Site icon SAKHALIFE

Оһуохай оҕону иитии биир хайысхата буолар

Эдэр үтүөлээх этээччи Мария Иванова: «Оһуохай оҕону иитии биир хайысхата буолар!» 

       Бүгүн биһиги эдэр, кэскиллээх культура үлэһитин, быйылгы Туймаада ыһыаҕын кэмигэр ыытыллыбыт Ытык Оһуохай күрэҕин түмүгүнэн Саха сирин үтүөлээх этээччитэ диэн ааты ылбыт Мария Иванованы ааҕааччыларбытын кытта билиһиннэрэбит. 

      Мария Оһуохайга киирэн кыталыктыы үҥкүүлээн, оһуохайын тылын этэн саҕалаатаҕына, чугастааҕы дьон бары да эдэркээн кыыһы сөбүлүү, сөҕө көрөллөр, кырдьык даҕаны Олонхоҕо хоһуйуллар кэрэчээн Туймаада Куо  илэ бэйэтинэн кэлэн бу Орто Дойдуга ыалдьыттыы сылдьарын курдук буолар. 

    — Мин Иванова Мария Марковна, төрдүм Бүлүү уонна Горнай. Бэйэм Дьокуускай куорат 2-ис орто оскуолатыгар үлэлиибин, Саха сирин импровизатор хомусчутабын, Каратаева Л.А. салайааччылаах «Дьээ-буо» этно-фолк бөлөх солиһабын.

       А.Д. Макарова аатынан Култуура уонна Искусство коллеһыгар үөрэммитим. Өбүгэлэрбит төрүт үгэстэригэр, ырыаларыгар-тойуктарыгар ол саҕаттан уһуйуллан идэтийбитим. 

     Билигин бэйэм Оскуола оҕолорун саха фольклоругар уһуйааччынан үлэлиибин.  Үлэлиирим тухары, идэлээх киһи буоларым быһыытынан, оһуохайда таһаар диэтэхтэринэ, оһуохайы этэр этим. Үлэм программатынан оҕолору Оһуохайга көннөрү кэрчик курдук киллэрэн үөрэтэрим. 

       Бу 2023-с үөрэх сылыттан Оһуохайы өрө тутан биир сүрүн тутаах дьарык быһыытынан дьарыктыырбын саҕалаатым. 

      2022 сыллаахха буолуохтаах, Кыайыы болуоссатыгар,  кыайыы күнүгэр аналлаах Оһуохай тэрээһинигэр сылдьыбытым.  Дьэ онно тохтобула суох  биир да оһуохайдьыты көттүппэккэ астына-дуоһуйа кынаттаспытым,  ис-испиттэн астынан, Оһуохайга таптал үөскээбитэ. Ол онтон саҕалаан Оһуохай таһаарыахпын баҕарабын диэн баҕа санаа үөскээбитэ. Ол сыл кыһыныгар Айталина Михайловна Мойтохонова ыытар, тэрийэр дьарыгар үөрэммитим. Кини сүбэлэрин, үөрэҕин ылынан баҕа санаам күүһүрэн сыаллар-соруктар турбуттара. 

      Былырыын 2023 сылга Чурапчы үбүлүөйдэээх ыһыаҕар тиийэн Оһуохай күрэҕэр кыттаммын финалга киирбитим. Ол кэннэ Туймаада ыһыаҕар Ытык Оһуохай күрэҕэр кыттан холонон көрбүтүм.          

      Бу сыл Олунньу ыйыгар Иванова Лариса Николаевна – Ырыа Дьаархан 60 сааһын көрсө Өрөспүүбүлүкэтээҕи түөлбэнэн Оһуохай күрэҕэр “Сайа тыллаах этээччи” анал аакка тиксэн, баҕа санаа кыната бөҕөргөөбүтэ.  

   Оһуохай инникилээх, саха дьонун, өйү-санааны түмэр күүстээх. Ийэ тылбыт, өбүгэлэрбит үгэстэрэ, сахалыы санаабыт сайда, үүнэ, чэчирии турарыгар биир сүрүн үнүстүрүмүөн буолар. 

     Оҕо дьиэ — кэргэн иһигэр сахалыы тылга иитиллэн тахсыахтаах, ол эрээри хомойуох иһин саха тыла улаханҥҥа ууруллубат буолуута улахан проблема буолла. Онон уһуйааччы буоларым быһыытынан, оҕолорго саха тылыгар тапталы үөскэтии, иҥэрии сүрүн соругум. Онно биир улахан хайысха биһиги ытык Оһуохайбыт буолар!

Exit mobile version