Миитэрэй Наумов — дьиҥ-чахчы тыа сирин норуотун суруйааччыта

Тыа сиригэр төрөөбүт-үөскээбит, улууска улааппыт, олоҕум улахан аҥаарын оройуоҥҥа олорбут, үлэлээбит буолан, суруйааччы, драматург Дмитрий Федосеевич Наумов айар үлэтин бастакы кинигэтэ тахсыаҕыттан сэргиибин, сэҥээрэбин, астына-дуоһуйа ааҕабын. Кини суруйуулара бэйэм оҕо сааспын, ааспыт сэбиэскэй кэм күүрэннээх үлэтин, өрө оргуйа олорор күргүөмнээх олоҕун, дэриэбинэ сыыска түһэрбэт сытыы тыллаах оҕонньотторун, намыын-наскыл эбээлэрин санаталлар…

60-с сылларга кырыы учаастакка олорон, саҥа тутулла турар оскуола дьиэтин тэлгэһэтигэр мас сыыһын хомуйа тиийэн баран, онно эмиэ бэрэбинэ олугун хомуйа кэлбит бөһүлэк эмээхситтэрин кэпсээннэрин истэ олорон хааларым, “Кыым” хаһыаты илдьэ кэлбиттэрин доргуччу ааҕарым. Онтон арыый улаатан, ыкса ыалым, доҕорум Толя арыыһыттыыр ийэтин Маарыйаны кытта пиэрмэ сайылыгар тахсыһан, ынах хомуйсарбыт, ньирэйдэри аһатарбыт, илии сэппэрээтэрин чуурка уура-уура салҕанан нэһиилэ эрийэрбит, сыылба-наҕыл оҕуһунан тэлиэгэҕэ сүөгэйдээх бөтүөннэри тиэйэн, Сунтаарга арыы собуотугар киллэрэрбит. Бэһис кылаастан сайын аайы окко тахсан, мындыр кырдьаҕастар салалталарынан харса суох үлэлиирбит, кинилэр сүбэлэринэн үлэ араас көрүҥүн баһылыырбыт, омурҕаҥҥа олорон кинилэр бүппэт урукку кэм күүстээхтэрин, Байанайдаах булчуттар, бөһүөлэк сороҕор көрдөөх, сороҕор күлүктээх өрүттэрин тустарынан кэпсээннэрин умсугуйан истэрбит.

Маны барытын эргитэн санаатым, сэтинньи 3 күнүгэр Национальнай библиотека Историческай саалатыгар саха норуотун суруйааччыта Миитэрэй Наумов 75 сааһыгар анаан, кини икки саҥа кинигэлэрин сүрэхтэниитигэр кэлэн олорон.

Ити икки кинигэттэн биирэ — мин санааларбын өрүкүппүт “Ааспыт үйэ оҕолоро, аныгы үйэ …оҕонньотторо” диэн миигиттэн арыый аҕа саастаах уонна үөлээнээхтэрим, тыа сирин олохтоохторун тустарынан кэпсээннэр хомуурунньуктарын “Дани-Алмас” тэрилтэ таһаарбыт. Иккиһэ, аата да этэрин курдук, “30 кэпсээн” диэн сонун хайысхалаах кинигэ эмиэ сонун таһаарыы буолла — бу тыа киһитин олоҕун арахсыспат аргыстарын, дьиэ кыылларын — сылгы, ынах, ыт — тустарынан норуот таптаан ааҕар суруйааччытын кэпсээннэрин кинигэ кыһата буолбакка, Былатыан Ойуунускай аатын литературнай музей үлэһиттэрэ хомуйан таһаарбыттар.

Мин тус бэйэм Миитэрэй Наумов суруйарын сэбиэскэй кэмнээҕи биллэр суруйааччы Фазиль Искандерга майгыннатабын, кини сорох дьоруойдарын Василий Шукшин “чудиктарыгар” ханыылатабын. Ардыгар ааҕа олорон доргуччу күлэн ылабын, сырдык иэйиигэ ылларан мичээрдиибин, сороҕор санаарҕаан сонньуйабын.

Кинигэлэр сүрэхтэниилэрин радио үлэһитэ Татьяна Тарасовна Степанова иилээн-саҕалаан ыытта.

Дмитрий Федосеевиһы үбүлүөйүнэн уонна саҥа айымньылара тахсыбытынан эҕэрдэлээн биир дойдулаахтара, суруйааччы уонна учуонай доҕотторо, кини талааныгар сүгүрүйээччилэр тыл эттилэр. Ол иһигэр тыл билимин доктора Валентина Семенова, саха норуотун поэта Сайа-Наталья Михалева, Ойуунускай литературнай музейын дириэктэрин солбуйааччы Линда Иванова, суруйааччы Айталина Никифорова, биир дойдулаахтара, поэтессалар Саргылаана Гольдерова-Саргы-Куо уонна Любовь Горохова-Сүүмэх, биллэр политик, общественник Михаил Санников, эдэр сааһыттан доҕоро, полковник Петр Лазарев, о.д.а. суруйааччы айымньыларын уратытын, тылын-өһүн баайын ырыттылар. Саха театрын артыыската Ириина Никифорова уонна быйыл Щепкин аатынан училищены бүтэрэн кэлбит эдэр артыыстар Д. Наумов кэпсээннэрин аахтылар. “Офсет” реклама оҥорор, кинигэ таһаарар кыһа салайааччыта Екатерина Захарова бастайааннай авторыгар 50 тыһ. солк. суммаҕа кинигэ бэчээттээн биэрэр мэктиэ суругу туттарда. Онтон Д.Ф. Наумов Амма улууһугар баһылыктыы сылдьан урбаан эйгэтигэр кынаттаабыт биир дойдулааҕа, “Чороон XXI үйэ” фирма тэрийээччитэ, салайааччыта Софья Попова суруйааччы мөссүөннээх уонна кинигэлэрэ ойуулаах сиэдэрэй оҥоһуулаах чороону бэлэх уунна. Саха сирин суруйааччыларын союһун чилиэттэрэ доҕордоругар сэлии муоһуттан уруучуканы уонна биир идэлээхтэрэ айар талаанын кыымнара мэлдьи саҕыллан тахса турдуннар диэн хатат бэлэхтээтилэр.

Дмитрий Федосеевич кэлбит дьоҥҥо, бэйтэин ааҕааччыларыгар, саха дьонугар-сэргэтигэр махтанан туран, сопхуос салайааччытынан, нэһилиэк, улуус баһылыгынан, тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн, СР бырабыытылыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан үлэлии сылдьан оҥорбутун аҕынна, саҥа былааннарын сэгэтэн ааста.

Маны суруйа олорон, бүгүн бассаапка биир дойдулааҕым суруйуутун сэҥээрэ аахтым: “Культураҥ, тылыҥ-өһүҥ, абыычайыҥ саха ынахтарын муостарыгар-туйахтарыгар, Дьөһөгөй оҕолорун сиэллэригэр-кутуруктарыгар бааллан баччаҕа кэллэхтэрэ дии”. Бу тыллар чопчу Миитэрэй Наумов үлэтигэр-хамнаһыгар, суруйар кинигэлэрин тутулугар, ис хоһоонугар толору сөп түбэһэллэр.

Хаартыскам барыта телеграм-ханаалбар баар

https://t.me/VladKorotov54/62455

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх