Site icon SAKHALIFE

Мөлүйүөн ахсааны аҕалбыт кыысчаан аҕата Амматтан сыдьааннаах

Саха сиригэр мөлүйүөн ахсааны аҕалбыт кыысчаан аҕата Амматтан сыдьааннаах

Үрүҥ тунах ыһыах буолуон аҕай иннинэ, Ил Дархан Айсен Николаев бэйэтин телеграм каналыгар Саха сирин олохтооҕун ахсаана биир мөлүйүөҥҥэ тиийбитин туһунан үөрүүлээх сонуну иһитиннэрбитэ. Онон өрөгөйбүт үрдээн олордоҕуна, саҥа төрөөбүт кыысчаан, аҕата олох да Амма Бөтүҥүттэн сыдьааннааҕын туһунан суруйбуттара. Оччолооҕу истэн баран, дьэ ол хайдаҕын-тугун диэн аймахтарыгар эрийэн сурастыбыт.

Саха сиригэр мөлүйүөн ахсааны бэлэхтээбит кырачаан киһи ийэлээх аҕата иккиэн Мирнэй куоракка “Алроса” АК үлэһиттэрэ. Ол курдук ыал аҕата Гаврил “Центр сортировки алмазов” техническэй алмаас учаастагын начальнига, ыал ийэтэ Арина “Якутнипроалмаз” институт ирбэт тоҥу хонтуруоллуур отделын начальнига. Онтон дьэ кинилэр Амманы кытта хайдах сибээстээх эбиттэрий диир буоллахха, Гаврил аҕата Никита Кимович

Амма улууһун Бөтүҥ нэһилиэгэр төрөөбүтэ, улааппыта. Онтон ыал буолан, Бүлүүгэ баран олохсуйан олорбута 42 сыл буолбут. СӨ ветеринариятын туйгуна, РФ бочуоттаах бэтэрээнэ, “Ытык аҕа” бэлиэ хаһаайына.

“Төрөөбүт Амма Эбэбин ахтабын, куруутун саныыбын. Дойдубут туруу үлэһит дьоннордоох ытык сир. Оҕолорбун кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ-хамнаска иитэн билигин бары үлэһиттэр. Үс оҕолоохпут. Кыыһым Туйаара Дьокуускай куоракка, кыра уол Константин Ленскэй куоракка үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Улахан уол Ганя өрөспүүбүлүкэ мөлүйүөннээх оҕотун төрөппүтэ буолбутун истэн үөрдүбүт, долгуйдубут ”, — диэн кыра киһи эһэтэ Никита Кимович санаатын үллэһиннэ.

Дьоллоох эһэ ийэтэ «депутат Дуунньа» диэн аатынан дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэр, туруу үлэһит Евдокия

Николаевна Яковлева. Бастыҥ үлэһит буолан Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан талыллан үлэлээбитэ. Аҕата Ким Никитич Онуфриев төрүт Бөтүҥ олохтооҕо. Өр сыллаах сыралаах үлэтэ сыаналанан Үлэ Кыһыл Знамята уордьанынан наҕараадаламмыта.

Кини балта биллиилээх, норуот таптаан истэр мелодистката Клавдия Онуфриева буолар. Дьэ ити курдук бэйэтэ да билбэтинэн сахалары биир мөлүйүөн ахсааҥҥа тириэрдибит кырачаан киһи убаастанар, ытыктанар дьонтон силистээх-мутуктаах буолар. Манна даҕатан эттэххэ, ааспыт, өрөспүүбүлүкэбит 100 сылыгар, аан бастакы үбүлүөйдээх оҕо эмиэ

Аммабыт улууһугар күн сирин көрбүтэ. Дьонугар эрэ буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэ дьонугар дьоһун үөрүүнү, долгуйууну аҕалбыт кыысчааммыт этэҥҥэ улааттын, дьонун-сэргэтин курдук туруу үлэһит киһи буоллун, эдэр ыалга дьоллоох олоҕу, или-эйэни баҕарабыт.

Exit mobile version