Норуот таптааллаах ырыаһытын Раиса Захарова туһунан санаан, ахтан…

Бүгүн, муус устар 6 күнүгэр норуот тапталлаах ырыаһыта Раиса
Яковлевна Захарова биһиги кэккэҕэ баара эбитэ буоллар 70 сааһын туолуо
этэ… Тыйаатыр бэтэрээнэ, өр сыллар устата дириэктэр хаһаайыстыба
салаатын солбуйааччыта, биир дойдулааҕа Анатолий Алексеевич Алексеев,
иистэннэҥ Марфа Никитична Алексеева, балет артыыһа профсоюз
бэрэссэдээтэлэ Лена Юрьевна Алексеева-Ким, үлэ харыстабылыгар уонна
баһаары утары үлэҕэ специалист Юрий Аркадьевич Зубков Раиса Яковлевна
олорбут дьиэтин эркинигэр өйдөбүнньүк сибэкки дьүөрбэтин уурдулар.
Захарова Раиса Яковлевна (06.04.1954 – 05.01.2013) – Саха
Өрөспүүбүлүкэтин үтөлээх артыыһа (1991), Саха Өрөспүүбүлүкэтин
норуодунай артыыһа (2010), “Якутск – 82” ырыа күрэҕин дипломана, “Поёт
Якутск” Өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа күрэҕин лауреата (1987), “Якутск – 89”
Өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа күрэҕин лауреата, Өрөспүүбүлүкэтээҕи идэлээх
толорооччулар Ийэ дойдуга бэриниилээх буолар ырыа күрэҕин лаурета
(2002). Горнай улуус бочуоттаах олохтооҕо.

Раиса Яковлевна 1998 – 2011 сылларга С.А.Зверев-Кыыл Уола аатынан
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үҥкүүтүн тыйаатырыгар ырыаһытынан үлэлээбитэ.
Тыйаатыр уус-уран Сэбиэтин кыттааччыта этэ. Раиса Яковлевна Саха
аркыастыр доҕуһуолунан элбэхтик ыллаабыта, быыстала суох Саха сирин
устун, соҕуруунан-хотунан гостуруолларга сылдьыбыта. “Иһит — олоҥхо
дойдутун оҕото” (1999), айар үлэтэ 20 сылыгар анаан – “Мин сүрэҕим
иэйиитэ – ырыа ыллыгынан” (2002), 2004 с. төрөөбүтэ 50 сааһыгар анаан
“Ырыаларым олоҕум оһуордара”, 2007 с. айар үлэтэ 25 сылыгар анаан улахан
кэнсиэр, 2009 с. “Саҕахха саспыт сырдык иэйиилэрим”, 2010 с.
“Доҕотторбунаан дорҕооҥҥо уйдаран”.

2003 с. Өксөкүлээх Өлөксөй култуура киинигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин
норуодунай артыыһынаан Марина Поповалыын иккиэн “Самаан сайыны
көрсөн” улахан кэнсиэр көрдөрбүттэрэ. 2003 сылтан уонтан тахса сыл устата
үгэс быһыытынан “Туймаада” ыһыаҕар кэнсиэркэ кыттар этилэр, ырыа
түһүлгэтин ыһааччылар этэ. 2008 с. биллиилээх казах бэйиэтин кытары
Турсунай Оразбаевалыын иккиэн кэнсиэр тэрийбиттэрэ үрдүк таһымнаахтык
ааспыта. Раиса Яковлевна 2009 с. «Ырыа – мин олоҕум» сольнай кэнсиэр
көрдөрбүтэ.


Раиса Захарова тыйаатыр кэлэктиибин кытта XXXVII Пиренейскай
Норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ Францияҕа, Испанияҕа (1999)
үрдүк таһымнаахтык кыттыбыта. Ону таһынан Хабаровскайга (2000), “Дом
композиторов” Кэнсиэр саалатагар Санкт-Петербурга, Ленинград уобалаһын
Кировск куоракка (2003), А.К.Глазунов аатынан Санкт-Петербургтааҕы
Н.А.Римскай-Корсаков консерваторияҕа (2004) аркыастыр доҕуһуолунан
сахалыы ырыалары толорбута.

Раиса Захарова айар сойуустары кытта ситимнээхтик үлэлэһэр этэ.
Сылтан сыл саха мелодистар ырыаларынан репертуара кэҥии турара. 2009 с.

“Этигэн хомус” күрэххэ саха ырыата сайдыыгар өҥөтүн иһин Раиса
Яковлевнаҕа “Сүдү талааҥҥа сүгүрүйүү” диэн номинацияны иҥэрбиттэрэ.
1995 с. Раиса Захарова бэйэтин пуондатын Солоҕон оскуолатын
үөрэнээччилэригэр олохтообута. Сыл ахсын ырыаһыт талааннаах оҕолорго
стипендия төлүүрэ.

Раиса Яковлевна баай ис хоһоонноох айар үлэтин сырдатар
ыстатыйалар, кинигэлэр, ахтыылар бэчээттэнэн тахсыбыттара. Ону тэҥэ
НКИХ САХА пуондатыгар элбэх биэриилэр үйэтитэллэр.


Раиса Яковлевна Захарова ыллаабыт ырыаларын эдэр толорооччулар
сөбүлээн толороллор. Сыл хонук дииллэрэ чахчы. Бириэмэ ааһара түргэнин.
Талааннаах, мааны, дириҥ куоластаах норуот тапталлаах ырыаһытын Раиса
Яковлевна Захарованы куруутун ахта-саныы сылдьыахпыт, кини ырыалара-
ымыылара ыллана, тарҕана туруохтара.

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх