Site icon SAKHALIFE

Оҕо тыйаатырын устуудьуйата маҥнайгы испэктээкилигэр ыҥырар

«ҮКТэн» сахалыы саҥарар оҕо тыйаатырын устуудьуйата «Көтөрдөр хоту көтөллөр» маҥнайгы испэктээкилигэр ыҥырар

Бэс ыйын 1 күнүгэр, Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, Култуура тэрилтэлэригэр Оҕо тыйаатырга дьоҕурун сайыннарыы сылынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үүнэр көлүөнэтин судаарыстыбаннай тыйаатырын иһинэн тэриллибит «ҮКТэн» сахалыы саҥарар оҕолору тыйаатыр ускуустубатыгар уһуйар устуудьуйа «Көтөрдөр хоту көтөллөр» испэктээкилэ үрдүк сыанаҕа сүрэхтэниитигэр долгуйа күүтэбит!

Бүгүн эһигини сахалыы саҥарар кэскиллээх кэнчээри ыччаты кэрэҕэ, сырдыкка угуйар, тыйаатыр умсугутуулаах эйгэтигэр киллэрэр, артыыс маастарыстыбатын кистэлэҥнэрин сэгэтэр, айар-тутар дьоҕурдарын сайыннарар, саҥарар-иҥэрэр сатабылы баһылыырга уһуйар, сыанаттан куттаммат буоларга эрчийэр, оҕо дьиҥ ис кыаҕын арыйар сыаллаах-соруктаах үлэлииргэ туһуламмыт «ҮКТэн» оҕо устуудьуйатын салайааччытын, туруорааччы режиссерун уонна уһуйааччылары кытары билиһиннэриэхпит.

«ҮКТэн» оҕо устуудьуйатын салайааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Мария Данилова:

Сахалыы саҥарар, сахалыы тыыннаах оҕолору түмэн төрөөбүт тылларын сайыннарарга, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буоларга, сахабыт суруйааччыларын айымньыларын ааҕарга, ырытарга уонна сыанаҕа, дьоҥҥо-сэргэҕэ испэктээкили оонньоон көрдөрөргө үөрэтэбит. Оҕо устуудьуйаҕа уһуйуллан сайдар, элбэххэ үөрэнэр, дьон ортотугар сылдьан, тус бэйэлэрин ис туруктара сайдар.

«ҮКТэн» сахалыы саҥарар оҕо устуудьуйата 2024 сыл олунньу ыйыгар тэриллибитэ. Бу ааты «Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра — эн» уонна үрдүктэн үрдүк үктэлгэ үктэнниннэр диэн талбыппыт. Устуудьуйаҕа уопсайа 26 оҕо дьарыктанар. Дьарыктара нэдиэлэҕэ иккитэ иккилии чаас кэриҥэ буолар. Оҕолор сыанаҕа хамсанарга, саҥарарга үөрэнэллэр, артыыс маастарыстыбатыгар, фольклорга дьарыктаналлар. Биһиги уһуйааччыларбыт бары үрдүк үөрэхтээх тыйаатыр артыыстара – Елизавета Далбараева, Мичил Хомподоев, Татьяна Хомподоева уонна да атыттар үлэлэһэллэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Анна Флегонтова оҕолор дьарыктанар күннэрин быһаарар уонна артыыстар үөрэтэр чаастарын аттарар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, тыйаатыр сүрүн худуоһунньуга Прасковья Павлова устуудьуйа иитиллээччилэригэр сөптөөх айымньыны талан, испэктээкили туруорар. Уот-күөс үлэтин Владимир Барашков дьаһайар. ҮКТэн» устуудьуйаҕа бастакы кылаастан онус кылааска дылы үөрэнэр оҕолор дьарыктаналлар.

Д.К. Сивцев — Суорун Омоллоон пьесатыгар олоҕуран «Көтөрдөр хоту көтөллөр» ҮКТ сүрүн худуоһунньуга, СӨ култууратын туйгуна Прасковья Павлова:

Мария Никитична миигин сахалыы саҥарар оҕону уһуйар «ҮКТэн» тыйаатыр устуудьуйатыгар туруорааччы режиссерунан уонна худуоһунньугунан ыҥырбыта. Дмитрий Кононович Сивцев — Суорун Омоллоон пьесатыгар олоҕуран «Көтөрдөр хоту көтөллөр» испэктээкили туруорарга эрдэттэн быһаарыммытым. Бу айымньы устуудьуйаҕа дьарыктанар оҕолор бары оруолга тиксэллэригэр табыгастаах, көтөр кынаттаах бииһэ бииргэ үөрдүһэн быыһанар суолу булалларын курдук биир сомоҕо буолалларыгар барсар. Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын кэнчээри ыччатын ис кыаҕын толору арыйарга туһуламмыт пьесаҕа бары сүрүн оруолу толороллор. Биир даҕаны оҕону чорбоппокко тэҥник үөрэтэбит. Биһиги сүрүн болҕомтобутун хамсаныыга уурбуппут. Бары билэрбит курдук, билиҥҥи оҕо сахалыы саҥарара, өйдүүрэ уустук. Сахалыы саҥарар оҕо ахсааннаах эрээри, биирдиилээн төрөөбүт тылларынан ыраастык кэпсэтэр кэнчээри ыччат баара эрэли үөскэтэр. Төрөөбүт тылынан саҥарар оҕо дойдутугар таптала тирэхтээх, күүстээх уонна бэриниилээх буолар. Төрүт култууратын, итэҕэлин уонна тылын баайын барытын толору иҥэриммит киһи дэгиттэр талааннаах уонна араас эйгэҕэ элбэх ситиһиилээх буолар.

Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын уонна киинэ артыыһа Татьяна Хомподоева:

Биһиги устуудьуйабытыгар сылдьар оҕо көннөрү «сыанаттан саҥара» үөрэнэр диэн буолбатах. Манна кэлэн кини этин-сиинин эмиэ эрчийэр. Сыана киһитигэр имигэстик туттуу-хаптыы, хамсаныы оруолун тиэрдэр сүрүн ньыматынан буолар. Ол курдук, ханнык баҕарар дьарык иннинэ биһиги маҥнай эти-хааны уһугуннарабыт, онтон киһини биир сүрүннүүр, имигэстик хамсанар, тулалыыр эйгэтин, аттыгар баар дьону этинэн-сиининэн, сүрэҕинэн сэрэйэр уонна тэтими истэр эрчиллиилэри оҥотторобут. Бу бачча элбэх сыалы-соругу холбоон оҕо сыанаҕа тутта-хапта үөрэнэр.

Москватааҕы М.С.Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище алтыс саха устуудьуйатын выпускнига, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыһа Сергей Эверстов:

Мин оҕолору артыыстыыр маастарыстыбаҕа уонна сыанаҕа саҥарар-иҥэрэр сатабылга үөрэтэбин. «ҮКТэн» устуудьуйа уһуйуллааччылара үчүгэйдик дьарыктаналлар уонна ким туохха ордук дьоҕурдааҕынан талааннаахтар диэн бэлиэтии көрдүм. Оҕо буолан баран мэниктииллэрэ ханна барыай, дьарыкка болҕомтолоро ыһыллар түгэннэрэ эмиэ баар. Оҕолор куоластара син дорҕоонноох, сатаан кэпсэтэллэр, ол эрээри сыанаҕа саҥалара намтаан хаалар. Кыһалыннахтарына барытын сатыыллар. Билигин улахан репетициялар буола тураллар, ол сыралаах үлэ түмүгүнэн испэктээкил турдаҕына, барыта ырылыччы көстүө. Онон тугу даҕаны улаханнык саҥарбаппын.

Москватааҕы М.С.Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище алтыс саха устуудьуйатын выпускнига, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыһа Мичил Хомподоев:

«ҮКТэн» оҕо устуудьуйатын уһуйуллааччыларын артыыстыыр маастарыстыбаҕа үөрэтэбин. Мин санаабар, наһаа ыарахан дисциплина. Холобур, М.С. Щепкин аатынан тыйаатыр үрдүкү училищетыгар даҕаны, оҕолорго даҕаны артыыстыыр маастарыстыбаны үөрэтэр ыарахан. Тоҕо диэтэргит, оннооҕор биһиги улахан дьон ыарырҕатар этибит, онтон кэнчээри ыччат болҕомтото ыһыллаҕас, тугу да уһуннук өйдөөн истибэттэр. Ол эрээри, киһи араас ньымалары тутуннаҕына барыта табыллар. Өрө бардахтарына  мөҕөн-этэн, ол кэннэ кыратык күллэрэн, сороҕор оонньотон, ардыгар хайҕаан ыллаххына, оҕолор арыый уоскуйан, болҕомтолоро күүһүрэр эбит дии санаатым. Оҕолору кытары үлэлиир олус үчүгэй эбит. Хас биирдии улахан киһи үүнэр көлүөнэ ыччаты иитиигэ тус кылаатын кииллэриэхтээх дии саныыбын. Оҕо устуудьуйатыгар уһуйааччы быһыытынан үлэлиирим – мин киһи быһыытынан саамай үрдүк чыпчаалым буолар. Артыыстар оҕолорго туох баар күүстэрин-сэниэлэрин уурдахтарына, элбэх талааннаах, кэскиллээх кэнчээри ыччат тыйаатыр уонна киинэ эйгэтигэр үүнэн тахсыа этэ диэн бигэ эрэллээхпин.

Уһуйааччы быһыытынан саха култууратыгар олус суолталаах кылааты киллэрэр, артыыс дьоҕура дьүкээбил эгэлгэ өҥүнэн суһумнуур уратытын сырдатар, тыйаатыр үс куту долгутар сүдү күүһүн оҕолорго, бар дьоҥҥо тиэрдэр артыыстарбыт ис сүрэхтэриттэн кыһаллар айымньылаах үлэлэрэ ситиһиилээх буоллун, айылҕаттан анаммыт талааннара алмаас таастыы араас өҥүнэн чаҕылыйа оонньоотун!

Exit mobile version