2021 год в Момском районе знаменателен юбилейными датами. Особенно хочется выделить одно мероприятие, посвященное 90-летию образования Момского района, 25-летию образования природного парка «Момский», 60-летию присоединения Улахан-Чистайского и Эселяхского наслегов.
Такое масштабное мероприятие не реализовалось бы без помощи и.о. главы Момского района Владислава Корякина, главы Улахан-Чистайского наслега Павла Мараказова. О реализации интереснейшего проекта говорил в свое время глава Момского района Иван Павлов, ушедший от нас так преждевременно…
В здании местной администрации юбилейные мероприятия открыла церемония обряда «Алгыс» под мелодичную песню о родной земле в исполнении Боковой Е.Н. – Отличника народного образования РСФСР, заслуженного учителя ЯАССР, отличника культуры РС(Я), Почетного гражданина Момского и Аллаиховского улусов, собирателя и пропагандиста культуры, языка, фольклора эвенского народа, члена Союза писателей России с целью удачного начала и завершения экспедиции в местность Хабдьылах Эселяхского наслега.
Церемонию обряда на эвенском языке провели педагог, мастер-умелец, ветеран труда РС(Я) З.С. Садовникова З.С., на якутском – директор музея В.А. Баишева. После завершения церемонии участники экспедиции: руководитель и автор проекта «По следам предков» ветеран труда, Отличник охраны природы РС(Якутия), отличник молодежной политики РС(Я), инструктор по туризму 4 категории, участковый инспектор природного парка «Момский» Владимир Стрекаловский, почетный работник автомобильного транспорта, ветеран автомобильного транспорта И.П. Тарков, мастер леса ГБУ «Индигирское лесничество» К.Н. Черемкин и Н.А. Слепцов на автомашине «Урал» выехали в местность Хабдьылах для установления мемориальной доски.
Несмотря на холод и отсутствие дороги цель экспедиции успешно выполнена, и ее участники благополучно вернулись домой. В Улахан-Чистайском музее истории и культуры эвенов им. А.М. Дегтярева для жителей наслега проведен отчет выполненной работы – продемонстирован видеоролик и фотоматериалы.
В 1930-х годах в Эселяхском наслеге, где проживали эвены не было ни одной жилой постройки, в 1935 году построено два дома, в последствии был образован поселок Хабдьылах. В том же году создан наслежный Совет, первым председателем был избран Слепцов Афанасий Иванович.
А теперь немного истории. В 1937 году товарищество «Чыскы» объединило 20 эвенских обособленных хозяйств, затем в 1940-м вместо товарищества «Чыскы» создается колхоз «Ворошилов». Первым председателем избран Слепцов Николай Иванович.
В 1957 году на основе постановления советского правительства об укрупнении колхозов в 1958-м колхозы «Коммунизм» Улахан-Чистайского наслега и «Ворошилов» Эселяхского наслега объединились. Председателем вновь образованного колхоза «Коммунизм» назначен Георгий Васильевич Тарабукин. В эти годы хозяйство окрепло, вошло в одно из крупных хозяйств республики. Поголовье составляло: 6264 оленя, 494 лошади, 212 голов крупного рогатого скота.
Первым открывателем по увековечению истории Эселяхского наслега является отличник образования РФ, ветеран просвещения РС(Я), заслуженный учитель РС(Я), член Географического общества России, член Союза писателей РС(Я), Почетный гражданин Момского района, краевед, энтузиаст, основатель эвенского народного музея, учитель истории Дегтярев Александр Михайлович.
В 1980 году Александр Михайлович вместе с учащимися школы возвели памятник первому эвенскому поэту, ученому Тарабукину Н.С. в местности Хабдьылах, а в 2010 году учителя Улахан-Чистайской школы возложили памятный знак.
Патриотические мероприятия, направленные на сохранение духовных и нравственных ценностей, воспитывают и углубляют знания подрастающего поколения о прошлом, укрепляя надежду на будущее.
Өбүгэлэрбит ыллыктарынан…
Муома оройуонун Улахан-Чыыстай нэһилиэгэр бу ааһан эрэр дьыл сэтинньи, ахсынньы ыйдарыгар «Өбүгэлэрбит ыллыктарынан» диэн улахан суолталаах тэрээһин Муома оройуона тэриллибитэ 90 сылыгар, Аан Айылгы «Муома» парката тэриллибитэ 25 сылыгар, Улахан-Чыыстай уонна Эһэлээх нэһилиэктэрэ холбоспуттара 60 сылыгар ананан ыытылынна. Тэрээһин ыытыллара оройуон баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Корякин В.В., нэһилиэк баһылыга Мараказов П.М. быһа көмөлөрүнэн туруоруммут сыалын-соругун толору ситистэ. Бэйэтин бириэмэтигэр бу тэрээһини өйүүрүн, хайаан да бу бырайыак туолуон наадатын биһиги улууспут баһылыга Иван Петрович Павлов этэн турар.
Сэтинньи 26 күнүгэр олохтоох администрация дьиэтигэр экспедиция кыттыылаахтарын атаарыыны иилээн-саҕалаан олохтоох библиотека сэбиэдиссэйэ СӨ култууратын туйгуна Таркова Т.Н. арыйда, «Алгыс» церемониятын Эһэлээх төрүт кырдьаҕас олохтооҕо РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, ЯАССР үтүөлээх учуутала, СӨ култууратын туйгуна, Муома уонна Аллайыаха Бочуоттаах олохтооҕо, Россия суруйааччыларын Союһун чилиэнэ Бокова Е.Н. дойдутугар анаан айан ыллаабыт ырыатыгар доҕуһуоллатан эбээннии педагог, норуот маастара, СӨ үлэ бэтэрээнэ Садовникова З.С., сахалыы олохтоох түмэл дириэктэрэ Баишева В.А. оҥордулар. Ити кэннэ экспедиция кыттыылаахтара: тэрээһин салайааччыта СӨ Айылҕа харыстабылын бэтэрээнэ, СӨ Айылҕа харыстабылын туйгуна, СӨ молодежнай политикатын туйгуна, 4 категориялаах туризм инструктора, Аан Айылгы «Муома» инспектора Стрекаловскай В.П., СӨ суол-иис хаһаайыстыбатын Бочуоттаах үлэһитэ, суол-иис хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ Тарков И.П., ГБУ «Индигирскай лесничество» тыатын хаһаайыстыбатын маастара Черемкин К.Н. уонна Слепцов Н.А. Хабдьылаахха мемориальнай бэлиэ туруора чысхааннаах тымныыттан чаҕыйбакка ыраах айаҥҥа туруннулар.
Бытарҕан тымныы күннэри аахсыбакка, саҥа суол тэлэн хорсун-хоһуун уолаттар сыалларын-соруктарын ситиһиилээхтик толорон Эһэлээхтэн эргиллэн төннөн кэлэн, ахсынньы ый 15 күнүгэр олохтоох «Дегтярев А.М. аатынан эбээн норуотун» түмэл дьиэтигэр нэһилиэк олохтоохторугар сылдьыбыт сырыыларын устубуттарын туһунан киинэ көрдөрдүлэр, сырдаттылар, дьон-сэргэ интэриэһин тартылар.
1930-с сылларга эбээннэр төбүрүөннээн олорор Эһэлээх нэһилиэгэр биир да дьиэ суоҕа, 1935 сылга икки дьиэ тутуллубута, бу кэннэ сыыйа Хабдьылаах бөһүөлэгэ үөскээбитэ. Ити сылга бастакы нэһилиэк Сэбиэтэ тэриллибитэ, бастакы бэрэссэдээтэлинэн Слепцов Афанасий Иванович үлэтин саҕалаабыта.
1937 сылга Эһэлээххэ «Чыскы» табаарыстыба 20 эбээн хаһаайыстыбатын холбуур, онтон 1940 сылга «Ворошилов» аатынан колхоз тэриллэр. Колхоз бастакы бэрэссэдээтэлинэн Слепцов Николай Иванович үлэлээбитэ.
1957 сыллааҕы Советскай правительство кыра колхозтары бөдөҥсүтүү уурааҕар олоҕуран, 1958 сыллаахха «Коммунизм» уонна «Ворошилов» колхоз холбоһон «Коммунизм» колхоз тэриллэр – бэрэссэдээтэлинэн Тарабукин Георгий Васильевич ананар.
Холбоһуу сылыгар 6264 таба, 494 сылгы, 212 ынах сүөһү баара. Аҕыйах сыл иһигэр колхоз экономическай өттүнэн кыаҕырбыта, бөҕөргөөбүтэ, республика биир бастыҥ көрдөрүүлээх хаһаайыстыбаларын кэккэтигэр киирбитэ.
Эһэлээх нэһилиэгэр маннык историческай суолталаах тэрээһин суолун аспыт киһинэн – Муома оройуонун Бочуоттаах олохтооҕо, РФ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бэтэрээнэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Россия Географическай обществотын чилиэнэ, СӨ суруйааччыларын Союһун чилиэнэ, кыраайы үөрэтээччи, энтузиаст Дегтярев А.М. буолар. Александр Михайлович 1980 сыллаахха оскуола оҕолорун илдьэ, Эһэлээх биир чулуу уола – эбээн норуотун бастакы поэта, учуонайа Тарабукин Н.С. төрөөбүт сиригэр пааматынньык туруоран кэлбиттэрэ, ол кэннэ 2010 сыллаахха орто оскуола учууталлара өйдөбүнньүк бэлиэ туруорбуттара.
Маннык тэрээһин эдэр көлүөнэҕэ, ыччакка уһулуччу суолталаах, кэнэҕэски кэлэр ыччат өбүгэ өйдөбүнньүгэ өһөн хаалбатын туһугар өрүү үөрэтэ, үлэни салгыы турдуннар. Үйэлэргэ умуллубатын, көлүөнэҕэ кэриэстэннин!
«Дегтярев А.М.аатынан
эбээн норуотун историятын уонна култууратын»
түмэлин дириэктэрэ Баишева В.А.
Муома оройуона
Улахан-Чыыстай нэһилиэгэ
ахсынньы ый, 2021 сыл