Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ

Интэриниэт ситимигэр тарҕаммыт сонуну сырса кылгастык быһааран бичийии

Пишут, что вчера под грифом секретно, бравый молодец Афанасий Максимов под покровом ночи собирал общественников. Явки, пароли раздавались сугубо лояльным к властям общественникам. Тема — предстоящие выборы.

Олунньу 24 күнүгэр мустууга киирэн кэлбитим, барыта Эр Дьон. Үксэ эдэрдэр.

Сыыһа өйдөөбүппүн дуу диэн, «сыа быыһыгар былчаххай» курдук сананан, кэннигэр чөкөччү миэстэ булан олордум.

Чочумча буолаат түөрт Далбар Хотуттар эбиллэннэр маҥан тураах буолбатым диэн эрэх-турах сананным.

Лоп курдук бириэмэтигэр Афанасий Николаевич кэпсэтиини бэйэтин билиһиннэрэн, билиҥҥи кэмҥэ тугунан дьарыктанарын кэпсээн саҕалаата.

Уруккуттан даҕаны Афанасий Николаевич бэйэтэ үлэлээн-хамсаан атаҕар турбут урбаанньыт буоларын, өссө хас да хайысханнан баһаам элбэх үлэ миэстэтин олохтообутун билэн, ол таһынан депутат быһыытынан туһатын, эбиитин Аар Айыы Итэҕэлэ тарҕанарыгар көмөлөһөрүн сөҕө-махтайа бэлиэтиирим.

Ыстаал хайдах хатарылларыныы, олох очурдарын оллурун-боллурун ааспыт киһи, промышленноска туһаайан-турунан Арктика хонноҕор харса суох кимэн киирбитэ үтүө холобур.

Манна диэн тоһоҕолоотоххо, матраас анныгар мунньуна сыппыт үбэ суоҕунан сибээстээн, саҥа «САХАТЭК» тэрилтэни тэрийээри баарын-суоҕун барытын атыылаан, иннин диэкки эрэллээхтик баран чэпчэки сыаналаах оттук хостоору, оҥорон таһаараары аҕыс лицензияҕа эбии өссө элбэҕи ылаары сүүрбүтэ-көппүтэ үһүс сылыгар барбыт.

Афанасий Николаевич ыккатыгар сылдьар саха уолаттара билиилэринэн хаалсыбакка араас омуктардыын тэҥҥэ алтыһан үлэлэһэллэрэ истиэххэ астыгын.

Тыйыс, тымныы дойдуга олорор аҕыйах ахсааннаах норуоттан күөрэйбит-тахсыбыт дьон халлааны «эрдибэттэрин-таһыйбаттарын» сураһан-ырытан, кинилэр проектарын суоттаан-учуоттаан туох эмит туоккалааҕы тутуһаарылар-туһанаарылар-туттумахтаарылар туора тас дойдуттан халыҥ хармааннаахтар балачча баһаам харчы угарга соруннахтара.

Ону таһынан, биир бэйэм сахабыт норуота инники сайдыытын толкуйдаан, бу көрсүһүүнү тэрийбит киһи общественнай хамсааһыннарга хайдах-хантан бириэмэ булан-аттаран-тыыран баҕата-кыаҕа-эниэргийэтэ тиийэрин мэйиим кыайан буһарбат. Иһиттэх аайы Афанасий Николаевич онно көппүт, манна барбыт. Итинник ытыллан олорор сүүрээни, кэлиини-барыыны эт-сиин эрчиллиилээх буолан уйан эрдэҕэ.

«Мустуу сыала-соруга тугуй…? — диэн хара маҥнайгыттан ирдэспит икки бөлөх Эр Бэртэрэ ситэри тулуйан-тэһийэн истибэккэ-билбэккэ үтүктүспүт курдук, эрдэттэн киксибиттии, утуу-субуу тахсан барбыттарын сатаан өйдөөбөтөхтөр ахсааннарыгар мин эмиэ киирдим.

Анаан-сорунан тугу истээри кэлбит бэйэлээхтэр эбитэ буолла?

