Оҕону сиэрдээх майгыга иитии-үөрэтии төрдө — олоҥхо
Саха тылын уонна литературатын, култууратын учууталларын II-с өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэһин чэрчитинэн «Олоҥхо педагогиката: ньымалара, үөрүйэхтэрэ, сатабыллара” санаа атастаһыылаах, ырытыһыылаах түһүлгэ буолан ааста. Манна С.Н.Донской II аатынан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр үнүстүүт, Олоҥхо үнүстүүтэ, Олоҥхо киинэ, Олоҥхо ассоциацията уонна саха тылын, литературатын, култууратын учууталларын түмсүүлэрэ кыттыыны ыллылар.
Түһүлгэҕэ олоҥхо педагогикатынан оҕону сиэрдээх майгыга иитии; олоҥхо педагогикатын СЭДИП технологиятынан оҕону түмэккэ киллэрии; олоҥхону үөрэх эйгэтигэр, кылаас таһынан үлэҕэ туттуу, тупсарыы, үлэ ис хоһоонун дириҥэтии; олоҥхо тылын оҕоҕо үөрэтии хайысханан кэпсэтиһии ыытылынна. Түһүлгэ үлэтин биир сүрүн уратытынан хас биирдии сүрүн иһитиннэрии оҥорор киһи кэпсиир хайысхатын сиһилии быһаарбытын кэннэ туһааннаах хайысха үлэтин быраактыктар – иитээччилэр (“Арылы кустук” уопсастыбаннай ситимтэн Ефремова Е.М салалтатынан «Сулусчаан», “Күн туллуктара”, “Харыйачаан”, “Аленушка” дьыссааттар), Тыараһа орто оскуолата (Данилова Е.С, учууталлар (Данилова Л. Д. И. Гаврильев аатынан Нам орто оскуолатын саха тылын учуутала, Маркова Е. К., уһуйааччы, З.Винокуров аатынан оҕо ускуустубатын оскуолатын преподавателэ, Попова М. Г., Бүлүү улууһун Тааһаҕар орто оскуолатын учуутала) тус уопуттарынан ситэрэн биэрдилэр.
Түһүлгэҕэ барыта 80 киһи кытынна, ол иһигэр уһуйааччылар, учууталлар, иитээччилэр бааллар. Сүрүн иһитиннэриилэри Захарова А.Е., “Олоҥхо тыйаатырын” научнай-методическай үлэҕэ уонна тас сибээскэ Олоҥхо киинин салайааччыта, П.А.Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, ф.н.к., Чехордуна Е. П., СӨ үтүөлээх учуутала, АБ педагогикаҕа уонна социальнай наукаларга Академиятын чилиэн-корреспондена, п.н.к., Флегонтова У. М., СӨ АТ “Олоҥхо тыйаатырын” научнай-методическай үлэҕэ уонна тас сибээскэ Олоҥхо киинин сүрүн үлэһитэ, методист, учуобунньук ааптара., Борисов Ю. П., Олоҥхо научнай чинчийэр институтун «Лингвофольклористика» сиэктэрин салайааччыта, ф.н. к., Ядрихинская Ф.В., Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр үнүстүүт үөрэх чааһын салайааччыта, оҥордулар.
Кэпсэтии түмүгүнэн түһүлгэ кыттааччылара олоҥхо эйгэтин дьыссаакка, оскуолаҕа, орто анал уонна үрдүк үөрэххэ кэҥэтэн, олоҥхоҕо тирэнэн иитии-үөрэтии хайысхатын үөрэх тэрилтэлэригэр барыларыгар модуль , анал куурус быһыытынан киллэриэххэ, олоҥхоҕо анаммыт уһуйааччылар, иитээччилэр, учууталлар үлэлэрин түмэн бэчээттээн таһааран, олоҥхо оҕону иитэр-үөрэтэр сайыннарар кыаҕын кэҥэтэн, араас биридимиэккэ олоҥхоҕо тирэҕирэн үөрэтиини кэҥэтэн, хайысхаларын чопчулуурга научнай салайааччылары анаатахха үлэ үрдүк хаачыстыбалаахтык барыаҕа диэн санааларын эттилэр. Төрөөбүт тылбыт, уус-уран күүһүн чыпчаала буолар фольклорбут биир бөдөҥ көрүҥүн – олоҥхону — үөрэтиигэ учуутал уонна уһуйааччы бырайыагы олохтоохтук киллэрэн туран бырагырааманан кылаас ахсын бэриллибит олоҥхону учуутал эрэ үөрэтиитинэн муҥурдаммакка уһуйааччыны, олоҥхону толорууну кытта алтыһыннаран үөрэтии оҕо сайдыытыгар, төрүт култууратын, сиэрин-туомун сөптөөхтүк өйдөөн ылынарыгар үөрэтии-иитии хайысхата өссө таһаарыылаах буолара саарбахтаммат диэн эттилэр.
+7 (999) 174-67-82