэ, салгыы сайыннарыыга, үрдүк таһымҥа таһаарыыга сөҕүмэр улуу үлэни үлэлээтэ. Бэйэтэ улахан ойуун, ойууннааһын эйгэтин кистэлэҥнэрин суруйуута, сахалыы ойууннааһын уратытын эзотерика уонна оккультизм өйдөбүллэринэн быһаарыыта бу эйгэҕэ аан дойдуга бастакы улахан үлэ. Аан дойду үрдүнэн ойууннааһыны үөрэтиигэ дьоһуннаах кылааты Владимир Алексеевич Кондаков киллэрдэ. Кини аатынан, кини үлэлэринэн сахалар ааттара Аан Дойдуга биллиэ.
Саха норуотун күүс өттүнэн бобуллубут итэҕэлин — Аар Айыы итэҕэлин төннөрүүгэ сүҥкэн улахан үлэни ыытта. «Аар Айыы итэҕэлэ» — диэн алта чаастаах кинигэни суруйан, бэчээттэтэн таһаарда. Аар Айыы итэҕэлэ сокуонунан бигэргэтиллэригэр сүдү суолталаах үлэни оҥордо.
Бу кинигэлэргэ Аар Айыы Итэҕэлин Ытык сэһэннэрэ, Айыы ойууннааһына, Аар Айыы итэҕэлин туһугар ыар накаастабылы тулуйбут Аар Айыы итэҕэлин Ытык дьоннорун — Айыы боотурдарын туһунан суруллубуттар.
Сурулунна Аар Айыы итэҕэлин философията: Аан Дойду туһунан космологическай өйдөбүл. Аар Айыылар уонна Аан Дойду айыллыыта. Орто Дойду олоҕо уонна Аар Айыы итэҕэлэ.
Сурулуннулар Аар Айыы итэҕэлин каноннара:
1. Аар Айыы итэҕэлэ киһини Ийэ Айылҕа иһигэр сөпкө олорууга үөрэтиилэрэ. Аар Айыы итэҕэлин билинэр киһиэхэ, ити үөрэх сүрүн ирдэбиллэр курдук туруоруллаллар. Бу ирдэбиллэр «Аар Айыы Итэҕэлэ» суруйуу бастакы чааһыгар (Дь. 2003 с.) бааллар. Аар Айыы итэҕэлин уол оҕолорго уонна эр дьоҥҥо — 34, кыргыттарга уонна дьахталларга — 26, төрөөбүт сиргэ, Айылҕаҕа сыһыаҥҥа — 32, отчукка-масчыкка — 10, булчукка, балыксыкка -14, оҕоҕо, кырдьаҕаска, кыаммакка сыһыаҥҥа — 23, киһи киһиэхэ сыһыаныгар — 69, киһи сиэригэр-майгытыгар, тутта-хапта сылдьыытыгар — 100, Аар Айыы итэҕэлин бүттүүн баар дьоҥҥо, норуокка өйдөтүүтүгэр — 21 ирдэбиллэр сурулуннулар.
2. Үөһээ Аар Айыыларга үҥүү-сүгүрүйүү, көрдөһүү Доммо — 84.
3. «Аар Айыылартан көрдөһүү» — диэн улахан духуобунай поэма, толору Домм- Алгыс.
4. Улахан Ыһыах Алгыһа.
5. Айыы ойууна ыытар улахан сиэрдэрэ-туомнара, алгыстара элбэхтэр: эмтээһин, Айылҕаны алҕааһын, сылгы, ынах-сүөһү тардыыта, абааһы, атын дьон куһаҕан дьайыыларыттан алҕаан төлөрүтүү, уо.д.а.
6. Аар Айыы итэҕэлигэр уол оҕону иитии.
7. Аар Айыы итэҕэлигэр кыыс оҕону иитии.
8. Сурулунна Аар Айыы итэҕэлигэр Харысхал үөрэҕэ, бу үөрэх эдэр ыччаты Айыылыы үөрэтэргэ олус туһалаах.
Киһи уонна Бүппэт Улуу Куйаар икки ардыгар хардарыта дьайсыыга Харысхал үөрэҕэ — 17 ирдэбили, атын дьоҥҥо, омуктарга сыһыаҥҥа 12 сүбэни, киһи чэпчэки, солуута суох быһыытыгар 14 сэрэтиини, киһи куһаҕан эйгэҕэ тардыһыытын утары 23 сүбэни, киһи дьиэҕэ-уокка тутта-хапта сылдьыытыгар 39 сүбэни, бултааһыҥҥа 21 сүбэни суруйда.
Бу элбэх үлэнэн суруллубут эдэр ыччакка аналлаах үөрэх буолар. Маны эдэр ыччакка тириэрдии, олоххо киллэрии улахан туһалаах уонна булгуччулаах сорук буолуохтаах.
9. Айыы ойууна, сороҕун үчүгэй Алгысчыт ыытар 84 араас Алгыстары чуолкайдаан, бэрээдэктээн кыһалҕалаах дьоҥҥо көмөлөһөрдүү оҥордо.
Алгыс биһиги норуоппут улахан духуобунай баайа буолар. Аан Дойдуну кытары ситимниир, норуот инники кэскилин айар, оҥорор кыахтаах. Ол иһин Алгыс олоҥхоттон да үөһээ турар сүдү космическай күүс буолар, кэлэр кэмнэргэ Алгыс эрэ киһи аймаҕы быыһыаҕа. Алгыс диэн Бүппэт Улуу Куйаар күлүүс тыла. Алгыс аптаах, сайыннарар, эмтиир, быыһыыр күүстээх.
Владимир Алексеевич 1991-1996 сыллардааҕы Туймаада улахан ыһыахтарын алҕаабыта.
*Аар Айыы итэҕэлин үөрэҕиттэн*
Аар Айыы итэҕэлин сүрүн өйдөбүллэрэ, өрүттэрэ, тутуллара киһи бу Орто Туруу Бараан Дойдуга сөптөөхтүк олоруутун быһаарар тускуллара сүнньүнэн манныктар:
1. Киһи Ийэ Айылҕаҕа сөпкө дьүөрэлэһэн олоруута.
2. Айылҕа күүстэринэн эмтээһин уонна эмтэнии.
3. Аар Айыы итэҕэлин биир сүрүн үөрэҕинэн итэҕэл туһунан билиилэри эдэр ыччакка тириэрдии буолар.
4. Киһи киһиэхэ сыһыана Аар Айыы Итэҕэлин биир сүрүн үөрэҕэ буолар.
Бу кинигэлэр суруллуулара Саха норуотун дьылҕатыгар туох суолталаахтарый?
Бу кинигэлэр Саха норуотун Итэҕэлин Ытык кинигэлэрэ буолаллар.
Үрүҥ Аар Тойон Тыла сахаларга сурулунна, Үрдүк Таҥара Үөрэҕэ биһиэхэ саха дьонугар тэнийэр, тарҕыыр олуктара уурулуннулар. Үрүҥ Аар Тойон Айыы аймаҕын, Күн ууһун дьонун үтүө хараҕынан көрөн, Таҥара Үөрэҕин дьоҥҥо тириэрдэргэ Үрдүк аналлаах Уолун анаан ыыппыта, үһүс тыһыынча саҕаланыыта, саҥа үйэ кэлиитэ Аар Айыылартан анатыылаах Сүдү аналын толордо!
Сахаларга Саҥа Үйэ саҕаланна. Аар Айыыбыт Итэҕэлэ кэлэр суола арылынна. Тыһыынчанан да сылларга хатыламмат сөҕүмэр үлэни, улуу дьулуурунан Күн Уола Владимир Алексеевич Кондаков — Улуу Айыы Ойууна оҥордо.
Орто Дойдуга эргилиннэ Улуу Итэҕэл — Аар Айыы Итэҕэлэ!
Аар Айыы Итэҕэлэ сүппэт үйэлэннэ!
Аар Айыы Итэҕэлэ Айыылыы өйү-санааны норуокка киллэрэр кэмэ кэллэ!
Умнуллубут уһуктуо! Мөлтөөбүт күүһүрүө! Самныбыт саргыланыа!
Саха дьоно сүппэт дьылҕаланныбыт!
Аҕыйах ахсааннаах саха норуотугар уһулуччу талааннаах Сүдү Киһи тыһыынчалар уонна үйэлэр кирбиилэригэр төрөөн, үлэлээн ааста. Кини Аар Айыыларга арыйбыт Аартыга, сирдээбит Суола, суруйбут Билиилэрэ саха дьонун саргылаах сарсыҥҥыга аҕалыа диэн эрэниэҕиҥ!
Улуу Айыы Ойууна Владимир Алексеевич Кондаковка бар дьонуттан
Бараммат Махтал!
Аҕыс үйэни ааһар Айхал!
Тоҕус үйэни туоруур Тускул!
Уон үйэни уҥуордуур Уруй!
Домм! Домм! Домм!
+7 (999) 174-67-82