Мэлдьэхси үлэһит ыччата үһүс сайынын биэ ыыр
Мэлдьэхсибит улэьит ыччата, АГАТУ аспирана Саргылаан Константинович Охлопков быйыл үһүс сайынын биэ ыырын истэн ыамын үгэнигэр көрүстүм.
Саргылаан ыраах алааска мэччийэ сылдьар биэлэрин үс күнү быһа бодьуустаһан аҕалан кулунчуктарыттан ыыр кэмигэр арааран, биэлэри ыанарга үөрэтэн, тиритэн-хорутан үлэлии сылдьарын көрөн үөрэ санаатым. Аныгы ыччаппыт инникини көрөн сахатын төрүт үгэһин симэлиппэккэ, ыарахантан чаҕыйбакка үлэ үөһүгэр сылдьар. Ыһыахтар чугаһааннар, саха бастыҥ утаҕын ‒ уохтаах кымыспытын бэлэмнии сылдьар эбит.
Ити иннинэ «Омурҕан» бырайыак Мэлдьэхситээҕи норуот айымньытын дьиэтин салайыытынан Хаҥалас улууһугар Өктөмҥө биллэр кымысчыт, кыһыннары-сайыннары биэ ыыр пиэрмэр Марк Лихановка уопут атастаһан кэлбиппит. Сүүтүк сүбэлэри ылан, сайдарга саҥа саҕахтар арылыннылар. Настаабынньыктарынан убайдара Хаҥалас улууһуттан Петр Егорович уонна аҕата Константин Егорович буолаллар. Саргылаан Охлопков кымыһа өрөспүүбүлүкэбитигэр Туймаада ыһыа5ар быйыл иккиһин быыстапкаҕа туруоҕа. Билигин кымыска сакаас киирэ турар. Улууспут нэһилиэктэриттэн култуура үлэһиттэрэ сиэргэ-туомҥа туттаары, ыһыах маанылаах аһа оҥостоору, тэрилтэлэр, нэһилиэнньэ ыһыахха сакаастыыллар. Былырыын ыһыахха 100 лиитэрэ кымыһы атыыга таһаарбыттара. Быйыл 150 лиитэрэ былааннаахтар. 1 лиитэрэтэ ‒ 450 солкуобай.
Саха бастыҥ утаҕын, өбүгэлэрбит үгэстэринэн оҥорон таһаарыыны симэлиппэккэ, салгыы сайыннаран, элбэтэн иһэргэ талаһыахха, үлэлии сатыыр, баҕалаах тыа сирин ыччатын төһө кыалларынан өйүөххэ эрэ наада.
Барыгытын кэлэн иһэр үрүҥ тунах ыһыахтарынан, күүстэ-уохта ылыныҥ, чэгиэн-чэбдик туруктаныҥ!
+7 (999) 174-67-82