Педагог из Екюндю, обвиняемый в педофилии, выступил с последним словом
Николай Сивцев: Хайаан да кырдьыгым кылбайан тахсыа диэн күүскэ эрэнэбин
Сегодня, 15 июля в Верхневилюйском районном суде выступил с последним словом Николай СИВЦЕВ, педагог из Екюндю Вилюйского улуса, обвиняемый в педофилии.
Дело рассматривает судья КИРИЛЛИН В.А.
Заслушав последнее слово, судья назначил дату оглашения приговора – 25 июля 2022 года.
Адвокат Тихон ДОРМИДОНТОВ предоставил SakhaLife текст последнего слова педагога Николая Сивцева. SakhaLife изменил в тексте персональные данные подростков. Николай Григорьевич воспользовался своим конституционным правом говорить на своем родном языке – якутском.
Ытыктабыллаах суут председателэ Василий Александрович, манна мустубуттар, дьонум-сэргэм!
“Бүтэһик этии” диэн баарын мин урут, суукка-сокуоҥҥа сыһыана суох киһи, урут истэн даҕаны билбэт этим. Онон, судургутук, бар дьон иннигэр этэр кэс тылым буолуохтаах дии саныыбын.
Мин хаайыыга олорбутум оруобуна балтараа сыл буолла. Ол тухары тоҕо, туохтан барыта маннык буолла диэн элбэхтик толкуйдаатым уонна маннык сүрүн түмүктэргэ кэллим.
Бастакытынан, билиҥҥи кэмҥэ киһи бэйэтин көмүскэнэр быраабын билиэхтээх, ытырары кытары ытырсар уостаах-тиистээх, кытаанах, хабыр майгылаах буолуон наада эбит. Ийэлээх аҕабыт оҕолорун сэбиэскэйдии, коммунистыы сиэргэ ииппиттэрэ. Хойутаан ыал буолбут буолан, биһигини күүскэ таптыыллара, маанылыыллара, ол эрээри бука бары дьиэҕэ эбээһинэстээх этибит, үлэни өрө тутарга такайаллара. Аҕам Григорий Егорович – Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо, учуутал, үс нэһилиэккэ сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит, дьон-сэргэ ытыктабылын ылбыт киһи этэ. Кини амарах дууһалаах, дьоҥҥо наар үтүөнү оҥордорбун диэн санаанан салайтарара. Олоҕу олус күүскэ таптыыра, спорт, культура сонунун сэргиирэ, саҥа хаһыаты көтүппэккэ ааҕара, оҕолорун, сиэннэрин нарыннык таптыыра. Биһиги кинини көрөн-үтүктэн, кырдьыгы өрө тутарга, баарынан сылдьарга үөрэммиппит. Аҕам барахсан бу түбэлтэ кэнниттэн мин санаабын көтөҕөн истиҥ тылаах суруктары суруйара, көмүскүү сатаан, бэл, республика баһылыгар тиийэ суруктары суруйбута, ол эрээри уйан сүрэҕэ бу улахан охсууну, соһуччу ааҥнаан кэлбит алдьархайы тулуйбата – олохтон өлөн туораата. Ол да буоллар, сотору кэминэн хаайыыттан тахсан, көмүс уҥуоҕун эргитиэм диэн эрэл санаалаахпын.
Ийэм Розалия Терентьевна оскуолаҕа үйэ аҥара үлэлээбитэ, элбэх ахсааннаах махталлаах үөрэнээччилэрдээх. Нэһилиэк музейын төрүттээбитэ, нэһилиэк историятыгар сыһыаннаах биэс кинигэни суруйбута. Бу орто дойдуга мин саамай таптыыр, миигин олус күүскэ таптыыр киһим – күн күбэй ийэм барахсан суорҕан-тэллэх киһитэ буоллар да, күн аайы миигин кэтэһэ сытарын сүрэхпинэн билэбин. Мантан тахсан ийэбин ыга куустарбын, сыллаан ылларбын – иккиэммит дууһата уоскуйуо этэ дии саныыбын.
Мин олоҕум уустук күннэригэр саамай өйүүр, күүспэр күүс биэрэр дьонум – дьиэ кэргэним буолар. Көҥүлгэ эрдэхпинэ, кэргэммин Быйаана Григорьевнаны кытары биир сүбэнэн салайтаран наар бииргэ сылдьарбыт, бэйэ-бэйэбитин өйдөһөрбүт, дьиэ кэргэммит иһигэр бэйэбит туспа үгэстэрдээх этибит. Баччааҥҥа диэри мин дойдубар атын тугунан даҕаны итээбэккэ, күннээҕинэн, тыа сирин түбүгүнэн дьоллоохтук уонна көнөтүнэн олорбутум. Булт, балык, от, сир аһа, муус ылыыта, үлэм, спорт – бу барыта миигин астыннарара, атын дойдулар кэрэлэрэ, туох эрэ үрдүк ситиһиилэр, албан аат — миэхэ наадата суоҕа. Сымнаҕас майгылаах буоламмын дэриэбинэм иһигэр кими даҕаны кытары иирсибэт этим, барыларын кытары истиҥ сыһыаннааҕым. Арыгы, табах дьаллыгыттан туора тутта сатыырым, дьиэ кэргэним интэриэһинэн салайтаран олорбутум. Төбөбөр даҕаны батарбаппын — дьиэлээх-уоттаах, таптыыр кэргэннээх, оҕолордоох киһи, тугум итээн маннык халбархай суолга үктэниэм этэй.
Иккиһинэн, аныгы суут-сокуон системата боростуой киһи интэриэһин кырдьыгынан көрбөт, киһи дьылҕатын болҕомтоҕо ылбат эбит диэн өйдөөтүм. Интернакка үлэлиир кэммэр ити икки уустук олохтоох, ыарахан майгылаах оҕолору педагог быһыытынан төһө кыалларынан өйүү-өйдүү сатаабытым. Коля, дьиҥэр, иитиитэ суох эрээри, судургу, боростуой уол курдуга. Миэхэ истиҥ, аһаҕас сыһыаннааҕа. Бэл, эбэтэ ыытар харчытын мин эрэ карточкабар ыыттарар буолара. Мин киниэхэ ордук бастакы угонун кэнниттэн итинник гынар куһаҕанын этэ-тыына, өйдөтө сатаабытым. Уонна бөдөҥ, бэйэтин кыанар, миигин өссө күүс өттүнэн сабырыйар буолуон сөптөөх уолга киирэн биэрэр өй да суоҕа. Дьоно полицияҕа уруккуттан учуокка турар уолбут иккис угонун кэнниттэн оҕо хаайыытыгар барыа диэн уонна ыстараап төлөөмөөрү, уһуну-киэҥи санаабакка, маннык суолга киирдэхтэрэ дии саныыбын. Оттон Семенов ыарахан майгылаах, киитэрэй уол буолан, аттыгар да турбатах оҕом этэ. Ол мин туох буоламмын итиччэ айылаах тыллаах, ирдэбиллээх, УНОҕа үлэлиир ийэлээх оҕону эккирэтиһэ сылдьыам этэй?! Дьиҥэр, ити оҕолору соччо буруйдуу санаабаппын, оҕолор буоллахтара. Оскуоланы уоттуу сатаан, күрээн, аны атын киһи массыынатын угоннаан, алдьатан, ыстараап төлөөрү ыксаан туран, өйдөрө баайыллан, тута бэйэни эрэ куоттарар баҕаттан итинник толкуйдуу, тобула охсон эттэхтэрэ, маннык сиэллэнэн-кутуруктанан тахсыа диэн санаабатахтара буолуо. Абарарым диэн – ити оҕолор эппиттэрин истэн баран, КДН инспектора НИКОЛАЕВА оскуолаҕа бэйэтэ тиийэн быһаарсыбакка, бэрэбиэркэлээбэккэ, сонно тута следкомҥа эрийэ охсубут. Следкомнар ону истээт, миигин үлэбиттэн тутан киллэрэллэр. Онтон сарсыныгар сууттаан, бу ыарахан ыстатыйанан балыйаллар. Барыта тиэтэлинэн, ыксалынан оҥорбуттарын кэлин өйдөөбүттэрин да иһин, рапорт бардаҕа, суут буоллаҕа. Онон, следователлэр ол алҕастарын көннөрө сатаабакка, киһи дьылҕатын туһунан толкуйдаабакка, бэйэлэрин эрэ иннилэрин көрүнэн, бу дьыаланы тэрийдилэр. Бу барыта — следователлэр ЗЫРЯНОВ, ЧИРИКОВ, КДН инспектора НИКОЛАЕВА аакка-суолга баҕаран, геройство көрдөрөөрү тэрийбит дьыалалара. Дьиҥэр, сыыһа, ыксаан тэрийбиттэрин өйдөөтөхтөрө дии. Ол эрээри начальствоттан мөҕүллүмээри, суох дьыаланы баар гына сатаабыттара абалаах уонна кыһыылаах. Педофилияҕа сыһыана суох дьону буруйдааһын — биһиги дойдубут олоҕор арҕааҥҥы дойдулартан уонна Америкаттан киирбит муода. Урут саха дьонун ортотугар маннык кыдьыктаах дьон баалларын туһунан истибэт даҕаны этибит. Оттон билигин мин бэйэм да билэрбинэн, дьон да кэпсииринэн, сүүһүнэн саха киһитэ туох да дакаастабыла суох маннык дьыалаҕа түбэһэн СИЗОҕа олорор, буруйданар.
