Номоххо киирбит, саха норуотун тапталлаах бөҕөһө
“Кылбаҥнатан тустар уол” аатынан сүрэхтэммит, “Тустуу поэзиялаах буоларын” итэҕэппит көҥүл тустууга ССРС спордун маастара Петр Егорович Попов бу күннэргэ үбүлүөйдээх 80 сааһын томточчу туолла
Ити кэрэ-бэлиэ түгэнинэн туһанан, өрөспүүбүлүкэ спорка Музейын дириэктэрэ М.Е. Друзьянов “Сузуки” массыынатынан Петр Егорович уонна Любовь Иннокентьевна Поповтар даачаларыгар сырыттыбыт.
Поповтар даачалара Тулагы Сыырдаҕын бөһүөлэгин утары айан суолун нөҥүө турар. Толору хааччыллыылаах саҥа дьиэ ыраахтан ыҥырар-угуйар. Эрдэттэн болдьоспут буоламмыт хаһаайыттар үөрэ-көтө көрүстүлэр. Саалаҕа сымнаҕас олбохторго олорон кэпсэттибит. Сээркээн сэһэнньит, көнө, сайаҕас майгылаах, толуу кыраһыабай көрүҥнээх аатырбыт бөҕөс таах олорбот. 2008 с. “Хардыы да чугуйбакка”, 2010 с. “Саха бастакы маастардара”, 2013 с. “Саха бөҕөстөрө Россия чөмпүйүөннэрэ”, 2017 с. “Үтүө аат хайдах кэлэрий” элбэх хаартыскалардаах түөрт дьоһун кинигэлэри суруйан таһаартарбыта. Инньэ гынан, кэпсэтиибит да истиҥ-иһирэх буолла.
Утумнааһын
Сунтаар Күндэйэтигэр 1943 сыл ыам ыйын 20 күнүгэр Егор Дмитриевич уонна Александра Васильевна Поповтар холхуостаах дьиэ-кэргэҥҥэ күн сирин көрбүт кыра уоллара Петя Элгээйи оскуолатыгар саамай сөбүлүүр уруога физкультура этэ. Атах оонньууларыгар, сүүрүүлэргэ, хайыһарга, хаҥкыга, акробатикаҕа, мээчиккэ, тустууга тэҥ саастыылаахтарын баһыйталыыра, күрэхтэһиилэргэ кыайталыыра. Бэйэтин кыанара төрөппүттэриттэн, удьуордарыттан бэриллибит. Күүһэ-уоҕа ийэтин өттүттэн. Эбээлэрэ 100 сааһын Саахырдыыр эмээхсин хороччу улаатан эрэр уончалаах убайын Володяны мэниктээн батымаары гыннаҕына харбаан ылан мөҕүһүннэрбитинэн ньилбэгэр туора сытыаран көп сиригэр таһыйара үһү. Аҕалара чугас эргин нэһилиэктэргэ быһыйынан биллибит. Онон, утумнааһын баар. Биирдэ улахан уолаттар дьээбэлэнэннэр, Петяны атыыр оҕус үрдүгэр олордубуттар уонна оҕуһу самыыга осуолаабыттар, маһынан атахха быраҕаттаабыттар. Сиргэммит атыыр оҕус уолу олордубутунан сүүрэн, ойуолаан бырдааттаммыт. Ньалҕаархай, халтараан оҕус кэтит самыытыгар олорон иһэр уол куттанан ыһыы-хаһыы бөҕөтүн түһэрбит. Хата чугас сылдьар ийэтэ таба көрөн, истэн, атыыр оҕуһу нэһиилэ тохтоппут. Уола, хата, охтубатах.
Итинник, эт-сиин өттүнэн тэтиэнэх Петя уол, ордук көҥүл тустууга “баардааҕа” биллибитэ. Физкультура учуутала Степан Александрович Сон тэрийбит секциятыгар дьарыктаммыта. 14 саастааҕар Хороҕо буолбут күрэхтэһиигэ улахан дьону кыайталаан үгүстэри соһуппута, сөхтөрбүтэ.
ССРС сүүмэрдэммит хамаандатыгар
Сунтаар көҥүл тустуу сайдыбыт дойдута. Маҥнайгы көлүөнэ тустууктар Семен Зедгенидзев, Николай Сафонов, Владимир Данилов, Алкивиад Иванов, Альберт Захаров курдук күүстээх бөҕөстөр тыыллан-хабыллан тахсар кэмнэригэр, Петр Попов өрөспүүбүлүкэ уолаттарыгар тэҥнээҕин булбатаҕа. Тустуук убайдарын кытта “эдэр кэскиллээх уол” дэтэн, өрөспүүбүлүкэ хамаандатыгар ылыллан, сүрүн тренер Н.Н. Волков илиитин иһигэр киирбитэ. Бииргэ дьарыктаммыта. “Спартак” обществоҕа бастаабыта. Итинтэн ыла эдэр уол иннигэр тустуу киэҥ аартыга арыллыбыта.
1961 сыллаахха Калиниград куоракка ССРС уолаттарын чемпионатыгар 70 кг үрүҥ көмүс мэтээли ылан үрдүк ситиһиилэммитэ. 1963 уонна 1964 сыллардаахха Москва куоракка “Спартак” общество Бүтүн Союзтааҕы Сэбиэтин уонна 19-21 саастаах Россия ыччаттарын чемпионаттарыгар бастаталаабыта. 1965 с. Калининградка Россия чемпионатыгар бастаабыта, “Бастыҥ техникатын иһин” анал бирииһи ылбыта. 1967 с. Сэбиэскэй Армия тустууктарын турнирын кыайбыта. Монголияҕа Варшавскай дуогабар кыттыылаахтара – социалистическай дойдулар армияларын күрэхтэһиилэригэр иккис миэстэлэммитэ. Онно, кэлин Олимпийскай оонньуулар призерунан буолбут Сэрэтэргэ тустуу бүтэн эрдэҕинэ көбүөр кытыытыгар биир очкону төлө туттаран баһыйтарбыта. 1968 сыллаахха Киргизияҕа ССРС зонатыгар бастыыр иһин күрэхтэһиигэ бастаабыта. Ити сыл Сэбиэскэй Сойуус хамаанданан бастыыр иһин чемпионатыгар Сэбиэскэй Армия хамаандатыгар тустан икки утарсааччытын ыраастык, иккини очконан, ССРС чөмпүйүөнэ грузин Нодар Хохашвилилыын тэҥнэһэн, хамаанда бастыырыгар улахан төһүүнэн буолбута. Кыһыл көмүс мэтээлинэн, дипломунан, ССРС оборонатын миниистирэ маршал А.А. Гречко аатыттан суруктаах фотоаппаратынан наҕараадаламмыттара. ЦСКА тиэргэнигэр баар аллеяҕа “Сэбиэскэй Сойуус чемпионнара” диэн стендэҕэ ааттара суруллубута. Болгарияҕа Норуоттар икки ардыларынааҕы турниры кыайбыта. Сибиир уонна Дальнай Восток чемпионаттарыгар үстэ бастаабыта. Сахатын сиригэр 1963, 1968, 1969 сс. чөмпүйүөнэ. Көрбүт эрэ астынар гына утарсааччыларын кыраһыабайдык кыайталыыра!
Петр Егорович бэйэтэ этэринэн, ордук киэн тутта ССРС (хамаанданан) уонна РСФСР чемпионаттарын кыһыл көмүс мэтээллэри ылаттаабытын ааттаталыыр.
Көбүөргэ суулаһа сылдьан биир дьарык кэмигэр улахан ыйааһыннаах тустууктар атаҕын үрдүгэр түһэн тобугун менискэтин алдьаппатахтара буоллар көрдөрүүлэрэ өссө үрдүк буолуо эбиттэр.
Петр Попов тустуулара олус сэргэх, киириилээх-тахсыылаах буолаллара. Ыалдьааччыларын сүргэлэрин олус көтөҕөрө. Чугуйар, кэтэһэр-манаһар диэн билбэт, кимиилээхтик тустара. Ыраах атахха түһэр, онтон тута, умса быраҕан, “мельницалаан” быраҕара. Бииртэн-биир албаһы субурутан оҥортуур, “комбинационнай” тустуугунан биллэрэ. Тэҥнэһии диэни сөбүлээбэт этэ. Туохха үөрэммитин, сатабылын хапсыһыы бүтүөр диэри туһанара. Тоҕус мүнүүтэ утарсааччытын ыган, араас угаайыларга киллэртээн, тохтоло суох тустара. ССРС, РСФСР, Саха АССР үтүөлээх тренерэ Д.П. Коркин сыаналаабытынан Петр Попов туран эрэ тустууга үрдүк техникалаах. Түөрэ тэбэн быраҕыылары, өттүктээһини, атахха киириини, хатыйыыны олус бэркэ оҥортуура, хапсыһыытын үрдүк тэтимнээхтик ыытара. Ити албастарын тустуу түгэннэригэр сөп түбэһиннэрэн холбооттуур, комбинациялыыр ураты хамсаныылардаах бөҕөс быһыытынан биллэрэ.
Дьылҕатын тустуу быһаарбыта
Петр Егорович бэйэтэ билинэринэн, кинини, кырдьык спорт, тустуу таһаарбыта, олорор олоҕор, үлэтигэр-хамнаһыгар сырдык сулустуу сирдээбитэ. Дьон-норуот ылынар сэбиэскэй-партийнай үлэһитэ, салайааччыта. 1969 с. тустуутун тохтоппута. Общественнай өйдөөх-санаалаах, дьоҥҥо үчүгэй сыһыаннаах эдэр киһини бэлиэтии көрөннөр, Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин, ССКП уобаластааҕы кэмитиэтин отделларыгар үлэҕэ анаабыттара. “Горнай” совхозка парткомнаабыта, Аллайыаха оройуонугар партия райкомун II сэкэрэтээринэн, райсовет бэрэссэдээтэлинэн таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Сөбүлэппитэ. Партийнай-сэбиэскэй уорганнарга үрдүк эппиэтинэстээҕин, дьыалабыай хаачыстыбалардааҕын көрдөрбүтэ.
Эппиэттээх салайар үлэлэрин быыһыгар, тустуу улахан маастарын быһыытынан тургутуулары эмиэ эрдээхтик ааспыта. Биирдэ, ыраах ыстаадаҕа тиийбиттэригэр, Сэмэн диэн күүһүнэн-уоҕунан биллэр, бөдөҥ киһини кытта нэлэмэн туундараҕа хаайаннар хапсыһыннарбыттара. Сэмэн тоҥ маһы тосторута тутар бэрт модьу киһи кэтит баппаҕайдарынан ыбылыта тутан-хабан, сиһиттэн кэдэрги тардыалаан, аатырбыт маастары кум-хам тутаттаан барбыта. Дойду, омук күүстээх бөҕөстөрүн илиилэрин-атахтарын элбэхтик билбэхтээбит халыҥ ааттаах-суоллаах бөҕөс хотторор буолла диэн өрүкүнэһии буолар. Онто эмиэ барчалаан истэҕинэ, уопуттаах маастар утарсааччытын төбөтүттэн ылан, чпчылҕан түгэнэ өттүктээн, киһитэ чигди хаарга тиэрэ таһылла түһэр. Нөҥүө күнүгэр, табаһыт Сэмэн оройуонун салайааччыта вертолетунан көтөөрү турдаҕына улахан чыыр балыгы санныгар сүгэн аҕалан, туох да саҥата суох Петр Егоровичка туттаран кэбиспитэ. Ол Петр Егорович өтөрүнэн умнубат күндү бирииһинэн буолбута. Хоту үлэлээбит уонча сылларыгар, Госкомспорт бэрэссэдээтэлэ А.Е. Алексеев көрдөһөн, үс Олимпийскай чөмпүйүөннэри: Роман Дмитриеви, Анатолий Белоглазовы, Иван Ярыгины ыҥыран ыалдьыттатан, көрүһүннэрэн, олохтоохтор махталларын ылбыта. Олимпиецтэр даҕаны улаханнык астыммыттара.
Былаас уларыйыытын, дойду үрдүнэн ыһыллыы-тоҕуллуу сылларыгар Петр Егорович Попов Госкомспорт бэрэссэдээтэлинэн, онтон Саха өрөспүүбүлүкэтин спорка миниистиринэн ананан, биллэр-көстөр дьаһаллар ыытыллыбыттара. Роман Дмитриев тустуу сүрүн тренеринэн, Александр Иванов спорка үрдүкү маастарыстыба оскуолатын дириэктэринэн үлэлиир эппиэттээх кэмнэригэр, 1991 с. Дьокуускайга Россия көҥүл тустууга чемпионатын көбүөрэ тэлгэммитэ. 1964 сыллаах саха бөҕөстөрүн чаҕылхай ситиһиилэрэ хатыламмыта. 48 кг Василий Гоголев, 52 кг Петр Малардыров, 57 кг Николай Яковлев кыһыл көмүс, Герман Контоев, Василий Стручков үрүҥ көмүс, Сергей Степанов, Андрей Христофоров, Артур Федоров боруонса мэтээллэри ылаттаабыттара. 1992 с. Япония, Монголия, Чехословакия, Хакасия, Саха сирин көҥүл тустууга табаарыстыы көрсүһүүлэрэ, көҥүл тустууга, боксаҕа Турция хамаандатын кытта матчевай көрсүһүүлэр ыытыллыбыттара. Олимпийскай эрэллэр училище үлэҕэ киллэриллибитэ. Мас тардыһыытыгар саҥа быраабыла ылыллыбыта, “СахаВА”, “Сахаада-спорт” тэриллибиттэрэ, Саха чаҕылхай тустуукатрыгар анаммыт “Турнир звезд” ахтылҕан түһүлгэтэ болҕомтону тарпыта. Хотугу норуоттар Спартакиадалара, табаһыттар күрэхтэһиилэрэ үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбыта. Онон, Петр Егорович Попов көдьүүстээхтик үлэлээбит Саха Өрөспүүбүлүкэтин спорка бастакы миниистиринэн буолар.
СГУ-гар историческай факультеты, Тыа хаһаайыстыбатын Академиятыгар зоотехник отделениетын, Хабаровскайга үрдүкү партийнай оскуоланы бүтэртээбитэ. Пенсияҕа тахсыар диэри “Якутскэнерго” кадры кытта үлэҕэ Управлениены салайбыта.
Эҕэрдэлэр
Уһулуччулаах бөҕөскө суолта, болҕомто ууруллар. Р.М. Дмитриев аатынан Олимпийскай эрэл училище иитиллээччилэрин кытта көрсүһүүнү училище дириэктэрэ Семен Чердонов салайан ыытта. Маҥнайгы көлүөнэ тустууктар аатырбыт бөҕөһө тустууга хайдах кэлбитин, туруоруммут сыалы-соругу ситиһэргэ тугу гыныахха сөбүн, сөбүлээн туттар албастарын, кимнээҕи кытта тустубутун, хапсыһыыларын сытыы түгэннэриттэн кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. Үчүгэй тустуук буоларга күүстээх баҕа санаа баар буолуохтааҕыг, хас биирдии тустуук дьылҕата тус бэйэтиттэн тутулуктааҕын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Саха государственнай университетын историко-филологическай факультетыгар историческай отделениетыгар үөрэнэр Сунтаар ыччата Петр Попов уонна нуучча тылын отделениетыгар үөрэнэр Майа кыыһа Любовь Сергучева 1969 с. “Сэргэлээххэ” 200-н тахса киһилээх сыбаайбаны оҥорбуттара. Наһаа кыраһыабай пааралар этилэр диэн оччотооҕу көлүөнэ үгүс дьон өйдүүллэр. Сүрэхтэрин холбооннор биир олоҕунан олоруохтаахтарын Петр түүлүгэр көрбүтэ дьикти. Арай, түһээтэҕинэ сэмэй саха нарын, кэрэ кыыһа билисэпиэтинэн иһэрин утары көрсүбүт. Ол кыыһын студенныыр сылларыгар лекция кэнниттэн переменаҕа көрүдүөргэ дьүөгэлэрин кытта сылдьарын көрөн соһуйбут. Билсиспиттэр. Биир дойдулааҕа, тустуу маастара, тренер, ырыаһыт-тойуксут Николай Иванович Сафонов тамадалаабыта. Сыбаайба Дальнай Восток көҥүл тустууга чемпионата түмүктэммит күн киэһэтигэр буолбута. Тустуук ыалдьыттар элбэх этилэр. Олимпийскай чөмпүйүөннэр Александр Медведь, Александр Иваницкай, Роман Дмитриев, ССРС үтүөлээх тренерэ Сергей Андреевич Преображенскай уруу бырааһынньыгын киэргэппиттэрэ.
Петр Егорович 50 сааһын туолар үбүлүөйүгэр Дагестан аатырбыт бөҕөһө, аан дойду биэс төгүллээх чөмпүйүөнэ Али Алиев эҕэрдэ телеграмма ыыппыта, “саха бөҕөстөрө кимиилээх тустуулаах Петр Попов холобурун батыһыҥ” диэy дириҥ билиниитин биллэрбитэ.
Билигин Поповтар дьиэ-кэргэн түөрт оҕолоруттан, сэттэ сиэннэриттэн, үс хос сиэннэриттэн олохтон толору дьолу билэн олороллор.
Эҕэрдэлиибит!
+7 (999) 174-67-82