Потомки Кулаковского – народу саха
Өксөкүлээх Өлөксөй халыҥ аймахтара — Сахабыт дьонугар
Күндү-мааны биир дойдулаахтарбыт!
Айылҕабыт, алаһа дьиэбит бачча үлүгэр уокка былдьанар алдьархайдаах кэмигэр Сахабыт сирин дьонун кытары тэннэ айманабыт, хараастабыт. Биһиги, өйбүт-санаабыт, баҕа санаабыт биир эрэ – уоту тохтотуу.
Айылҕабыт билиҥҥи айманыытын Аан дойду үрдүнэн кыайа иликтэр. Грецияҕа буола турар баһаардары Европа алта судаарыстыбата кыттыһан умуллара сатыыр да, эмиэ кыаллыбакка турар.
Манна түмсүү, үтүө сыһыан эрэ быыһал-абырал буолар кыахтаах. Онон биир кыһалҕалаах, дьылҕалаах, төрүт сирдээх дьон түмсүүлээхпитин көрдөрөрбүт, үлэ бөҕө ыыта сылдьарбыт барыларыгар холобур буолар.
Ол эрэн ис атааннаһыы, хоп-сип, үөхсүү быһыыта-майгыта эмиэ баара барытын айгыратар, мөлтөтөр, иллээх турукпутун аймыыр. Бу баарын тухары уоппут уҕарыйыа суох. Айылҕабыт барахсан биһиги түмсүүлээхпитин, иллээхпитин тургутан көрөр. Хас биирдиибит хоммуллан, бары бииргэ буолуоҕуҥ. Кымаах да саҕа көмө туһалаах буоларын өйдүөҕүҥ.
Биһигини билигин атын дойдулар, норуоттар бары көрө, кэтии олороллор. Бүтүн норуот талан ылбыт бас киһибитин олоҕо суох киртитии, үөҕүү – сахалары барыбытын түһэн биэрэр хомолтолоох быһыы.
Билигин ким буруйдааҕын, сыыһалааҕын-халтылааҕын аахсар кэм буолбатах. Устан иһэр тыыбытын түөрэҥнэппэккэ биир санаанан иннибит диэки баран иһиэҕиҥ. Республикабыт салалтата кыаҕа тиийэринэн, күүһүн барытын уоту утары охсуһарга уурарын өйдүөҕүҥ уонна өйүөҕүҥ. Биллэн турар, Айсен Сергеевич эмсэҕэлээбит дьонун-сэргэтин хаалларыа суоҕа.
Сахабыт дьоно! Бэйэ өйүн-санаатын сүтэрбэккэ, кэнэҕэс кэми толкуйдаан, Ил Дархаммыт тула түмсэн, итэҕэйэн көмөлөһүөҕүҥ, чөл, бииргэ, буолуоҕуҥ диэн ис сүрэхпититтэн ыҥырабыт. «Сахалар түмсүүлээх, мындыр норуот эбит», — дэтиэххэйиҥ. Олоҕун норуотугар анаабыт улуу киһибит Өксөкүлээх Өлөксөй эппитинии: түмсүүлээх эрэ буоллахпытына: «Уобалас тухары ордук санатар улахан суолталаныахпыт», «Саха омук барахсан санаатын астыннарар киэргэллээх кэрэ ааппыт кэнчээри ыччат кэпсээнигэр киириэ».
+7 (999) 174-67-82