Site icon SAKHALIFE

Оо, буолар да эбит…

Антоновка бэтэринээрдэрэ ынах ханныттан 8 см уһуннаах саморез хостоотулар.

Ньурба улууһун Антоновка бэтэринээринэй учаастагын үлэһиттэрэ ынах ханна үлэлээбэт буолбутугар эппэрээссийэ оҥордулар. Ынах аһаабат, ыарытыйар, моонньун тымырдара туолбутуттан сабаҕалаан, ханна үлэлээбэт – «травматическай ретикулит» диэн диагноз туруордулар.

Паралюмбальнай анастезия оҥорон, ынаҕы туруоран эрэ операциялаан, ынах ханныттан (сеткатыттан) 8 см уһуннаах саморез дьөлө киирэ сылдьарын хостоотулар. Эппэрээссийэ этэҥҥэ ааһан, сүөһү туруга үчүгэй.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэтэринэриийэҕэ Департамена ынах-сүөһү аһыыр далын, мэччийэр сирин ыраастык тутар туһунан санатар. Бөҕү-саҕы, быаны, тоһоҕону, боробулуоханы ынах отун, аһын кытта сиэн сөбүн умнумаҥ.

Exit mobile version