«Рядовой Чээрин» киинэни көрбүттэн санаалар
Биллэрин курдук, бу сэһэни фронтовик-суруйааччы Тимофей Сметанин суруйан хаалларбыта.
Бүттүүн норуот ытыктабылын, тапталын ылыан ылбыт, сүрүннээн көрдөөх киинэлэргэ уһуллубут артыыс уонна режиссер Аркадий Михайлович Новиков Тимофей Сметанин «Егор Чээрин» диэн сэһэнин киинэ устан дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрүөн олус баҕарара. Хомойуох иһин, киинэ сценарийыгар үлэ бара турдаҕына, Аркадий Михайлович бу орто дойдуга суох буолбута. Инньэ гынан, 2015 сыллаахха саҕаламмыт устуу матырыйаалыгар үс сыл буолан баран биирдэ төннүбүттэрэ. Хартыына продюсера Ньургун Иванов Дмитрий Кольцовка этии киллэрбитигэр, дьэ, үлэ хаамыыта сыҕарыйан барбыта.
Дмитрий Кольцов бэйэтэ бу киинэ режиссера, продюсера уонна киинэ дьоруойун – лейтенант Лобода – оруолун толорооччу. Дмитрий бэйэтэ реклама эйгэтигэр үлэлиир, режиссер быһыытынан кини бу бастакы холонуута буолар.
Киинэни көрө олорон, «Ама, бу биһиэннэрэ устубуттар дуо?!» диэн сөҕө-махтайа саныыгын. Олус элбэх үлэ барбыта тута сэрэйиллэр – ньиэмэстии диалогтартан саҕалаан окуопаларга, дэлби тэптэриигэ тиийэ. Бу диэн эттэххэ, актерскай састаабы киһи хайҕыан эрэ баҕарар – быстах эпизоттарга тиийэ бары оруолларын олус астыктык табыллан оонньообуттар. Дмитрий Кольцов интервьюга кэпсээбитинэн, кастиҥҥа кэлбит артыыс идэтэ суох дьону түмпүттэр. Онон киинэҕэ уһуллар баҕа санаа хайдах курдук чыпчаалга өрө таһаарыан сөбүн көрөн итэҕэйиллэр. Холобура, Рюллих, снайпер Шульц, лейтенант Лобода (Том Харди артыыска олус майгынныыр), Чээрин оруолларын бэртээхэйдик арыйаллар. Киинэ бүддьүөтэ баара-суоҕа 5,5 мөл. солк. Киинэ 70% CGI-графика көмөтүнэн оҥоһуллубут. Артыыстар халлаан күөх пуоҥҥа худуоһунньук-постановщик даачатыгар үксүн уһуллубуттар.
Сүрүн дьоруой оруолугар Аркадий Новиков Федот Львову ыҥырбыта биллэр, ол эрэн кини атын бырайыактарга кыттар буолан уһуллубатах. Инньэ гынан, кастиҥҥа бастакынан кэлбит Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар тыйаатырын артыыһа Айтал Степанов бу оруолга тутатына бигэргэммит. Режиссер көрдө-көрөөт, Чээриҥҥэ бу эдэр киһи барсарын билбит.
Манна даҕатан эттэххэ, «Рядовой Чээрин» уонна «Саллаат сүрэҕэ» киинэлэргэ Гернот Гримм быһаччы кыттыспыта таһымы өссө үрдэтэр. Гернот Саха сиригэр олорор ньиэмэс. Кини Рюллиҕы ньиэмэстии саҥардыбыта уонна «Саллаат сүрэҕэ» киинэҕэ эмиэ көстөр. Онон дьиҥнээх ариец оонньообута бэртээхэйдик ылыныллар.
Бу сэһэн экранизацията буолар эрээри сорох түгэннэр эбиллэн биэрбиттэрин өйдүүр тоҕоостоох. Киинэ быраабылаларыгар сөп түбэһиннэрэн сюжекка уларыйыылар киирбиттэр, сорох түгэннэри сытыырхатан биэрбиттэр. Онон «сэһэҥҥэ отой да итинник буолтабах этэ» диир табыгаһа суох)
Оператор уһулуччу үчүгэй үлэтин ордук бэлиэтиир тоҕоостоох. Каадырдара, былааннара уус-уран киинэҕэ буоларын курдук сөрү-сөптөр, туох даҕаны быһаҕас-итэҕэс суох. Хараҥаҕа уһуллубут каадырдар сырдатыылара үгүс үптээх улахан киинэлэргэ туруоруллубутун курдук бэртээхэйдик турбут. Чээрин уонна Шульц киирсиилэрин каадырдара олус табыллан уһуллубуттар.
Оператор-постановщик Айтал Никитин Култуура колледжын бүтэрбитэ, «Сахафильм» биир тутаах үлэһитэ. Кинини кытта Ыччат аан дойдутааҕы бэстибээлигэр 2017 сыллаахха Сочига көтөн иһэн сөмөлүөккэ билсибитим. Киинэ туһунан олус элбэҕи кэпсэппиппит. Ол саҕана кини иккис оператор быһыытынан ордук биллэр эбит буоллаҕына, билигин бэйэтэ устар буолбутуттан олус үөрэбин. Араас бырайыакка үлэлээн, онно-манна харса суох сүүрэн-көтөн уопутурбута тута биллэр. Айталга инникитин өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабын!
Киинэҕэ Кэнкэмэ, Покровскайдыыр, Бүлүүлүүр уонна Маҕанныыр трактар көстөллөр. «Снайпер саха» киинэҕэ анаан хаһыллыбыт окуопалар манна эмиэ туттуллубуттар.
Бу киинэни ордук уолаттар көрөллөрө буоллар. Идеология, өй-санаа, бутуллуу-булкуур кэмигэр маннык хабааннаах киинэлэр олус наадалар. Тэлэбиисэр холбоотоххо, дьон бэстилиэтинэн ытыалаһар, өлөрсүү, өһөрсүү… Эдэр киһи олоҕу көрүүтэ, олоххо сыһыана бу маннык халбаҥ кэмҥэ, эйгэҕэ олоҕурар. Оҕолорбут омук киинэлэрин, араас аралдьытар биэриини көрөн үтүктэллэр. Ыччат дьоммутугар тус олоҕу көрүү, сахалыы өй-санаа, сиэр-майгы, дойдуга таптал диэн баар буолуохтаах. Онуоха бу киинэ сүрүн дьоруойа олус үчүгэй холобур. Киниттэн элбэххэ үөрэниэххэ сөп.
Киинэ ис хоһооно – хас биирдии киһи дьоруой буолуон сөп, онуоха туох эрэ ураты дьоҕурдаах төрүүр наадата суох. Уустук кэмҥэ хорсун санааны уонна булугас өйү тутуннахха кыайыылаах тахсыахха сөбүн бу киинэ кэпсиир.
Маны таһынан, бу киинэ олоххо киирэригэр үбүнэн көмөлөспүт «Синет Сахавуд» киинэ уонна анимация сайдыытын пуондатыгар (сал. Арсен Томскай) махтаныаҕы баҕарыллар. Кинилэр өйөбүллэринэн, олохпут эргиирэ сырдык диэки эргийэр.
Дмитрий Кольцов эппитинэн, баҕар, киинэ салҕыыта кэлин уһуллуо. Онон бу курдук ыччакка туһуламмыт иитэр-үөрэтэр суолталаах киинэ иккис чааһын көрүөхпүт диэн эрэнэ күүтэбит.
Сэһэни Национальнай библиотека сайтыгар булан ааҕыахха сөп.
+7 (999) 174-67-82