Маҥнайгы көлүөнэ тустууктар ыллыктара

Николай Николаевич Волков Москватааҕы  үрдүкү  тренерскэй  оскуоланы бүтэрбит дипломнаах, сахалартан бастакы  тустуу тренэрэ, тустуу аҕата, профессора, дипломата буолар. Кинилиин бииргэ  алтыспыт  буолан, бэрт  элбэҕи  истибитим  уонна  билбитим.

Бириэмэ баран истэҕин аайы маҥнайгы  көлүөнэ тустууктар тренердэрэ: Иван Морозов, Арташес  Карапетян, Василий Румянцев, Илья Павлов, Николай Давыдов, Семен Зедгенизев, Кирилл Григорьев,  ону  тэҥэ улахан тустууга суолу аспыт, номоххо киирбит инники көлүөнэ тустууктар сыыйа-баайа ахтыллыбат буолан бардылар. “Уруккубутун  билбэт  буоллахпытына билиҥҥибит суох, билиҥҥибит  суох  буоллаҕына  инникибит суох” диэн  өс  хоһооно баар. Онон Н.Н. Волков  кэпсээниттэн,  кылгас  соҕус да буоллар, инники көлүөнэ тустууктар  ситиһиилэрин  сырдатары  сөптөөҕүнэн  ааҕабын.

Хаҥастан уҥа: Алкивиад Иванов, Алексей Ермолаев, Владимир Радченко, Клим Никитин, Николай Габышев, Николай Волков

1959 с. от ыйын 1 күнүгэр Ленинград куоракка Арассыыйа  норуоттарын II спартакиадата буолбута. Онно сахалартан бастакынан Н.Н. Волков судьуйалыыр чиэскэ  тиксибитэ. Манна  кыттыбыттара: Николай Гоголев (52 кг), Сергей Иванов (57 кг), Владимир Варламов (62 кг), Дмитрий Данилов (73 кг), Василий Румянцев (87 кг). Биллэрдик-көстөрдүк  Николай Гоголев  уонна  Дмитрий Данилов  тустубуттар. Николай Гоголев үс  киһини утуу-субуу хотон полуфиналга тиийэр. 4 киһи хаалар, ол  иһигэр оччолого 1 разрядтаах, кэлин  аан дойду 5 төгүллээх   чемпиона буолбут Али Алиев баара. Николай  сэрэбиэй  быһыытынан Союзка биллэр Арассыыйа чемпиона  Асхат Шайхутдиновы  кытта  тустар. Оччолорго тустуу 12  мүн. уонна  хайаан да партердаах тустуу хапсыһыыта икки өртүттэн киириилээх-тахсыылааах буолар. Биһиги  бөҕөспүт  Асхаты икки  атаҕыттан хабан ылаат, өрө кулахачытан таһааран,  көбүөргэ  муостаппакка  да  лаппаакытыгар  уурар. Утарылаһааччы  киитэрэйдээн,  албыннаан  дөйбүтэ буолан хаалар, айдаан  бөҕө буолар. Асхаты  биһиги  киһибит төбөтүнэн быарга  охсон  уҥна  диэн  быһаараннар,  Гоголевы  устан   кэбиһэллэр. Ити  күрэхтэһиигэ Гоголев  балыллыбатаҕа  буоллар, бастыан   сөп  эбит. Ол  оннугар   1962 с. Гоголев  итэҕэтиилээхтик  сахалартан бастакы Арассыыйа  чемпиона  буолар.

Ити күрэхтэһиигэ Дмитрий Данилов Арассыыйа чемпиона Тотрову (Хотугу Осетия), Цокаевы (Омскай )  тэбэн  түһэртээн, лаппаакыларыгар ууран  элбэхтэри  соһутар. Ити  сыл “Труд”  общество киин сэбиэтин кµрэхтэ´иитигэр 3  миэстэ буолан,  сахалартан  аан  маҥнай  спорт маастара буолар.

1961 с. ССРС  чемпионатыгар Таллин уонна Минскэй куораттарга 7 саха   уолаттара кытталлар. Хамаанданы Н.Н. Волков салайан илдьэр. Барыларыттан ордук Дмитрий Данилов тустар. Кини Сойуус чемпиона  Владимир Горбатенколыын тэҥнэһэр. Сойуус призера Коханы (Эстония) кытта тэҥнэһэр. Уолаттар Арассыыйа көбүөрүгэр тэҥҥэ анньыһар  буолбуттара көстөр. 1962 с.  Семен Дмитриев Союз чемпионатыгар, аан  дойду чемпиона Айдын Ибрагимовы хоппутун биэрбэтэхтэрин  үрдүнэн,  төрдүс миэстэ буолар. Ити сыл Н.Гоголев, А.Захаров, Э.Гегеев Арассыыйа чемпионнара  уонна  призердара буолаллар. Итинтэн ыла саха уолаттара аан  дойду көбүөрүгэр тахсан  бараллар.

Аан маҥнай 1963  с. Махачкалаҕа  Николай Гоголев,  Алквиад  Иванов  РСФСР хамаандатыгар киирсэн, Иран пехлеваннарын (бухатыырдарын)  кытта тустубуттара. Онтон 1964 с. РСФСР хамаандатыгар киирсэн,  Монголияҕа тустубуттара. Хамаандаҕа Алквиад Иванов, Петр Алексеев,  Елькан Тедеев, Юрий Шахмурадов, Юрий Аветисян, Курбан Агаев,  Бимбулат Дзуцев, Геннадий  Андиев (Сослан Андиев  убайа, а±алара Андиев  оҕонньор Александр  Иваницкай  суруйуутунан 2 м 28 см үрдүктээх бухатыыр киһи эбит) киирбиттэр. Бу  күрэхтэһиигэ Н.Н. Волков  тренер  уонна   судьуйа  быһыытынан тахсыбыта.

1964 с. сайыныгар  Н.Н. Волковтаах туруорсан, Россия чемпионата  Саха сиригэр буолбутугар, түөрт  чемпион, түөрт призер Саха сириттэн  пьедесталга тахсыбыттара.  Ити сыл  Н.Н. Волков  аан дойду  студеннарын   чемпионатыгар Болгарияҕа саха түөрт  уолун  илдьэ тахсар. Николай Захаров иккис, Константин  Леонтьев үһүс  буолаллар.

 1966  с.  аан дойду кыра чемпионатыгар аан маҥнай Тбилисситээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы  турнирга Н.Н. Волков Сойуус старшай  тренер  Дякиннааҕы  кытта быһа  кэпсэтэн,  түөрт саха уолун илдьэ  тахсар. Грузиннары кытта сыһыан олохтуур  сыалтан, муоска толору ханньаах кутан  биэрбиттэрин, тост этэн  баран, түгэҕэр  диэри  түһэрэн  кээспит уонна охтон  түспүтэ үһү диэн  легенда  баар. Онтон  ыла  грузиннарга олох  ытыс  үрдүгэр  сылдьыбыта эбитэ үһү. Бэйэтэ, ыйыттахха, мүчүк гынан баран, арыый  сымнатан  кэпсиир этэ. Вячеслав Карпов, Петр Алексеев, Петр Попов улахан  ситиһиилээхтик тусталлар. Эдэр уолаттар: В.Карпов, А.Ермолаев,И. Федосеев, С.Морфунов, С.Макаров уо.д.а. Сойууска оҕолорго уонна эдэр  уолаттарга  чемпион  буолбуттара.

1960-с  сылларга Н.Н. Волков көҕүлээһининэн  Саха сирин хамаандата Дагестан хамаандатын кытта матчевай көрсүһүү оҥорон тураллар. Көрсүһүү 4:4 тэҥнэһиинэн түмүктэммит. Кэлин мин ССРС көҥүл тустууга федерациятын Президиумун  чилиэнэ буола сылдьан, Дагестаҥҥа Союз  күрэхтэһиитигэр  сырыттахпына, Деги Багаев, Дагестан номох буолбут улуу  тренерэ,  Н.Н.  Волкову итиитик  ахтан эҕэрдэ ыыппыта. Биир дьиктитэ  диэн, ол матчевай күрэхтэһиигэ Дагестан тустууктарыттан  биир  да  киһи  үрдүк  үөрэҕэ  суох  эбит. Биһиги  тустууктарбыт бары үрдүк үөрэхтээхтэр  буолан биэрбиттэр. Аҕыйах сыллааҕыта Дагестан биир биллэр-көстөр  учуонайа Дагестан тустууктара үөрэҕи өрө туппакка, наар тустуунан эрэ  үлүһүйэллэр диэн кириитикэлээн турар.

Н.Н. Волков бэһис кинигэтин сүрэхтэниитигэр

Биһиги инники көлүөнэ  тустууктарбытын  ырытан  көрбүппүт,  маннык  хартыына  буолан  таҕыста:

—  Максим   Сибиряков нуучча тылын учуутала,  республикаҕа  биллэр-көстөр партийнай деятель буолбута. Түөрт оройуоҥҥа райком 1  сэкирэтээринэн  µлэлээбитэ, норуот хаһаайыстыбатын  үтүөлээх  үлэһитэ, үс  уордьаннаах,  89  сааһыгар  диэри  олорбута, бүтэһик  күннэригэр  диэри  хаһыаттарга  сүрдээх   проблемнай  ыстатыйалары   суруйар  этэ.

— Николай Гоголев сахалартан Арассыыйа маҥнайгы  чемпиона,  устуоруйа билимин хандьытаата, историко-юридическай  факультет маҥнайгы декана, ЯГУ  проректора этэ.

— Петр Гаврильев геолого-минералогическай билим дуоктара, профессор, СӨ биир  биллэр көстөр учуонайа этэ. Научнай үлэлэрэ дойду уонна тас  дойдулар сурунаалларыгар  бэчээттэнэллэрэ,  үрдүк  сыанабылы  ылара.

— Сергей Иванов геолог, Үлэ  кыһыл знамята уордьан  кавалера,  көмүс  промышленноһын  ветерана этэ.

— Николай  Алексеев физика-математика билимин хандьытаата,  ХИФУ  профессора этэ. Көҥүл  тустуу талааннаах  пропагандиһа. Кини  аатынан Нам оройуонугар сыллата  турнир буолар. Ол турнир кыайыылаахтара Азия, Европа, аан дойду чемпионнара  буолуталаабыттара.

— Владимир Данилов самбоҕа ветераннарга  аан дойду хас да  төгүллээх   чемпиона. Республикаҕа биллэр тойуксут, оһуохай таһааарааччы. Хас да хоһоон  кинигэлэрин  автордара.

— Дмитрий Данилов сахалартан маҥнайгы спорт маастара, үөрэҕирии  министерствотын ытыктабыллаах үлэһитэ, тутаах дуоһунастарга үлэлээн  сылдьыбыта. Дириҥ ис  культуралаах,  духовнай  баайдаах  интеллигент киһи  этэ.

— Петр Попов Советскай  Союз биир саамай техникалаах тустууга, Арассыыйа, ССРС  сэбинэлиилээх  күүстэрин   чемпиона. Райисполком, партком, райком сэкирэтээрдэринэн, спорт миниистиринэн  үлэлээбитэ. Харчытын үбүн бэйэтэ булан, көҥүл тустуу туһунан түөрт кинигэни таһааттарда. Тустуу  ветераннарын  бырабылыанньатын биир актыыбынай чилиэнэ.

— Николай Босиков саамай талааннаах, тустуу ымпыгын-чымпыгын иһиттэн  билэр,  күн  бүгүнүгэр  диэри  тэҥнээҕэ суох  радиокомментатор этэ. Биология билимин хандьытаата, үгүс научнай үлэлэрэ интэриэһи  тардаллара.

— Владимир  Варламов  өрөспүүбүлүкэ  биир  биллэр-көстөр, ытыктанар  суруналыыһа этэ.

Ити  курдук  маҥнайгы көлүөнэ тустууктар уонна тренердэр Василий Румянцев, Николай Волков, Илья Павлов, Николай Давыдов уо.д.а.  туһунан  элбэҕи   кэпсии  туруохха  сөп.

Маҥнайгы  көлүөнэ тустууктар холобурдарын өрө тутан, кинилэр  үгэстэрин салҕаан, кэлин көлүөнэ тустууктар өссө илин кирбиигэ   таҕыстылар. Олимпийскай оонньуулар кыайыылаахтара Роман Дмитриев СӨ  норуодунай дьокутаата, “Полярная Звезда”, Бочуот Знага  уордьаннар  кавалердара, Арассыыйа уонна  ССРС үтүөлээх  тренерэ. Павел Пинигин СӨ норуодунай дьокутаата, “Полярная Звезда”, Бочуот Знага уордьаннар кавалердара, Украина үтүөлээх тренерэ. Александр  Иванов Полярная  звезда  уордьан  кавалера, Мииринэй куорат  бочуоттаах  гражданина. Кинилэр  бары Якутскай  куорат бочуоттаах  гражданнара. Василий  Гоголев ССРС хас да  төгүллээх  чемпиона, аан дойду чемпионатын  призера, “Үтүө дьулуур оонньууларын”  кыайыылааҕа, Чурапчы улууһун бочуоттаах гражданина,  үтүөлээх тренер.

 Петр Юмшанов аан дойду чемпионатын призера, СӨ норуодунай дьокутаата, Арассыыйа үтүөлээх тренерэ, Нам улууһун бочуоттаах гражданина, Арассыыйа спорткомитетын тустууга биир сүрүн отделын салайааччыта. Аан дойду чемпионнара бырааттыы Контоевтар Горнай улууһун бочуоттаах гражданнара, Леонид Спиридонов Азия оонньууларын кыайыылааҕа, икки төгүллээх олимпийскай оонньуулар кыттыылаахтара, аан дойду призера, СӨ спордун  миниистирэ. Виктор Лебедев аан дойду икки  төгүллээх чемпиона, олимпийскай оонньуулар кыттыылаахтара, юрист  үөрэхтээх, СӨ норуодунай дьокутаата, “Саханефтегазсбыт” генеральнай  директора; Евгений Слепцов Орто Халыма оройуонун ба´ылыгынан үс  больдох үлэлээбитэ. Николай  Чукров саамай   ыарахан  ыйааһыҥҥа Россия  эдэрдэргэ  абсолютнай  чемпиона, юрист   үөрэхтээх, Орто Халыма куоратын мээрэ. Николай Неустроев ССРС чемпиона, Абый улууһун бочуоттаах олохтооҕо.

Бастакы эрээт: хаҥастан уҥа: Николай Волков, Андрей Захаров, Макар Яковлев, Николай Неустроев. Тураллар биллибэттэр

Соторутааҥҥа диэри сахалар кыра ыйааһыҥҥа эрэ тусталлар диэн  өйдөбүл  баара. Павел  Пинигин эрэ 68, 74  кг  ССРС  чемпиона, аан дойду  үс  төгүллээх чемпиона, Олимпийскай  оонньуулар   чемпионнара  буолбута.  Билигин  Айаал  Лазарев  супер  ыарахан  ыйааһыҥҥа  120  кг тустууктардаах дойдуларга Азия  оонньууларын кыайыылаҕа, аан  дойду  чемпионатын  үһүс  призера, Олимпийскай оонньуулар икки төгүллээх кыттыылаахтара. Никита  Хабаров Ярыгин турнирыгар аан дойду ыарахан ыйааһыҥҥа ааттаахтарын  кыайан  үһүс  буолла, Арассыыйаҕа супер  ыарахан 120  кг лиидэрдэргэ  киирдэ. Өссө сатаан тутан-хабан  эрчийбит киһи, ити ыйааһыҥҥа Горнай  ыччата Эдуард Максимов тахсыан сөп. Ити курдук сахалар осетиннар  курдук ханнык баҕарар улахан ыйааһыҥҥа тустууктары таһаарар  кыахтааахтара  көһүннэ.

Билигин көбүөргэ эрчийэ сылдьар тренердэр Федот Соловьев, Иннокентий  Кочкин ветераннарга аан дойду чемпионнара буоланнар,  бэйэлэринэн холобур  биэрэллэр.

Билиҥҥи көлүөнэ тустууктар инники көлүөнэ тустууктар холобурдарыгар олоҕуран бэрээдэктээхтэр,  үөрэххэ, билиигэ  дьулуһаллар. Күүстээх уонна  техникалаах эрэ буолбакка, көбүөргэ эр санаалаах,  куттаммат буолууга, кыайыыга дьулуһууга  үөрэнэллэр. Сиэрдээх,  чиэһинэй,  эйэлээх буолууга тардыһаллар. Билиҥҥи тустуу таһыма олус улааппыт  буолан, ити этиллибит хаачыстыбалары таһынан мэйиилэр, толкуйдар  хапсыһыылара  баар  буолла.  Ол иһин билиҥҥи тустуук  интеллектуальнай сайдыылаах,  киэҥ  билиилээх  буолуохтаах.

Александр Иванов, Макар Яковлев, Василий Гоголев

Улуу  тренер  Дмитрий  Коркин  ситиһиитин  олуга  туохха  этэй   диэн толкуй  киирэр. Кини  бэйэтэ  баара суоҕа  бастакы разрядтаах тустуук этэ. Кини ситиһиитэ бэрээдэккэ, дьулуурдаах буолууга, билимҥэ олоҕурар  этэ. Саха сирин араас  муннуктарыттан мэник-тэник, бэрээдэктэринэн  оччо  ырааппатах оҕолор кэлэн  тосту уларыйан  тахсаллара,  Коркины  ытыгылаан  Петрович диэн эрэ ааттыыр буолаллара. Дмитрий Коркин научнай  тэтэрээттэрэ  өссө  да   ситэ үөрэтиллэ  иликтэр. Сорох  өртүн  ылан  көрөр  эбит  буоллахха,  бэрээдэги  уонна билиини  бастатан  туран  ирдиир эбит.

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх