Оҕолорго аналлаах уруһуй күрэҕэ биллэриллэр
Саха сиригэр Үлэ сылын чэрчитинэн «Үлэ барыта үчүгэй, идэ барыта бочуоттаах» оҕолорго аналлаах уруһуйга өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх балаһыанньата.
Тэрийээччи:
Алексей Павлов салайааччылаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үүнэр көлүөнэтин судаарыстыбаннай тыйаатыра.
Ыытыллар болдьоҕо:
Кулун тутар 20 күнүттэн — Муус устар 20 күнүгэр диэри.
Сыала-соруга:
• Оҕо уруһуйдуур дьоҕурун сайыннарыы;
• Ойуулуур, уруһуйдуур дьоҕурдаах оҕолор айымньыларын түмүү;
• Саҥа ааттары көрдөөһүн;
• Оҕо өйүгэр-санаатыгар патриотическай өйдөбүлү иҥэрии;
• Уруһуй нөҥүө үүнэр көлүөнэни үлэҕэ, үөрэххэ ыҥырыы.
Кыттар бөлөхтөр:
I бөлөх – 6-8 саас, II бөлөх – 9-13 саас, III бөлөх–14-16 саас.
Ыытыллар усулуобуйата:
• Кыттар уруһуй темата — «Үлэ сылын көрсө»;
• Кыттааччы уруһуйун үлэ бириэмэтигэр 10.00-18.00 ч. (эбиэт кэмэ 13.00-14.00 чч.) маннык аадырыска аҕалан туттараҕыт: 677027, Дьокуускай куорат, Киров уулуссатын 25-с дьиэтэ. Эбэтэр smekh@inbox.ru электроннай почтаҕа “Уруһуй күрэҕэ” диэн бэлиэтээн ыытаҕыт.
• Биирдии кыттааччыттан биир А4 форматтаах уруһуй ирдэнэр;
• Оҕо сайаапкатын уонна уруһуйун smekh@inbox.ru почтаҕа “Уруһуй күрэҕэ” диэн бэлиэтээн ыытаҕыт;
• Сайаапкаҕа оҕо аатын, араспаанньатын, аҕатын аатын, уһуйаанын, бөлөҕүн үөрэнэр оскуолатын, кылааһын, билсэр нүөмэрин (сокуоннай бэрэстэбиитэлин), почтатын ыйан ыытаҕыт;
• Кыттыы иһин *250 солкуобай усунуоһу http://sakhatuz.ru саайтка ыытаҕыт эбэтэр уруһуйу аҕаларгытыгар туттараҕыт;
• Усунуоскутун төлөөбүккүт туһунан чеккытын ыйыллыбыт нүөмэргэ (8 (999) 245-01-83 Прасковья Дмитриевна Павлова) бассааптаан ыытаҕыт.
Түмүгү таһаарыы:
Түмүк ыам ыйын 1 күнүгэр- «Үлэ, эйэ, маай» бырааһынньыгар, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын http://sakhatuz.ru саайтыгар уонна социальнай ситимнэригэр тахсыаҕа.
Наҕараадалааһын:
Күрэс түмүгүнэн, хас биирдии бөлөххө биир кыайыылаах оҕо баара быһаарыллар;
Бары кыттааччылар, салайааччылар «Туоһу суругунан» бэлиэтэниэхтэрэ;
Күрэс кыттыылаахтарын уруһуйдара “Үлэ, эйэ, маай” параадыгар Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын колоннатын киэргэтиэхтэрэ.
Б.т.: 8 (999) 245-01-83 Прасковья Дмитриевна Павлова – Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын сүрүн худуоһунньуга.
+7 (999) 174-67-82