Куорсуннаах: Кытаатын, уот тыыннаах кыһыл моҕойу тахсыбыт арҕаҕар төттөрү үүрэн киллэрэргэ бары турунуоҕуҥ!

Суруйааччы Елена Слепцова — Куорсуннаах биир дойдулаахтарыгар — ытык-мааны таатталарга — маннык ыҥырыы ыытта:

ААН БАЛАҺА УОТ ОРГУЙАР ҮӨҺҮТТЭН

Айылҕаҕа Аан балаһа уот туруута алдьатыытынан син биир сэриигэ тэҥнээх. Дьон сэргэ отуора хамсыыр, айылҕа кэхтэр, дойду экэниэмикэтигэр улахан хоромньу тахсар. Алдьатыылаах уот былыр былыргыттан баара. Ону киһи аймах хайдах эрэ муоһалаан баччаҕа диэри тыыннаах кэллэҕэ. Быйыл Саха сиригэр турбут улахан уот, (маннык уоту Аан балаһа уот диэн ааттыыллара) хаһааҥҥытааҕар даҕаны алдьатыылаах уонна дьон олоҕор кутталлаах, дубугус умуллан быстыбат моһуоннаах. Күн бүгүн мөлүйүөнүнэн гектар иэҥҥэ тэнийэн, суоһар алдьархайы таһаара турар.Ол аата биһиги дойдубут 3 гыммыттан биирэ уот ортотугар олорор. Саха дьоно барахсаттар маннык ыарахан кэмҥэ ким даҕаны олорон хаалбакка бары кыалларынан көмүскэнии үлэтигэр турунан, бу алдьархайтан тыыннаах хаалан аны кырыа кыһыны кытары эрийсэргэ бэлэмнэнэр. Ханныгын даҕаны иһин дойдубут тыйыс айылҕатын тулуурдаах, мындыр уонна бэйэ бэйэҕэ көмөлөсүһүүнэн бачча тухары нэммитин билсэн олорон кэллэхпит диэн хайҕаныах эрэ тустаахпыт.

Аан балаһа уот сүүһүнэн сылларга сэдэхтик тахсар айылҕа көстүүтэ буоларынан норуот олоҕун биир историчекэй кэрчик кэмин быһыытынан ылынар сөп. Былыр 1910 сыллаахха “Тэлэгирээп сута” диэн улахан уот тура сылдьыбыт. Ол сахатарга Өксөкүлээх Өлөксөй суруйарынан Дьокуускайтан Охотскайга дылы тэлэгирээп линията тардыллыбыта үһү, онон ити айылҕа улуу күүһүн көрдөрөр көстүүтүн итинник ааттаабыттар. Маннык кэмҥэ ким уйана-хатана биллэр дьиктилээх буолар. Дьэ ол иһин хроника быһыытынан суруйан хаалларар ирдэнэр. Сэрии, көмүскэнии буоларын быһыытынан манна  тыҥааһыннаах түгэннэр, кыргыһыы үөс сирдэрэ уонна геройдар бааллар. Ол кэнэҕэски көлүөнэҕэ үөрүйэх буоларын курдук суруллан иһиэхтээҕин уонна үйэлэргэ хаалыахтааҕын бары өйдүүбүт.

Биир оннук тыҥааһыннаах уоту утары охсуһуу үөһүнэн Таатта сирэ буолла. Мин истэрбинэн бэс ыйыттан саҕалаан кыра кыралаан уот турбут сурахтара иһиллэрэ. Ити кэмҥэ нэһилиэнньэ, хамсык ыарыы үһүс долгуна кэлэн ону кытары охсуһуу үөһүгэр сылдьыбыта. Онтон уот улаатан, дьон олорор сирдэригэр кутталлаах балаһыанньалары үөскэтэн эрэр сураҕа кэлбитэ. Быйылгы сайын өлүү түбэлтэлээх кураан туран уоппут улаатан барбыта буруо хойдубутуттан, дьон олорор сирдэригэр урут көстүбэтэх күл ардахтар түһүүлэриттэн, күн хара буруонан бүрүллэн кытара кыыһан туруутуттан биллэн барбыта. Ол эрээри  тыа сирин дьоно уоту хаайан умуруоруу үлэтин тэтимнээхтик ыыта сылдьыбыттара.

