Оронтон уордайан, тойон дьиэлээх туран кэлиэ: Эр киһи сэттэ мэтириэтэ
Эр киһи сэттэ мэтириэтэ.
Бастакы мэтириэт
Киирэн-тахсан, кэлэн-баран,
Саҥаран-иҥэрэн, күлэн-салан,
Билсэн-көрсөн, эрбэх үөһэ эргийэн,
Дьэ уол оҕо кылааннааҕа диэтэҕиҥ.
Биирдэ көрсөөт бэрт киһи дэтэн,
Элбэҕи эрэннэрэн өйү сүүйэн,
Тугу эрэ «дук»гыннараат суола сойуо,
Кураанаҕы куустаран хомотуо.
Иккис мэтириэт
Оронтон уордайан,
Тэллэхтэн тэбиэһирэн,
Сыттыктан сымарынан,
Суорҕантан суоһурҕанан,
Тойон дьиэлээх туран кэлиэ.
Күргүйүнэн көбүөлэнэн,
Сутуругунан суоһурҕанан,
Ойоҕор ордоотоон,
Оҕолорун дьарыйталаан,
Түөрт эркин иһигэр,
Муҥур тойон буоларын,
Муҥура суох былааһын,
Өйдөппүтүнэн барыа.
Аһаан кэллэҕинэ абытай,
Иһэн кэллэҕинэ иэдээн.
Үһүс мэтириэт
Бүрэтин көрүмэҥ, бүгүрү бэрдэ,
Маратын көрүмэҥ, майгылаах мааныта,
Кыратын көрүмэҥ үлэһит үтүөтэ,
Туппутун ыһыктыбат тулуур бэрдэ.
Күнү супту үлэлээн түбүгүрүө,
Хата,ардыгар хаадьылаһан үөрдүө.
Үөрэ- көтө үлэлээн дьоллонуо,
Бүрэ бэйэтэ тупсан көстүө.
Төрдүс мэтириэт
Туһалааҕы, туһата да суоҕу,
Туруулаһан туран мунньар,
Тугу да булбатаҕына,
Туохха да тиксибэтэҕинэ,
Тиэргэнигэр аҕалбатаҕына,
Туоххаһыйан барар.
Туора сытары туораан барбат,
Таах сытары таһынан ааспат,
Тугу туттуон да билбэтэр,
Туппутунан сылдьар
Тэлгэһэтин иһэ тимир туһах,
Туһалааҕа ол онтон бэрт тутах.
Былыргы үйэ түптүр харата,
Билигин да баар эбит, быһыыта.
Бэһис мэтириэт
Кыратык үрдүү түстэҕинэ,
Кириэһилэ олбохтонноҕуна,
Кырыылаах ыстаан кэттэҕинэ,
Кыһыл хаалтыс бааннаҕына,
Көп соҕус бартыбыал кыбыннаҕына,
Кыра дьону үөһэттэн көрөөччү.
Кыһалҕатын этиммити,
Кыбыста соҕус туттубуту,
Кэлэҕэйдиэр диэри симиттибити,
Көбүөлээн көрсөөччү.
Кирилиэс үрдүкү үктэлигэр,
Киниттэн үөһээ турааччыга,
Кытаанах соҕустук көрөөччүгэ,
Кыра ычалаах тойооску,
Кырдьыга, баар буолааччы.
Алтыс мэтириэт
Аламаҕай аҕа,
Амарах эһээ,
Аналын, кэргэнин,
Аанньал курдук көрөр,
Атыҥҥа аралдьыйан,
Айдааны тарпат.
Аа дьуо сылдьан,
Арай оҕолорун, сиэннэрин,
Арааска үөрэтэр.
Айылҕалыын алтыһар,
Айыы сиэрин тутуһар,
Арыгыны ахсарбат,
Аныгы оонньууга үлүһүйбэт,
Аҕа,кэргэн ааттааҕа,
Аттыбытыгар сырыттаҕа.
Сэттис мэтириэт
Эппитин экчи толорор,
Санаабытын этэн тэйэр,
Сөптөөх диэбитин туруулаһа турар,
Кырдьык диэбитин кытаахтаһа сытар,
Тиэргэнинэн муҥурдаммат,
Туолкалааҕы толкуйдуур,
Бүгүҥҥүнэн бүтэйдэммэт,
Кэскиллээҕи кимсэр,
Норуотун туһугар,
Дойдутун аатыгар
Дьоһуннааҕы туруорсар,
Инникини торумнуур,
Саха киэнэ саарына,
Киһи киэнэ кэрэмэһэ,
Саха омук аатын ааттатар,
Аар- саарга аатырдар.
Түмүк.
Хаһан да буоллун,
Ханна да буоллун,
Харыстыаҕыҥ эр киһини!
Халыҥ хаххабытын,
Суон дурдабытын,
Сахабыт эр киһитин,
Сүрүн күүһүрдэн,
Сүөм үрдэтэ тутан,
Санаатын көтөҕөн,
Саха саргытын сайыннарар,
Саха саарына дии дэтиэҕиҥ!
Таптал🌳Чагда.
+7 (999) 174-67-82