Сэт-сэлээн, айыы-хара диэн баар дииллэр. Бу дьыалаҕа кыттыгастаах дьон, дьиҥэр, ис дьиҥин билэр эрээри мундир чиэһин харыстаан түбэһиннэрэ сатаабыттара, киһи олоҕунан оонньообуттара — тус олохторугар куһаҕанынан дьайыа, иэстэбиллээх буолуо дии саныыбын. Прокурор көрдүүрүн курдук, 20 сылы биэрдэхтэринэ, маннык ыарахан ыстатыйалаах киһи дойдубар этэҥҥэ эргиллэн кэлэрим биллибэт. Онон, прокурор барытын билэ-көрө олорон, итинник санааҕа кэлиитэ — буруйа суох киһини өлүүгэ ыытарга тэҥнэһэр дии саныыбын. Ити төрөппүттэр да, оҕолор да миигин балыйан үтүө олоххо тиксэллэрэ биллибэт. Баҕар, олох кэлин өйдөммүттэрин да иһин, олус хойут буолуоҕа.
Үөрэрим диэн үөрэнэччилэрим, коллегаларым, нэһилиэгим дьоно миигин туох кыалларынан, биир киһи курдук турунан көмүскүү сатаатылар. Ордук улахан махталым – үөрэнээччилэрбэр, кинилэр төрөппүттэригэр. Бу курдук кырдьыгы этэртэн куттаммат, суобастарынан сылдьар ыччаты иитиспитим – бу мин учуутал, иитээччи быһыытынан биир дьоһун ситиһиим буолар дии саныыбын. Дьиҥэр, оҕолор тугу эрэ албынныы сатаабыттара, сымыйалаан көмүскүү сатаабыттара буоллар, уопуттаах суут үлэһиттэрэ сымыйаларын тутан ылыах этилэр, албынныыллара хайаан да биллиэх этэ.
Суут мин ырааспын, ити оҕолор сымыйаларын толору дакаастаата дии саныыбын. Онтон атын буолар да кыаҕа суох этэ, ким тугу сымыйанан эбэн-сабан кэпсиэх этэй. Оттон экспертиза чааһыгар киирдэххэ, боростуой киһи да көрдөҕүнэ, сакааһынан суруллубуттара өйдөнөр дии саныыбын. Дьонум, адвокаттар ити экспертизалар саарбах түмүктэрин специалистарга ыытан хос бэрэбиэркэлэтиэхтэрэ, онно суоҕун дакаастыахтара дии саныыбын.
Бэйэбин уоскутуна саныырым диэн — дьонум-сэргэм бука бары бу дьыаланы таах хаалларбаппыт, тиһэҕэр тиийэ киирсэбит диэн эрэннэрэллэрэ буолар. “Ойуурдаах куобах охтубат”, “Кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат” – оннук буолуо диэн эрэнэбин.
Суут туох даҕаны диэн уурааҕы таһаарбытын иһин бэйэм кырдьыкпын билэбин уонна хаһан эрэ хайаан да кырдьыгым кылбайан тахсыа диэн күүскэ эрэнэбин. Суут үөһэ этиллибити барытын учуоттууругар көрдөһөбүн.
+7 (999) 174-67-82