Site icon SAKHALIFE

Розалия Бравина «Саха төрүт олоҕо» кинигэтэ сүрэхтэннэ

Төрүт култуура, ийэ тыл уонна фольклор киһиэхэ кута-сүрэ, уйулҕата, дьоҕура, ис күүһэ толору арылларыгар, бөҕөргүүрүгэр, сайдарыгар сүҥкэн суолталаах… Розалия Бравина «Саха төрүт олоҕо» кинигэтэ сүрэхтэннэ.

Алтынньы 16 күнүгэр Национальнай бибилэтиэкэ историческай саалатыгар «Саха төрүт олоҕо» диэн кинигэ биһирэмэ буолан ааста. Бу кинигэ туһунан ааптара устуоруйа билимин дуоктара, бэрэпиэссэр Розалия Иннокентьевна Бравина бэйэтин кэпсээниттэн сырдатабыт.

«Бу кинигэни суруйарга толору  бырааптаахпын уонна ытык иэстээхпин дии саныыбын..

90-с сылларга суверенитет саҕана национальнай оскуола кэнсиэпсийэтэ киирбитэ. Онно үөрэх министиэристибэтигэр улахан хамыыһыйа тэриллэн үлэлээбитэ. Ол хамыыһыйаҕа Михаил Петрович Алексеев-Дапсы, Суорун Омоллоон, Тэрис, Далан үлэлээбиттэрэ. Дьэ ол дьон биһиэхэ – үс киһиэхэ: педагогика билимин хандьыдаатыгар, доцеҥҥа Тамара Ивановна Петроваҕа, Мэҥэ Хаҥалас, Дьабыыл орто оскуолатын учууталыгар Илья Гаврильевич Баишевка уонна миэхэ төрүт култуура кэнсиэпсийэтин уонна бырагырааматын оҥорорбутун көҥүллээбиттэрэ. Ону оҥорбуппут уонна бу бырагыраама нуучча уонна саха оскуолаларыгар тэҥинэн бигэргэтиллибитэ.

Ону таһынан 1992 сыллаахха төрүт култуура факультета тэриллибитэ. Оччотооҕуга олус эдэр дьон үлэлээбиппит-хамсаабыппыт. 20 сыл үлэлээтим, ол тухары фольклор, культурология, култуура уонна искусство кафедраларын тэрийдибит.

Онон бу кинигэбин, бастатан туран, төрүт култуураҕа үөрэппит оҕолорбор анаан суруйдум. Үөрэппит оҕолорбуттан дьоһун дьон таҕыстылар. Ол курдук, Анатолий Бурнашев саха оскуолатын, уһуйаанын үлэлэтэр, Клавдия уонна Герман Хатылаевтар саха төрүт дорҕоонун аан дойдуга тарҕаталлар, Ангелина Файрушина Саха сирин гимнин айан-ыллаан ааспыта, биллэр үрдүк үөрэхтээх артыыстар таҕыстылар, Лэгэнтэй, Чыскыырай, Сиэйэ Уола уо.д.а.

Иккиһинэн, дьоҥҥо-сэргэҕэ анаан. Урукку тахсыбыт матырыйааллар киирдилэр диэххитин сөп. Ол эрэн бу 30 сыллааҕыта тахсыбыт матырыйааллары билиҥҥи дьон хасыһан булара уустук, онон биир сиргэ түмэн, чугас, илиилэрин анныгар баар буоллун диэн.

Уонна, биллэн турар, үгүстүк ыйытар араҥа – култуура уонна искусство дьоно буолаллар. Кинилэр тутуннуннар, онуоха тоҕоостоох буоллун диэн суруйбут кинигэм буолар.

Үгэс уонна археология бииргэ сылдьаллар уонна ыкса ситимнээхтэр. 2009 сыллаахха археология салаата арыллыбытыгар, 4 үлэһит буолан саҕалаабыппыт уонна сорукпут диэн саха археологиятын үөрэтии этэ. Хаһыыга сылдьарбытыгар фольклористар, устудьуоннар холбоһоллор. Ол сылдьан элбэҕи чинчийэбит, үөрэтэбит. Өссө да хас да кинигэ таһаарыахпыт диэн былааҥҥа баар…»

Бу саҥа кинигэҕэ саха олоҕун хаамыытын олуктара, аҕа-ийэ уустарын тутула, төрүт дьарыктара, дьиэни-уоту тэрийии, сиэр-туом, итэҕэл, нуучча таҥаратыгар сыстыыта, дьиэ кэргэн, таптал сыһыаннара сырдатыллар. Розалия Иннокентьевна кинигэтигэр бэйэтэ ордук тугу бэлиэтээбитин, кыбыстыбытын даҕаны, мунаарбытын даҕаны туһунан бу киэһэ истиҥник үллэһиннэ. Үөрэппит оҕолоро, бииргэ үлэлэспит үөлээннэхтэрэ, ааҕааччылара бу дьоро киэһэҕэ түмсэн ырыа, хомус истэн, эҕэрдэ махтал тылын этэн, үөрэн-көтөн тарҕастылар.

Розалия Иннокентьевнаҕа былааннара олоххо киирэллэригэр баҕа санаабытын этэбит уонна саха норуотун култууратыгар сүҥкэн кылаатын иһин барҕа махталбытын тиэрдэбит!

Exit mobile version