«Хайа муҥун атаҕастана-баттана олоруохпутуй…?» — диэн тиис-тиискэ, муос-муоска киирсиэххэйиҥ диэн уоттаах-төлөннөөх этиини күүппэтилэр ини диэн «куурусса мэйии» сабаҕалааһыннаах буоллум.

Ол быыһыгар, кэпсээччини истиэхтэрин оннугар, олорон эрэ дөрүн-дөрүн атыттары кытары «ар-бур» дэһии иһиллэн мэһэйдииллэрэ.

Эр дьон этиһэллэрин-саҥарсалларын төрүкү ылыммаппын.

Саха киэҥ көҕүстээх. Тугу өйдөөбөтөҕү, кэлин хатыламматын түһүгар, көрсүһүү кэннэ кэпсэтэн быһаарсыбыт ордук этэ.

«Сахалар түмсүөххэйиҥ» — диир ыҥырыылар кэнники сылларга онно-манна син иһиллэллэрин бары истэ сылдьабыт.

Бөлөхтөр, общественнай тэрилтэлэр бэйэлэрэ үлэлиир хайысхалаахтара эмиэ биллэр дьыала.

Холобура, сирбит баайын хостооччулар сокуону толору тутуһан республикаҕа нолуок төлүүллэрин туруорустахха, Айылҕабытыгар хоромньута суох үлэлииллэрин хонтуруоллаатахха, барыыстарыттан олохтоох дьоҥҥо дивидент быһыытынан төлүүллэрин ирдээтэххэ сахалартан ким ночоотуруон сөбүн, сыыһа кэтэх санааланан өйдөөн, хатыһа олоруохха сөбө эбитэ буолла?

Бу маннык сытыы боппуруостарга, кыһалҕаларга сахалар сомоҕолоһон «Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ» диэн түмсүү аатыттан кырдьык элбэҕи ситиһиэхпитин сөп ээ.

Бу тыҥааһыннаах кэмнэргэ, кэннинэн кэтэмэҕэйдэммэккэ эрэлинэн-эйэннэн түмсэргэ сөбүлэспит ордук буолаарай?

Ытаабат оҕону эмсэхтээбэттэрин урукку дьылларга сытар ынаҕы туруорбат өбүгэлэрбит билэллэрэ-тутуһаллара.

Кыргыттарбыт чиэстэрин туһугар Триумфка тахсарбытыгар, өчөспүтүнэн өттөйөөрү, сутурукпутунан суудайаары салаллыбатахпыт.

Көрдөөтөххө-сыныйдахха «хас ыскаап аайы дьардьаманы булуохха» сөп?

Сыыспат-алҕаһаабат киһи суох?

Былыт быыһынан муннаран, туман быыһынан тумуннаран, хомойууну-хоргутууну хоннорбокко уруккуну умуннахпытына эрэ кэскиллээх санааҕа мэйиибит холлоҕосторугар миэстэ тахсаарай?

Дьиэ кэргэттэригэр ордук болҕомто ууруон оннугар, төрөөбүт төрүт дойдум олохтоохторун туһугар диэн тыллана-тыллана кыһаллар дьон уочараттара төһө уһунуй?

«Махсыымап быыбар-политика туһугар барахсан аат-суол оҥостоору муҥнанаахтыыр…» диэн айан күтүрээччилэр, кыыһыран кыйыттааччылар түүн минньигэстик утуйар туһуттан, доруобуйа эмсэҕэлээбэтин наадатыгар бэйэни харыстаныа этигит.

Билиҥҥи кэмҥэ чуолаан Афанасий Максимов курдук бастакыннан суохтан-кураанахтан баараҕай тэрилтэри тэрийбит ахсааннаах. Маннык туохтан даҕаны иҥнибэккэ инники күөҥҥэ хорутуулаах хамсааһыннардаах хоһуун САХА-лардыын өйдөөн-өйөөн холбоспут-кыттыспыт, кэннибитигэр хаалар кэскиллэрбитигэр суол тэлээһин, олохторун оҥкулун түстээһин курдук өйдүүбүн.

Көҕөн көттөҕүнэ көппөх эргийэр, ат сүүрдэҕинэ ыт хаалсыбат диэн баран туох долоҕойбор тохтообутун үллэһинним

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх