Site icon SAKHALIFE

Оһуохайга үөрэтэр холбоһуктар баар буолууларын көҕүлүөххэ наада

Биллэрин курдук, бу ый 25 күнүгэр Саха Сиригэр Оһуохай күнэ бэлиэтэнээри турар. 

       Оһуохай хайдах өссө сайдар кэскиллээҕин, тус бэйэтин туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үтүөлээх этээччитэ Аскалон Егоров үллэһиннэ:

      — Мин Егоров Аскалон Лукич 1957 сыллаахха  САССР Үөһээ Бүлүү оройуонун Нам нэһилиэгэр төрөөбүтүм.

      1972с. Үөһээ  Бүлүүгэ Харбалаах аҕыс кылаастаах оскуолатын бүтэрбитим.

     1977с. Н. Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педучилищены бүтэрбитим.

      1984 с. СГУ ИФФ Саха салаатын бүтэрбитим.

      1976с. Үөһээ Бүлүү Тамалакаан аҕыс кылаастаах оскуолатыгар физругунан үлэбин саҕалаабытым.

     1979 — 85 сс. Үөһээ  Бүлүү оройуонугар: «Үөһээ Бүлүү» совхоз комскома, Кэнтик оскуолатыгар нуучча тылын учуутала уонна пионер баһаатайа, Далыр орто оскуолатыгар алын сүһүөх кылаас учуутала, «Коммунизм сардаҥата» хаһыат фотокорреспондена, детдом иитээччитэ, Оҥхой аҕыс кылаастаах оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала, Кырыкый СДК директорынан үлэлээбитим.

     1986 — 2012 сс Нам улууһугар Түбэ аҕыс кылаастаах оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала, Модут орто оскуолатын директора, Түбэ нэһилиэгин Сэбиэтин председателэ, Түбэ орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын, төрүт культура учуутала, Түбэ СДК директора этим.

     2012 сылтан үлэтэ суох биэнсийэҕэ олоробун. 

     Саха Өрөспүүбүлүкэтин ырыа айааччыларын уонна СӨ байаанньыттарын, аккордионистарын уонна хормуоскаһыттарын Союзтарын чилиэннэрэ бин, Нам улууһун » Отуу уота» суруйааччылар уонна » Туллук хаара» мелодистар түүсүүлэрин чилиэнэбин, икки кинигэ авторабын. СӨ Үтүөлээх Оһуохай этээччитэбин. Оһуохайы 1977 сыллаахтан этэбин.

       Бэйэм оҕо сылдьан Оһуохай эйгэтигэр үөскээбитим, күн бүгүҥҥэ дылы ол ситиммин быспакка сылдьабын. Мин Нам улууһун Оһуохай түмсүүтүгэр баарбын, Түбэ нэһилиэгэр Оһуохай түмсүү салайааччытабын. Өрөспүүбүлүкэҕэ, улууска уонна нэһилиэккэ буолар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттабын, көҕүлэһэбин.

          Саха Сирэ араас улуустарыгар буолар тэрээһиннэргэ: кэнсиэрт, күрэхтэһиилэр, суорумньу, күрэстэр, үбүлүөйдэр, уруулар  — барытыгар Оһуохай буоларын туруорсабын.

        Оскуола, уһуйаан оҕолоруттан саҕалаан Оһуохайы үөрэтиигэ үлэлэһэбин. » Үс түмсүү» эр дьон холбоһугар уонна ыраах айан суоппардарын түмсүүтүгэр эр дьон тэтимнээх Оһуохайын тэрийэбин.

        Аан бастакы Оһуохай күнэ бэлиэтэниитигэр сэмэй кылааттаахпыттан үөрэбин. «Ыам ыйыгар буолара табыгастаах,» — диэн тыл эппиппин мунньах кыттыылаахтара өйөөбүттэрэ. Бу күн баар буолуутугар Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев, Саха Сирин Бырабыыталыстыбатын  бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников уонна Оһуохай түмсүү салайааччыта Александр Данилов  сүҥкэн өҥөлөөхтөр.

       Онон бу аҕыйах хонугунан Саха сирин үрдүнэн аан бастаан «Оһуохай күнэ» киэҥ далааһыннаахтык, дьон өйүгэр — санаатыгар дириҥник хатанарын курдук бэлиэтиэххэ наада.

        Оһуохай салгыы күүскэ сайдарын наадатыгар бары улуустарга Оһуохай түмсүүлэрин тэрийиэххэ наада. Оттон ол түмсүүлэр хас нэһилиэк аайы тэрийиэхтээхтэр. Уһуйааннарга, оскуолаларга, орто үөрэх кыһаларыгар, үрдүк үөрэх тэрилтэлэригэр Оһуохайга үөрэтэр, сэргиир, мэлдьи үлэлиир холбоһуктар баар буолууларын көҕүлүөххэ наада.

         Итини улуустар дьаһалталара, сүрүннээн культура салалтата уонна Олоҥхо дьиэтин үлэһиттэрэ энчирээбэт эбээһинэстэрэ курдук ылсалларын ситиһиэххэ!

       Барыгытын кэлэн иһэр Оһуохай күнүнэн эҕэрдэлиибин!

Кыайыахпыт

Кыайыахпыт!

Сэттэ уон тоҕус сыл устата

Эйэлээх олох күнэ тыкта.

Ол быыһыгар быстах сэрии

Син биир тумнубата.

Афганистан, Чечня, Сирия

Уонна бу билиҥҥи Украина

Локальнай дэнэр сэриилэрэ

Арассыыйаны аймаатылар.

Санаан көрдөххө бу сэриилэр

Барыта көҥүл туһугар

Улуу Россия туһатыгар

Сириэдийэр эбиттэр.

Хара дьайдаах фашизмы

Биһиги дьоммут кыайбыттара!

Рейхстаг үрдүгэр

Кыһыл былааҕы ыйаабыттара!

Бу да сырыыга кыайыахпыт!

Фашистары бахтатыахпыт!

Эйэлээх Күн сырдык уотун

Сир үрдүгэр уматыахпыт!

Өркөн ДьОЛ 

Ыам ыйын 9 күнэ 2024 сыл

     

Exit mobile version