Site icon SAKHALIFE

Лига отцов Якутии поздравляет с Днем сына

Уол оҕолоох бары төрөппүттэри, уолаттары уонна эр дьону өрөспүүбүлүкэбитигэр бэлиэтэнэр Уол оҕо күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин!

Муус устар ый иккис өрөбүлүгэр номнуо төрдүс сылын Уол оҕо күнүн бэлиэтиибит. Омукпут албан аатын түһэн биэрбэт уолаттары иитэн таһаарыахтаахпыт! Өбүгэлэрбит былыр былыргаттан уол оҕону уратытык тутан, сиэри-туому батыһыннаран,  кырдьаҕаһы ытыктыырга, кыамматы харыстыырга, көлүөнэ үгэстэрин тутуһуннаран иитэн, такайан кэлбиттэрэ. Уол оҕо дьиэ кэргэҥҥэ истиҥ сыһыаҥҥа иитиллэн, аҕатыттан үтүө холобур ылан, үлэни таптаан, буһан-хатан, этин-хаанын эрчийэн,  инникитин эрэллээх аҕа,  дьиэ кэргэнигэр тулхадыйбат тулааһын, эрэллээх эркин буола улаатыахтаах, өй-мэйии өттүнэн сайдарыгар, ситэригэр-хоторугар ийэ аҕа иккиэн кыһаллыахтаахтар, үтүө холобур буолуохтаахтар.

Уол оҕо бүтүн норуоппут бүгүҥҥүтэ, инники сайдар кэскилэ. Саха Уолана, Эр киһитэ, бу дьалхааннаах, балысханнаах XXI-с үйэҕэ үтүө үгэстэриттэн туораабакка, олоҕу кытта тэҥҥэ сайдан, атын омуктар таһымнарыттан хаалсыбакка олук уурсар кыахтанна. Чэгиэн-чэбдик чөл туруктаах, төрөөбүт төрүт тылын үрдүктүк тутан,  араас омук тылын тэҥҥэ баһылаан, сайдыылаах олоҕу кытары хардыылыыр, дьоҕурун — сатабылын сөптөөхтүк туһанан,  дойду сайдарыгар туруулаһан үлэлиир тэтимҥэ үктэннэ.

Уол оҕо улаатар, сайдар тутулугар тулалыыр эйгэ, айыл5алыын алтыһыы улахан суолталаах. Оҕо айылҕаҕа тапталы  этигэр-хааныгар иҥэринэн, сахалыы санаалаах-толкуйдаах улаатан иһиэхтээх. Ол кэнэҕэс, улахан киһи буолан, олох суолугар үктэнэригэр күүс-көмө буолар. Тулалыыр дьоҥҥо ытыктабыллаахтык сыһыаннаһар, үлэни сыаналыыр, дьоһун иитиилээх оҕо олоххо толору бэлэмнээх, итэҕэллээх улаатар.  Дьону кытта уопсай тылы түргэнник булар таба өйдүүр дьоҕурданар.

Хас биирдии уол оҕо бу олоххо үгүс тургутууну ааһар. Кыра эрдэхтэн бэйэтин модун санаатын, булгуруйбат тулуурун, бэйэтин салайынар күүһүн сайыннаран олоххо бигэтик, чиҥник үктэниэхтээх. Сахабыт сирин уолаттара, инники эрэллэрбит,  ханнык баҕарар дьыалаҕа дьоһуннаах, кыһамньылаах сыһыаҥҥытынан тобуллаҕас толкуйдаах үлэһит бэрдэ буолуҥ. Эти-хааны эрчийэн, күүһү-уоҕу, тулууру сайыннаран, саха норуотун аатын үрдүктүк тутуҥ! Ону ситиһэргэ аҕалар туох баар сырабытын, күүстээх санаабытын уолаттарбытыгар иҥэриэхтээхпит.

Саха сирин аҕаларын алгыстарын тиэрдэн туран умсугутуулаах үөрэҕи, билиини тэһииниттэн тутан, мындыр өйү, тобуллаҕас толкуйу иҥэринэргитигэр баҕарабын.
Олох киэҥ урсунугар хотойдуу  дохсуннук дабайа көтөн иһиҥ!

Айхал Габышев,
Саха сирин аҕаларын түмсүүтүн салайааччыта,

От имени общественной организации «Лига отцов РС(Я)» примите самые искренние, теплые поздравления с замечательным праздником – Днем  сына! 

День сына в республике утвержден четыре года назад в целях укрепления института семьи и семейных ценностей. Своим праздником его могут считать все мальчики, мужчины и все, кто имеет сына.

Иметь сына — это огромное счастье для всех родителей испокон веков. Именно сын воспринимался как наследник фамилии, ремесла, титула, как продолжатель рода. День сына – это не только семейный праздник, он значимый праздник для патриотического воспитания подрастающего поколения. Праздник искренней гордости за своего ребенка, праздник радости и надежды в светлое будущее.

Такие праздники помогают нам привлечь внимание общественности к вопросам воспитания юношей с малых лет в духе уважения к старшим, традициям народа и любви к Родине. Чем раньше мы начнем относиться к своему сыну как к мужчине,  тем раньше он станет самостоятельным, решительным, мужественным.

Дорогие мальчики, юноши и мужчины, оставайтесь всегда примером мужества, патриотизма и достоинства! От всей души желаю вам сил, энергии и дальнейших успехов!

Айхал Габышев,
председатель общественной организации
«Лига отцов» РС(Я)»

Exit mobile version