Site icon SAKHALIFE

Кутталлаах ыарыылар тустарынан

Аар Айыы итэҕэлэ маннык өйдөбүллэри сөпкө өйдүүргүтүгэр ыҥырар

Билигин сир шарыгар олус кутталлаах ыарыылар тарҕанан эрэллэр. Кэнники кэмҥэ сэллик (туберкулез) иккистээн дьүһүн кубулуйан, кутталланан тарҕанан эрэр. Учуонайдар 1 мөлүйүөн 17 тыһыынча сыллааҕыта өлбүт бизон өлүгэр сэллик бактерияларын булбуттара. Итинэн, бу ыарыы кыылларга бэрт өрдөөҕүттэн баар эбит диэн сылыктыахха сөп эбит. Дьон бу ыарыыттан маҥнай кыыллартан сыстыбыттара буолуо диэн чинчийээччилэр сабаҕалыыллар.

Бу ыар ыарыыны кытта өр охсуспуттара, араас эмтэр айыллыбыттара. Микробиолог Роберт Кох сэллиги билэр (анализтыыр) суурадаһыны – туберкулины айбыта. Австрия учуонайа Клемент Пирке туберкулины тириигэ сыбаан, сэллиги быһаарар ньыманы булбута. Франция учуонайа Шарль Манту туберкулины киһи илиитин тириитигэр киллэрэн, реакция оҥорон, сэллиги быһаарар ньыманы булбута. 1943 сыллаахха американец Баксман стрептомицин диэн антибиотигы айбыта, 1952 сыллаахха Нобелевскай бириэмийэ лауреата буолбута. Россияҕа советскай кэмҥэ туберкулеһу утары күүскэ охсуһуу барбыта. 1960-70 сылларга бу ыарыыны кыайдыбыт диэн кэпсиир буолбуттара. Кэлин туберкулеһы нэһилиэнньэҕэ бэрэбиэркэлээһин адьас аҕыйаабыт, мөлтөөбүт кэмнэригэр, 1980-с сыллартан, бу ыарыы хос күөдьүйдэ. Ордук кутталлааҕа сэллик эмтэммэт көрүҥэ үөдүйэн таҕыста. Сыл аайы Аан дойдуга маннык 425 000 киһи ыалдьар, ыарыы ордук Соҕуруу Кореяҕа тэнийдэ. Кэнники кэмҥэ сэллигинэн ыалдьыы Африкаҕа, Азияҕа тарҕаныыта күүстээҕин ыйаллар. Россияҕа дэриэбинэлэргэ бу ыарыы тэнийиитэ туох да сүрдээх улахан. Саамай элбэх киһи Приморьеҕа ыалдьар. Эбиитин, айылҕабыт алдьанан-кээһэнэн, дьон-сэргэ уопсай доруобуйата улам мөлтөөн иһэр. Социальнай олох эмиэ ыарыыр. Ити эмиэ дьон сэлликтэн үтүөрэллэрин улаханнык мэһэйдиир. Эбиитин, айылҕаттан ылыллар аспыт-үөлбүт аҕыйааһына, атмосфераҕа озон бүрүөтэ элбэхтик алдьаныыта, салгын уопсай киртийиитэ сэллик тарҕанарыгар эмиэ улахан сөптөөх усулуобуйаны үөскэтэллэр.

Биир улахан иэдээннээх ыарыынан СПИД буолар, Россияҕа уонна Саха сиригэр улам элбээн иһэрэ көстөр. СПИД хантан үөскээбитин учуонайдар чуолкайдык быһааран, кэпсии иликтэр. Сорохтор СПИД Африка бөдөҥ эбисийээнэлэриттэн кэлбит дииллэр. Байыаннай лабораториялар «төлө тутуулара» буолуон сөп диир дьон эмиэ бааллар. СПИД ыарыы эмэ өссө көстө илик.

Онон бу ыарыылары эмтээһини Үрдүкү Таҥаралартан эрэ көрдөһөргө тиийэбит. Аар Айыыларбыт эрэ быыһаатахтарына-абыраатахтарына, киһи-аймах бу иэдээннээх ыарыылартан быыһанан, босхолонон, тыыннаах хаалар кыахтанар кэмэ кэллэ.

Олорор олохпутуттан, кини туругуттан, инники кэскилиттэн сылыктаан өйдөөтөххө, киһи үөрэрэ суох, барыта ыарахан. Ити барыта киһи-аймах сыыһа олорорун, сыыһа салайылларын чуолкай көрдөрөр. Биһиги, сахалар, аҕыйах ахсааннаах омуктар буолабыт. Ыраахтааҕы былааһын саҕана норуот улахан социальнай батталга олорбута, үгүс архыып докумуоннарыттан, историктар үлэлэриттэн көстөр. Холобур, В.Ф. Иванов «Социально-экономические отношения в Якутии (конец ХVII – начало ХIХ веков)» диэн улахан үлэтигэр ити туһунан элбэхтик суруллар. Онон бэйэбитин бэйэбит бас билиммэт буолан, аҕыйах ахсааннаах омук буоларбыт буруйунан элбэх ыараханы көрсүбүт омукпут. Элбэхтик ыһыллыбыт, куттаммыт буолан, сирэй көрбөх буолуу өрүттэрэ элбэхтэр, түмсүүбүт, биир санаабыт суох. Ити барыта биһиги норуоппут уопсай үүнүү-сайдыы, тыыннаах буолуу суолларын тобулунарбытыгар улахан мэһэйдэри үөскэтэр. Былыр холуонньалааһын ыар кэмнэригэр нуучча администрациятын диэки буолбут саха тойотторо уонна сорох дьон бэйэлэрин норуоттарыгар ыар дьайыыны, буруйу оҥорбуттара архыып докумуоннарыгар чуолкайдык сурулла сытар. Холобур, хат дьахтар иһин хайытыахтарыгар, оҕолору батаһынан кэрдэн өлөрүөхтэригэр, кумалааннары, оҕолору, кыргыттары кулуттааһыҥҥа биэрэллэригэр, атыылыылларыгар тиийэ уо.д.а.

Саха улуу поэта Иван Гоголев миэхэ куруутун «Норуоппут кулуттуу психологияттан кыайан тахсыбат, ол иһин түмсүүбүт, биир санаабыт суох, бэйэ-бэйэбитин үҥсүһэн-түсүһэн биэрэр түбэлтэбит элбэх. Итинник үҥсүүлэргэ үксүн саамай бастыҥ дьоммут үҥсүллэллэр. Хаһан ити психологияттан тахсарбыт эбитэ буолла?! Норуоппутун таҥнары тарда сытааччы бу баар», – диир этэ. Ити саамай сөп этии этэ. Итинтэн, кырдьык, босхолоно иликпит. Үрдүкү былаастан хас биирдии киһиэхэ тиийэ ким эрэ биһигини салайыахтааҕын, дьаһайыахтааҕын курдук саныыбыт. Куттанабыт, дьаарханабыт. Сыыһа саҥардахпытына мөҕүөхтэрэ, саҥарыахтара диэн куттана, салла сылдьабыт. Ити биһиги илиибитин-атахпытын баайар, куппутун-сүрбүтүн хам баттыыр, өйбүтүн-санаабытын кыараҕас, кыра эйгэҕэ тутар. Өйбүтүгэр-санаабытыгар, куппутугар-сүрбүтүгэр көҥүл суох. Оттон көҥүлэ суох киһи – бу кулут.

Норуот быһыытынан бэйэбит духуобунай көҥүлбүтүн өрө тутар, өйбүтүн-санаабытын, куппутун-сүрбүтүн ити хам тутар хаарчахтан босхолоон: «Мин киһибин, мин бу Бүппэт Улуу Куйаарга көҥүллүк тыынаары, айаары-тутаары, үрдүккэ-үтүөҕэ тардыһаары, олох олороору, дьоллоох буолаары, үгүс үтүөнү оҥороору, норуоппун өрө тардаары, кэлэр ыччат кэскилин түстээри кэлбитим», – диэн үрдүк өрө көтөҕүллүүлээхтик хас биирдиибит этиэх тустаах.

Cаха итэҕэлин Үрдүкү Таҥарата кимий?

Аар Айыы итэҕэлэ маннык өйдөбүллэри сөпкө өйдүүргүтүгэр ыҥырар

Аар Айыы итэҕэлин туһунан дьиҥнээх матырыйааллар архыыпка бааллар дуо?

Ойууттар тустарынан суруйуулар

Арҕааттан анысхан тыал үрэриттэн хайдах көмүскэнэбит?

В.А. Кондаков, «Аар Айыы итэҕэлэ». 5-с чаас. 204-238 с.

Exit mobile version