Михаил Ефимович бүтэһик хаартыската

Барыбытыгар салайааччы эрэ буолбакка, саамай күндү, чугас киһибит курдук сүрэхпитигэр киирбит Бастакы Бэрэсидьиэммит — Аан Дархаммыт олоҕун хас биирдии түгэнэ — саха олоҕун кэрэһитэ буолар.

Михаил Ефимович бу хаартыскаҕа ааспыт от ыйыгар Матвей Евсеевтиин Москуба Бэс Чагдатыгар тураллар. Кини бу иннинэ хаста да Матвей Николаевиһы «кэлэ сырыт, көрсүбэккэ айаннаары гынным» диэн ыҥырбыт эбит. Матвей Николаевич: «Итинник диир буоллаххына тиийбэппин. Ханна да айаннаабаккын» — диэн булгунан сылдьыбыт. Ол эрээри хайыай, ирдэбил кытаанахтык турбутугар тиийэн, Бэс Чагда таһыгар баар дьиэтигэр ытык киһитин көрсүбүт, рестораҥҥа илдьэ сылдьыбыт. Элбэҕи кэпсэппиттэр. Михаил Ефимович сэргэх баҕайы көрүҥнээх үһү, туругун тупсарарга тугу өссө тобулуохха сөбүн ыйыталаһан көрбүтүн аахайбатах. Кэнники кэмҥэ мед. полиһын Москваҕа Евсеев төлөөн, хааччыйан сылдьыбыт эбит. Атаарарыгар хаартыскаҕа түһүөххэ диэн буолбут уонна Матвей Николаевич массыынаҕа олорон барарыгар оннук туран хаалбыт. Ити кэнниттэн ЦКБ киирбит…

🌿Онон, бу хаартыска саха аныгы историятын оҥорбут Аан Дархаммыт бүтэһик хаартыската буолар.

САЙА.

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх