Уважаемые якутяне!
От имени Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) поздравляю Вас с наступающим Новым 2023 годом и светлым праздником Рождества Христова!
Наверное, нет на свете человека, который был бы равнодушен к новогоднему празднику. Мы все, как и в детстве, украшаем елку, загадываем желания, ждем немного волшебства, перемен к лучшему. Вот уже более трех столетий Новый год остается у нас в стране одним из самых любимых праздников. За это время произошло столько событий – счастливых и горестных, масштабных и малозаметных, радостных и драматических.
И мы, встречая Новый 2023 год, подводим итоги, ставим новые цели и задачи, продолжаем жить и строить ради счастливого будущего всей страны, ради наших семей и детей.
Пусть в наступающем году все наши желания сбудутся, а новый год принесет радость побед, достижений, благие вести. Пусть он станет временем новых свершений и созидания – Годом Труда!
Искренне желаю Вам и Вашим близким крепкого здоровья, благополучия, оптимизма и отличного настроения! Пусть новогодние и рождественские праздники будут наполнены радостью, душевной теплотой и сердечностью!
Председатель Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) А.И. Еремеев
Күндү биир дойдулаахтарым!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин аатыттан кэлэн иһэр 2023 сылынан уонна Ороһооспонон итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Саҥа дьыл алыптаах бырааһынньыгын күүппэт киһи, арааһа, суоҕа буолуо. Оҕо саас аптаах кэмигэр курдук, харыйабытын симиибит, баҕа санаабытын этэбит, туох эрэ дьиктини-кэрэни, сырдыгы-ырааһы эрэнэ күүтэбит. Саҥа дьыл бырааһынньыга үс үйэ устатыгар биһиги дойдубутугар биир саамай күүтүүлээх бырааһынньыгынан буолар. Ити кэм тухары үтүө да, мөкү да, киэҥ далааһыннаах да, бытархай да, үөрүүлээх да, хомолтолоох да үгүс түгэн буолан ааста.
Саҥа 2023 сылы көрсө, буоларын курдук, түмүк таһаарабыт, саҥа сыал-сорук туруорабыт, дойдубут саргылаах сарсыҥҥытын туһугар, дьиэ кэргэммит уонна оҕолорбут туһугар салгыы айабыт-тутабыт.
Үүнэр сылга баҕарбыт баҕа санааҕыт барыта туолуохтун, саҥа дьыл үтүөнү, сырдыгы эрэ түстээтин. Үүнэр сыл – Үлэ Сыла – кынаттаах кыайыыларга, саҥа саҕахтарга сирдээтин!
Чугас дьоҥҥутугар, дьиэ кэргэҥҥитигэр баҕарабын кытаанах доруобуйаны, үтүө туругу, самныбат саргыны уонна бары үтүөнү-кэрэни! Саҥа дьыл уонна Ороһооспо бырааһынньыктарыгар эһиги дьиэҕит үөрүүнэн-көтүүнэн, сылаас сыһыанынан, уостубат тапталынан туоллун!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ А.И. Еремеев