Наталья Харлампьева: Ким да төннүбэт көмүс ыллыгар уктэниэххэ…

Народный поэт Якутии Наталья ХАРЛАМПЬЕВА поделилась в ВКонтакте своим осенним настроением и новыми стихами.

 — Холодное нынче выдалось лето… По утрам по- осеннему холодно и только днем, если солнце появляется? то чуть- чуть воздух прогревается. Но я осень люблю, особенно август! Вечерами в темном небе блещут звезды. Недавно приезжали внуки и всю ночь бегали смотреть на анонсированный звездопад… В это время стихи пишутся сами собой. Вот это стихотворение (так трудно всегда писать, о чем твои стихи!) о судьбе и долге поэта, об истории своего народа, о будущем и о том, что земная жизнь человека коротка… Вот картина Дилором Мамедовой «Дорога жизни». Уходит в вечность старая женщина, которая оставляет на этой земле детей, внуков, свою плоть. Тех, кого привела в этот мир. Она опирается на посох и идет спокойно навстречу вечности. И не надо видеть ее лица, спина ее настолько выразительна, что каждый видит в этой картине свою маму… И я увидела. Возможно, и мои внуки увидят потом в этой картине и меня…

БЭЙЭБЭР

Айанныахха, аан дойдуну анаарыахха,

Атын куораттар уулуссаларыгар мунуохха,

Үтүө доҕоттор ыадьытымсах ындыыларын уйуохха,

Үйэлээх ырыалар дорҕоонноругар тимириэххэ,

Былыргы бөлүһүөк мындырын иҥэриниэххэ,

Ааһар аргыс батыһа көрбүтүн хоһооҥҥо кубулутуохха,

Хайа да дойду хараҥа халлааныгар

Бэйэ сулуһун булуохха…

Үйэлэр быыстарыгар быстаран ылыахха,

Кумах кыырпаҕар кубулуйуохха,

Куйаары тургутар, кэйээри кэҥэтэр,

Таас балбаал сипсигин истиэххэ,

Сылгы туйаҕын анныттан тиллиэххэ,

Кэм-кэрдии тыйыс тыалын мииниэххэ,

Өбүгэ оноҕоһун ойуута буолуохха…

Күннээҕи олоххо көмөнөн-сүбэнэн

Эр киһи, уол оҕо көҥүлүн күөттүөххэ,

Халыҥ хахха, суон дурда буоларын оҥорсуохха,

Омукпут эстибэт, кэхтибэт кэскилин тэрийсиэххэ,

Боотуру алҕыахха,

Оҕону кууһуохха,

Сиэни сыллыахха —

уонна, дьэ, хоһоонньуппун дэниэххэ!

Ыйдаҥам сырдатар

Уһуга көстүбэт,

Ким да төннүбэт

Көмүс ыллыгар

уктэниэххэ…

Впрочем, это стихи, посвященные самой себе — конечно же, любимой, но несовершенной и непредсказуемой, как и осень…

1 Комментарий
Старые
Новые Популярные
Межтекстовые Отзывы
Посмотреть все комментарии
Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх