Поздравление Айсена Николаева с праздником Весны и Труда

Уважаемые якутяне!

От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично сердечно поздравляю вас с 1 Мая — праздником Весны и Труда!
Это весенний, радостный праздник для нас, когда заканчивается долгая зима, и природа просыпается. Праздник единения многонационального народа Якутии. Он воплощает наши самые светлые надежды, замыслы, планы, олицетворяет нашу главную общую цель — достойную жизнь каждому человеку через созидательный труд.
В этом году Первомай для нас особый — мы встречаем его в Год труда в Республике Саха (Якутия). Мы хотим, чтобы несомненная значимость Человека труда была оценена обществом по достоинству. Многие поколения наших предков трудились в этом суровом и прекрасном северном крае, чтобы сейчас наша республика была лучшей по многим показателям. 
С 2019 года Якутия занимает ведущие места в Российской Федерации и лидерство в ДФО  по объему валового регионального продукта и темпам промышленного роста. У нас созданы все условия для раскрытия потенциала и энергии человека труда. В Якутии  за последние годы сделано очень многое для создания новых рабочих мест, увеличения заработной платы трудящихся всех сфер экономики. Сегодня уровень безработицы в Якутии снизился до 5,8%, что является историческим минимумом с 2000 года.
Очень важно поднимать престиж человека труда. Накануне праздника 50-ти лучшим труженикам вручены ежегодные премии Главы республики «Человек труда». Эти люди своим неустанным трудом внесли значительный вклад в развитие родной республики! Мы высоко ценим лауреатов трудовой премии, и хотим, чтобы их пример вдохновлял всех жителей Якутии, учил трудиться наших детей. 
Мы гордимся тем, что у нас в республике есть два города трудовой доблести — Якутск и Алдан. Жители Якутии, наши отцы и деды, внесли огромный вклад в Победу нашей страны в Великой Отечественной войне, самоотверженный труд каждого и целых коллективов оценен по достоинству!
Якутяне всегда умели работать. Наши трудовые достижения и сегодня очень важны для страны, наших Вооруженных Сил, для всех тех, кто в ходе специальной военной операции противостоит нацизму. В условиях беспрецедентного санкционного давления недружественных стран якутяне своим трудом создают надежный тыл государства, повышают экономическую и оборонную мощь Отечества. Уверен,  мы сможем преодолеть все вызовы, которые стоят сегодня перед нами и наш мирный труд будет надежно защищен.
В этом году праздничные мероприятия у нас пройдут в формате встреч трудовых коллективов, торжественных собраний, конкурсов, культурных мероприятий и гуманитарных акций в поддержку участников специальной военной операции. В этот непростой период, когда наша страна защищает свое будущее, нам как никогда необходимы сплочённость, терпение и доблестный труд.
Дорогие друзья! В этот первомайский день желаю всем крепкого здоровья, благополучия и доброго весеннего настроения!

                       Глава Республики Саха (Якутия)                                                               А.С. Николаев

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев
Саас уонна Үлэ бырааһынньыгынан эҕэрдэтэ

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Ыам ыйын 1 күнүнэн – Саас уонна Үлэ бырааһынньыгынан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!
Айылҕабыт уһуктан, уһун кыһыммыт бүтэн, сааһы көрсөр үөрүүлээх бырааһынньыкпыт тиийэн кэллэ. Бу – элбэх омуктаах Сахабыт сирин норуотун сомоҕолуур, сырдык, ыраас ыра санаабытын, эрэлбитин, былааммытын олоххо киллэрэр, биһиги бүттүүн тутаах сорукпутун – хас биирдии киһи үлэтинэн-хамнаһынан уйгулаах олоҕу оҥосторун көрдөрөр кэрэ бэлиэ күммүт.
Быйылгы ыам ыйын 1 күнэ Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ сыла биллэриллибитинэн уратылаах. Биһиги Үлэ киһитин сүҥкэн суолтатын уопсастыбабыт сөптөөхтүк сыаналыырыгар баҕарабыт. Өрөспүүбүлүкэбит үгүс көрдөрүүлэринэн бастыҥнар ахсааннарыгар киирэрин туһугар биһиги хотугу тыйыс уонна кэрэ кыраайбытыгар үгүс көлүөнэ дьон үлэлээбитэ.
2019 сылтан эрэгийиэннээҕи баалабай бородуукта кээмэйинэн уонна бырамыысыланнай үүнүү тэтиминэн Саха сирэ Россия Федерациятыгар бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьар, Уһук Илиҥҥи Федеральнай уокурукка бастаан иһэр. Биһиэхэ үлэ киһитэ кыаҕын, эрчимин арыйарыгар усулуобуйа барыта баар. Кэнники сылларга Саха сиригэр экэниэмикэ бары эйгэтигэр үлэ саҥа миэстэтин таһаарарга, үлэһиттэр хамнастарын үрдэтэргэ үгүһү оҥордубут. Бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ үлэтэ суох буолуу 5,8% диэри кыччаата, бу 2000 сылтан муҥутуур намыһах көрдөрүү.
Үлэ киһитин өрө тутуу дьоһун суолталаах. Бу бырааһынньык иннинэ Ил Дархан сыллата ананар “Үлэ киһитэ” бириэмийэтэ 50 бастыҥ үлэһиккэ туттарылынна. Кинилэр сыралаах үлэлэринэн төрөөбүт өрөспүүбүлүкэлэрин сайдыытыгар дьоһун кылааты киллэрдилэр. Үлэ бириэмийэтин лауреаттарын үтүө холобурдара Саха сирин олохтоохторун үлэҕэ-хамнаска кынаттаатын, оҕолорбутун үлэлииргэ үөрэттин!
Биһиги Дьокуускай уонна Алдан – үлэ албан аатын сүгэр икки куораттаахпытынан киэн туттабыт. Саха сирин олохтоохторо, биһиги аҕаларбыт уонна эһэлэрбит Аҕа дойду Улуу сэриитигэр дойдубут Кыайыытыгар сүҥкэн кылааты киллэрбиттэрэ, оччотооҕу хас биирдии киһи, бүтүн кэлэктииптэр бэйэни харыстаммат күүрээннээх үлэлэрэ үрдүктүк сыаналаммыта.
Саха киһитэ үлэни кыайарынан биллэр. Биһиги үлэбит түмүгэ бүгүн даҕаны дойдубутугар, Сэбилэниилээх Күүспүтүгэр, анал байыаннай дьайыыга нацизмы утары охсуһар дьоммутугар ураты суолталаах. Дойдубутугар утары барар дойдулар туохха да тэҥнэммэт санкцияларыгар баттаппакка, Саха сирин олохтоохторо үлэлэринэн судаарыстыба эрэллээх тыылын оҥороллор, Ийэ дойдубут экэнэмиэкэтин уонна оборуонатын күүһүн бөҕөргөтөллөр. Бүгүн иннибитигэр баар бары харгыстары кыайыахпыт уонна эйэлээх үлэбит көмүскэллээх буолуоҕа диэн эрэнэбин.
Быйылгы бырааһынньыкка үлэ кэлэктииптэрин көрсүһүүлэрэ, куонкурустар, култуура тэрээһиннэрэ уонна анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар гуманитарнай акциялар ыытыллыахтара. Дойдубут кэскилин көмүскүүр уустук кэммитигэр биһигиттэн сомоҕолоһуу, тулуур уонна күүрээннээх үлэ ирдэнэр.
Күндү доҕоттор! Барыгытыгар чэгиэн доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну баҕарабын! Сааскы чаҕыл күн сүргэҕитин көтөхтүн!


                                       Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана                                 А.С. Николаев

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх