«НХЗ»-лар Дьабыылларга саҥа «Беларус» тыраахтары бэлэхтээтилэр! ?☀️✨
Балаҕан ыйын 8 күнүгэр Дьабыыл нэһилиэгэр үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста. Бу күн олохтоохтор өр сылларга ыра оҥосто сылдьыбыт баҕа санаалара олоххо киирэн сүргэлэрэ улаханнык көтөҕүлүннэ. Биир дойдулаахтара, нэһилиэк Бочуоттаах гражданина, СӨ мэссэнээтэ, «Нөмүгүтээҕи килиэби оҥорор собуот дириэктэрэ Вячеслав Нестеров аҕатын дойдутугар саҥа «Беларус» тыраахтары бэлэх уунна.
- Вячеслав Нестеров мин оскуолаҕа үөрэппит оҕом Анатолий Андреевич оҕото. Кини биһиэхэ бу курдук көмө-тирэх буола сылдьарыттан нэһилиэк дьоно-сэргэтэ улаханнык үөрэбит, астынабыт. Сабыс-саҥа «Беларус» тыраахтары бэлэх аҕалан биэрбитэ тугун бэрдэй! Олохтоохтор ааттарыттан истиҥ махталбытын тиэрдэбит, — диир кырдьаҕас учуутал Федор Самойлов.
- Тыа сирин элбэх үлэтин үмүрүтүүгэ, мас-муус таһыытыгар, сайынын окко, ойуур баһаара да турдаҕына, тыраахтар туһата олус улахана биллэр. Мин баҕа санаам диэн тыраахтары биир эрэллээх илиигэ, тырахтарыыска туттараргытыгар, оччоҕуна уһун кэмҥэ сулууспалыа этэ. Биһиги тэрилтэ Дьабыылга бу иннинэ уу таһар массыына ылалларыгар, уу турбатын тардалларыгар көмөлөспүппүт. Итини сэргэ 2019 сыллаахха «Үлэ күүһэ» диэн мас мастааһыҥҥа күрэхтэһии ыытан онно мастаммыт маһы бүтүннүү нэһилиэк кырдьаҕастарыгар, элбэх оҕолоохторго тарҕаппыппыт. Бу курдук биһиги бэйэ-бэйэбитин өйөһөн үлэлиэхтээхпит. Оччоҕуна бу уустук кэмҥэ турукпут бөҕө буолуоҕа , — диэн бэлиэтээтэ Вячеслав Нестеров.
Дьабыыллар мантан ылата саҥа тыраахтарданан, үлэлэрэ-хамнастара өссө таһаарыылаах буоларыгар эрэнэбит.
Фото: автора
Источник: Айталина Шадрина
Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Наверх