Модуттар эбэлэрэ көмүс хатырыктааҕынан күндүлээтэ
Күөллэр муустара туран, нэһилиэктэргэ муҥха кэмэ саҕаланан эрэр. Итиэннэ, Байанай ыйа тосхойоро кэллэ. Муҥха — мууһу аннынан балыктааһын биир ньымата буолар. Уһун үйэлэр усталарыгар үтүө үгэс буолан кэллэ. Кыһыҥҥы кэмҥэ муҥха соботугар тииһинии кыстык аһылыгы хааччыныы буоллаҕа.
Өрөбүл күннэргэ, Нам улууһун Модутугар олохтоох дьаһалта көҕүлээһининэн, икки күн нэһилиэнньэҕэ анаан муҥха тэрийэн, көмүс хатырыктааҕы хаһааннылар. Бастакы күн Дьүөдьэй күөлгэ 80-ча олохтоох уонна ыалдьыттар мустаннар түспүттэр, иккис күн 70-ча киһи мустан Лөглөҕө муҥхалаабыттар.
Муҥхалыырга үгэс быһыытынан сиэр-туом тутуһуллар. Тиийээт да кутаа оттон ыраастанан баран күөлгэ киирбиттэр. Муҥханы нэһилиэк аҕам саастаахтарыттан биирдэстэрэ Василий Сыроватскай иилээн-саҕалаан, ыйан-кэрдэн, сүбэлээн салайбыт.
Байанай күндүлээбититтэн үтүө үгэс быһыытынан кырдьаҕас биир дойдулаахтарыгар уонна байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр бэрсибиттэр. Ийэ дойдуларын көмүскэлигэр сылдьар буойуттарга анаан икки куул собону улуус дьаһалтатыгар аҕалан туттарбыттар.
«Икки күн бэрт сэргэхтик күргүөмүнэн муҥхалаатыбыт. Бу кэлэр өрөбүллэргэ оскуола коллектива үөрэнээччилэрин айылҕалыын алтыһыннара, өбүгэ үгэһин көрдөрө эмиэ муҥхалыахтаахтар. Көй салгыҥҥа сылдьан, эдэр муҥхаһыттарга көмөлөһөн, ким тугу кыайарынан-сатыырынан үлэлээтибит-хамсаатыбыт», — диэн нэһилиэк баһылыга Ефим Гоголев санаатын үллэһиннэ.
+7 (999) 174-67-82