Норуот маастара Ульяна Миронова: Үлэттэн ураты дьарыктаах киһи олоҕо быдан чаҕылхай буолар

Бу орто туруу бараан дойдуга киһи буолан килбэйэргэ, айарга-тутарга дьиэ-кэргэн оруола сүҥкэн суолталаах. Бастаан төрөөбүт үөскээбит дьиэ-кэргэҥиҥ, онтон бэйэн тэрийэр дьиэ-кэргэнин.
Аан дойдутааҕы дьиэ-кэргэн күнэ бэлиэтэммитинэн, СӨ норуотун маастара Ульяна Егоровна Миронова ыалдьыттыыр. Кини олоҕун-дьаһаҕын, таптыыр дьарыгын – иис туһунан уонна олоххо көрүүтүн туһунан кэпсиэҕэ.
—Ульяна Егоровна, дорообо! Бастатан туран, ааҕааччыларбытыгар бэйэҥ тускунан кэпсиэҥ дуо?

— Сунтаар улууһуттан төрүттээхпин. Кыра эрдэхпиттэн тигэрбин сөбүлүүр этим. Ийэм мин кыра эрдэхпинэ наһаа иистэммэт этэ, ол эрээри, олус үчүгэйдик сабынан баайара, быысыбайдыыра. Кэлин сааһыран баран пэчворк диэн техниканы сэргээн бэрт үчүгэйдик тигэр буолбута. Төрдүбэр хос эһээм Бортунуой Хабырылла диэн улууска эрэ буолбакка Саха сиригэр биллибит улахан иистэнньэҥ баар. Былыр кини баайдарга таҥас тигэн, иистэнэн, дьиэ-кэргэнин хааччыйара эбитэ үһү.
Мин бэйэм өр сылларга Мииринэй куоракка үлэлээтим. Бастаан сахалыы сектор салайааччытынан, онтон «Алмаз» култуура дыбарыаһыгар уус-уран салайааччытынан, кэнники бочуоттаах сыыньалаҥҥа тахсан баран, иис кулуубун салайбытым. Билигин Дьокуускайга көһөн кэлбиппит. Мииринэйгэ өр сылларга үлэлээбит сыалым, санаам диэн сахалыы култуураны иис нөҥүө араас омук түөлбэлээн олорор сиригэр тарҕатыы этэ.
—Бу манна кыратык тохтоон ааһыахха. Мин билэрбинэн, бу соторутааҕыта “Магия лоскутных ритмов” диэн кырадаһынтан тигии туһунан нууччалыы тылынан бэрт наадалаах уонна сэдэх кинигэни таһаарбыккыт. Ол туһунан кэпсээ эрэ.
— Бу кинигэ сыала эмиэ үөһээ этиллибит миссиям салҕааһына буолар. Бу саҥа саҕалааччы иистэнньэҥнэргэ, кыбытык тиэхиникэтин сатыырга, баһылыырга аналлаах кинигэ буолар. Кинигэ сатаммытыттан бэйэм астынан олоробун. Манна оҥоһук тигиллэр хас биирдии хардыытын көрдөрө сатаатыбыт. Тоҕо диэтэр, саҥа саҕалааччы киһиэхэ туох эрэ өйдөммөт кэллэҕинэ, онно тиийэн иҥнэн хаалан чаҕыйан, баҕата сүтэн хаалыан сөп.
Кинигэҕэ кус баттаҕыттан кыбытыылаах дьон интэриэһин таппыт үлэ маастар кылааһа кытта киирдэ. Ону таһынан, кинигэҕэ саха маастардара эрэ тикпит оҥоһуктара киирбэтилэр. Холобура, хас да сыллар тухары миэхэ инженер идэлээх нуучча дьахталлара кэлэн дьарыктаммытара. Кинилэр үлэлэрэ бу кинигэҕэ эмиэ киирбиттэрэ.
—Эн олоҕун аргыһа кэнники үлэлэргэр эмиэ төһүү күүс буолар эбит. Дьиэ-кэргэнин туһунан кэпсиэҥ дуо?
—Ханнык баҕарар дьарыкка, үлэҕэ аттыгар эйигин өйүүр, өйдүүр киһи баар буоллаҕына, дьыалаҥ таһаарыылаах буолар. Оннук киһинэн миэхэ кэргэним СӨ үтүөлээх архитектора Миронов Сергей Васильевич буолар. Кэнники бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран, миэхэ үлэлэрбэр көмөлөһөр, эскиз оҥорон биэрэр.
Биһиги маҥнайгы кылаастан бииргэ үөрэммиппит, онон билсибиппит биэс уонтан тахса сыл буолла. Бэйэ-бэйэбитин биир тыла суох өйдөһөбүт. Ханнык баҕарар кыһалҕаны, олох уустуктарын тэҥҥэ быһаарабыт.
—Иискэ дьоҕура, удьуоругар иистэнньэҥэ суох киһи тигэн саҕалыан сөп дуо?
—Сөп бөҕө буоллаҕа. Ханнык баҕарар дьыалаҕа киһи баҕата эрэ наада. Олус күүскэ баҕарар, оҥорор, кыһаллар буоллаҕына, баҕалаах баҕанаҕа ыттар. Уонна оттон үчүгэй учууталлар киһиэхэ төһүү күүс буолаллар дии саныыбын. Мин олоҕум тухары наһаа үчүгэй учууталларга түбэспит дьоллоох эбиппин диэн билигин саныыбын. Бастатан туран, мин төрөппүттэрим мин сүрүн учууталларым буоллаҕа. Оттон иис туһунан этэр буоллахха, тигэрбэр бэйэм холонон көрөр этим, ийэм көмөлөһөрө. Кэлин хотунум Майя Гаврильевна Афанасьева түүлээҕинэн иистэнэргэ араас кистэлэҥнэри арыйбыта. Мииринэйгэ үлэлии сырыттахпына СӨ үтүөлээх учуутала Прасковья Ефимовна Дьячковская сахалыы төрүт иискэ сыһыарбыта. Галина Романовна Степанова РФ култууратын үтүөлээх үлэһитин мин бэйэм учууталбынан билинэбин. Уонна иис эйгэтигэр киирэрбэр, норуот маастара буоларбар саамай төһүү күүс буолбут киһинэн Республикаҕа биллэр иистэнньэҥ, норуот маастара Анна Николаевна Зверева буолар.
—Саха дьахтарын илиитин дьоҕура, өҥү-дьүһүнү сөпкө көрөн дьүөрэлиирэ атын омуктарга холоотоххо ордук диэн сороҕор этэллэр. Ону эн туох дии саныыгын?
— Баҕар оннук баара буолуо (күлэр). Ол олорор сирбититтэн-уоппутуттан, айылҕаны кытта ыкса сибээстээхпититтэн быһа тутулуктаах дии саныыбын. Уһуннаахай кыһыҥҥа дьиэҕэ хаайыллан олорон баран, күүтүүлээх саас-сайын кырааскаларын көрөн, ахтылҕанын оҥоһуктарыгар таһаарар эмиэ буолуон сөп.
— Билиҥҥи кэмҥэ кистэл буолбатах, ордук куорат аныгы кэрэ аҥардара буолуо, күннээҕи түбүккэ, үлэҕэ, «сырсыыга» сылдьар дьахталлар баҕарар да буоллахтарына, иискэ бириэмэ, кыах сатаан булбаттар. Кинилэргэ туох сүбэни биэриэҥ этэй?
— Мин култуура эйгэтигэр үлэлээбит буоламмын, ардыгар өрөбүллэрэ суох үлэлиир этим. Оннук күннэргэ оҕолорум, кэргэним хата бэйэлэрэ дьаһанан, ас астанан олорооччулар. Биир үксүн, үлэм уонна дьиэтээҕи түбүк кэнниттэн түүн иистэнэр этим. Аны 90-сыллар кризистарыгар түүлээҕинэн дьарыктанаммын, сакааска тигэммин эбии харчы оҥостор этим. Онон, мин санаабар, киһи баҕа санаалаах буоллаҕына барытыгар бириэмэ булар.
Уонна саамай кылаабыйана туох эрэ сөбүлүүр дьарыктаах киһи олоҕо чаҕылхай, толору буолар эбит. Кини аһыырын, ыарыытын умнуор дылы үлүһүйүөн сөп. Дьарыктаах киһи дьиэ-кэргэнигэр, бэйэтигэр сыһыана олох атын буолар эбит: сырдыгынан сыдьаайа, үөрэ-көтө сылдьар буолар. Кини киһи быһыытынан толору дьоллоох буолар диэн түмүккэ кэллим.


—Оннук бөҕө буоллаҕа. Эйигин кытта толору сөпсөһөбүн. Ульяна Егоровна, кэпсээниҥ иһин улахан махтал! Эйиэхэ айар үлэҕэр улахан ситиһиилэри, кытаанах доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥэр дьолу-соргуну!

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх