Новогодние истории: Маннык тэрээһин нэһилиэкпитигэр аан бастаан ыытыллар сыла этэ
Кини да киһи буоллаҕа дии…
Саҥа Дьыл улам-улам чугаһаан иһэр. Харыйабыт хайыы үйэҕэ киэргэнэн турар. Араас өҥнөөх уоттара кылабачыйан үөрүү бөҕө буолан ыҥыра-угуйа тураллар. Үөрүү-көтүү үгүс буолуоҕун кириип ыарыыта турунан, улахан-кыра дьону дьиэҕэ хаайан олорор. Маша хас да күнү быһа температуралаан оҕо саадыгар барбакка дьиэтигэр олорор. Сэниэтэ суох, аргыый аҕай сылдьар. Үксүн дьыбаантан түспэт, онно утуйар да, оонньуур да.
Ийэтэ оҕото бырааһынньыктан маппатын диэн Тымныы оҕонньор уонна Хаарчаана дьиэҕэ тиийэн эҕэрдэлэрин сакаастаабыта. Маннык тэрээһин нэһилиэкпитигэр аан бастаан ыытыллар сыла этэ. Онон сакаас бөҕө киирбит, үгүс төрөппүттэр оҕолорун үөрдээрилэр Тымныы оҕонньорунан бэлэхтэри бэрдэрээри сүпсүлгүннэһии буолбуттара.
Анаммыт күҥҥэ Тымныы оҕонньорбут сиэнинээн Хаарчааналыын кэллилэр. Тымныы оҕонньорбут үгүс киһи билэр иитээччитэ Роза Афанасьевна буолбут эбит. Хоһоонунан эҕэрдэлээн дьиэ иһин толорон кэбистилэр. Тымныы оҕонньорбут эҕэрдэ, сааратар тыла элбэх быһыылаах да, кыайан саҥарар кыаҕа сороҕор олох суох. Иэрийиэр дылы сөтөллөр эбэтэр бытыгынан сапта-сапта ытырдар. «Дьэ, накаас, кириибим тахсар аат диэн суох», — диэн миэхэ кистээн этэр. Арыый тыын ыллын диэн итии чээй кутан биэрэбин, ону сыпсырыйан ылар, онтон салҕыы оруолун толоро барар. Оннук гынан сордонон-муҥнанан эҕэрдэлээн бардылар.
Маша аргый аҕай подарогын көрө сылдьан эбээтин кытта кэпсэтэрин истэбин:
— Эбээ, ити Тымныы оҕонньор тоҕо сөтөллөрүй?
— Ыарыйдаҕа дии. Эн курдук кини эмиэ кирииптээтэҕэ дии
— Эбээ, оттон кини хантан кэлбитий?
— Хотугу муустаах муораттан
— Кини оччоҕо тоҕо сөтөллөрүй?
— Ыарыйдаҕа дии
— Суох, эбээ, кини Тымныы оҕонньор дии. Кини ыалдьыа суохтаах.
— Ээ, тукаам, кини да киһи буоллаҕа дии.
+7 (999) 174-67-82