Олоҥхо күрэҕэр эдэрдэргэ муҥутуур кыайыылааҕа Марфа Аммосова – кини кимий?
«Олоҥхоҕо мин бэйэбин булбутум»
Өймөкөөҥҥө ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын олоҥхо көрүҥэр эдэрдэргэ муҥутуур кыайыылааҕа Марфа Аммосова – кини кимий?
Марфа Федотовна Аммосова Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төхтүрүттэн төрүттээх, сааһа 22-тэ. 2022 с. Култуура уонна ускуустуба Арктическай судаарыстыбаннай институтун «Этнокултуурунай киин салайааччыта» идэтин ылан бүтэрбитэ. Билигин ХИФУ Норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун «Филология. Фольклористика» салаатыгар магистратураҕа үөрэнэр. Дьокуускай куоракка Оҕо киинигэр эбии үөрэхтээһин уһуйааччытынан үлэлиир, «Одун» норуодунай ансаамбыл фольклорга студиятын салайааччыта.
Биэс сааһыттан норуот тылынан уус-уран айымньытын толорууга холонор. Саамай сөбүлүүр көрүҥүнэн норуот героическай эпоһа олоҥхо буолар. Олоҥхоҕо тапталы иҥэрбит дьонунан уһуйааҥҥа иитээччитин Айталина Верховцеваны уонна төрөппүттэрин ааттыыр. Аан бастаан Петр Феоктистович Игнатьев «Кулан Кыыртай бухатыыр» диэн олоҥхотун толорбут. Бастаан олоҥхону элбэх буолан толороллор эбит, онтон 6 сааһыттан соҕотоҕун толорор буолбут.
Оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар төрүт култуура учуутала Диана Тарабукина салалтатынан олоҥхо тиэмэтигэр чинчийэр үлэнэн дьарыктаммыт. Олоҥхону толорууга улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах, Бүтүн Арассыыйатааҕы үгүс бэстибээллэргэ, куонкурустарга кыттан кыайыылааҕынан тахсыбыта. Саамай сүрүн ситиһиитинэн «Олоҥхону бастыҥ эдэр толорооччу» ааты ылбытын ааҕар.
2018 с. оскуоланы бүтэрэн Култуура уонна ускуустуба Арктическай судаарыстыбаннай институтугар үөрэнэ киирэн баран Олоҥхону эдэр толорооччулар «Ыччат олоҥхоһут» ассоциацияларын чилиэнэ буолар. Устудьуоннуур сылларыгар культурологияҕа кафедра салайааччыта Зоя Андреевна Стрекаловская уһуйуутунан элбэх бэстибээллэргэ кыттан дипломант, лауреат, муҥутуур кыайыылаах аатын ылбыта, ол иһигэр «Арассыыйа норуоттарын эпоһа» Бүтүн Арассыыйатааҕы ыччат бэстибээлигэр уонна «Түүр омук көмүһэ» түүр омуктар ыччаттарын бэстибээлигэр ситиһиилээхтик кыттыбыта. Норвегияҕа прикладной наука Саамскай университетыгар стажировкатын ааспыта.
«Салайааччыларым миигин саха норуотун устуоруйатыгар, тылыгар, култууратыгар интэриэһи, героическай эпоска олоҥхоҕо тапталы иҥэрбиттэрэ, айар дьоҕурдаах личность буолан тахсарбар кыһамньыларын уурбуттара. Кинилэр биэрбит сүбэлэрэ-амалара миэхэ билигин олус туһалыыр», — диир Марфа Аммосова.
Олоҥхо туһунан: «Олоҥхоттон мин айарга-тутарга иэйиини ылабын, олоҥхоҕо таптал миэхэ Аан дойду араас муннуктарыттан элбэх доҕоттору, биир санаалаахтары биэрбитэ, олоҥхоҕо мин бэйэбин булбутум».
Сүрүн ситиһиилэрэ: «Олоҥхо дойдутун оҕотобун» куонкурус муҥутуур кыайыылааҕа, оҕолорго «Олоҥхону бастыҥ толорооччу» анал аат хаһаайына, «Олоҥхо дойдутун оҕотобун» научнай-практическай конференция муҥутуур кыайыылааҕа, Бүлүүгэ ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын кыайыылааҕа, 2019 с. Чебоксары к. ыытыллыбыт «Түүр омук көмүһэ» түүр омуктар ыччаттарын 4-с форумун кыайыылааҕа, олоҥхону эдэр толорооччулар «Куйуур олоҥхото» бэстибээллэрин 1-кы степеннээх дипломана, «Сыл устудьуона – 2020» Норуоттар икки ардыларынааҕы 2-с научнай-чинчийэр куонкурус кыайыылааҕа, «Бастыҥ чинчийэр үлэ – 2021» анал аат хаһаайына, «Арассыыйа норуоттарын эпоһа» Бүтүн Арассыыйатааҕы ыччат бэстибээлин дипломана,
2021 с. «По зову Земли Олонхо» Норуоттар икки ардыларынааҕы 3-с бэстибээл анал аатын хаһаайына, Мэҥэ Хаҥаласка Олоҥхо ыһыаҕын олоҥхо толорооччуларын ортотугар муҥутуур кыайыылааҕа, Үөһээ Бүлүүгэ буолбут өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар «Сэһэн сүнньүн тутар толорооччу» анал аат хаһаайына, «Олоҥхолоох айан: Ноо!» өрөспүүбүлүкэтээҕи ыччат форумун кыттыылааҕа.
+7 (999) 174-67-82