Холобур от ыйын 15 күнүгэр киирбит тиэрдиинэн балаһыанньа хайдах буолбутун ЕДДС МТ “Таатта улууһа” суһал дьуһуурунайа Неустроев С.В. биллэрбит; 15.50 мүнүүтэҕэ Чымынаайы нэһилиэгин чугаһыгар 11№ А тыа уота турбут. Уот иэнэ 15 га. Онтон 5 га тыа, 10 га толоон, ходуһ. Уот турбут төрүөтэ — чаҕылҕан. Ити уоту муоһалаан эрдэхтэринэ от ыйын 29 күнүттэн уот мүлчү түһэн улаатан иэнэ кэҥээбит. Тэтимэ ортонон ааҕыллар. Олохтоох дьону түмэн баһаары утары 44 киһи 6 техника уонна балачча туттар сэп ППГ инструкторын Уранаев А.А. салалтатынан үлэлии сылдьыбыттар. Манна улааппыт уоту утары уот ыыппыттар, умуруорбут сирдэрин манаабыттар, кыра даҕаны уларыйыыны тута улуус дьаһалтатыгар биллэрэн испиттэр.

Онтон Уолба нэһилиэгиттэн улуус Суһал дьуһуурунайыгар атырдьах ыйын 2 күнүгэр биллэриинэн, уот 12.30 мүнүүтэҕэ бэлиэтэммит. Бу сырыыга 12№А таһымнаах уот турбут уонна “балачча күүстээх” диэн бэлиэтэммит. 32 киһи уонна 6 техника үлэлиирин иһитиннэрбиттэр. 9 чыыһылаҕа уот тэтимэ күүһүрбүт, хабар иэнэ тэнийбит. Суһал көмө ирдэнэрэ суруллубут. Сүрүн инженер Кириллов А.П. салайан умуруоруу үлэтин ыытар. Сыыйа уот куотан 13№ А таһымнамнанан бүгүн күннээххэ тыалтан сэтэрээн иннигэр түбэспити барытын урусхаллаан Аан балаһаҕа кубулуйбут.

Бэс ыйыттан араас таһымнаах уоттар улуус нэһилиэктэригэр айылҕаны урусхаллыыллар. Сорохторо тохтоотулар эрээри күүстээх тыаллаах күннэр тураннар умуруорааччылар күннэри-түүннэри маныыллар.

Биллэн турар бу улахан уоттары муоһалыырга улуус дьаһалтата баһылык М.М.Соров суһал дьаһал ылынан Республика уонна Улуус таһымыгар күүстээх үлэни ыытан барбыта. Ол түмүгэр улууска бүгүн күннээххэ республика правительстватыттан улахан көмө күүстэр, балачча техника, үбүнэн көмө оҥоһулла турар. Баһаар кирбиилэригэр 4 бульдозер, 4 уу кутар вертолет, атын улуустартан баһаарынай массыыналар, буору хаһар эксковатор, уот умуруорар десантниктар кэлэн үлэ күөстүү оргуйар. Бүгүн ол эбэтэр атырдьах ыйын 8 күнүгэр Тааттатааҕы РЭС-кэ көмөҕө ПДГ — 200 Майаттан уонна Амматтан РЭС-тэр кэллилэр. Кинилэр Чычымах, Харбалаах хайысхатынан, онтон ПДГ — 200 Таттатааҕы РЭС Чымынаайы эҥэринэн чөлүгэр түһэрии үлэлэрин ыытыахтара. Чульмантан уоту умуруорар бөлөх кэлэн үлэҕэ кыттыста.

Маннык кэмҥэ уот үөһүгэр түбэспит араас ыарахан түбэлтэлэри истэ-истэ дьон ыктарар, долгуйар. Ону бу күннэргэ Республика Правительствотын бэрэсэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Дмитриевич Садовников тахсан баар балаһыанньаны баарынан аһаҕастык кэпсээн уонна суһал көмө кэмигэр оҥоһулла турарын иһитиннэрэн уоскутта. Ол эрээри билигин да уоскуйбаппыт, уот Ытык-Күөлгэ чугаһыыр. Уот “үөһэнэн” баран иһэр майгылаах, билигин онно минерализованнай кылдьыыны тардыы ыытыллар. 15 техника үлэлиир. Ол тыраахтардар, автоцистерналар, 200 -чэкэ киһи, олор истэригэр баһаары утары государственнай сулууспа үлэһиттэрэ, волонтердар, авиалесохрана, тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ уонна олохтоох дьон көхтөөхтүк түһүнэн үлэлииллэр. Бэҕэһээ “Полярнай авиалиния” Ми-8, бүгүн Россия МЧС бөртөлүөттэрэ үлэлээтилэр, улахан көмөнү оҥороллор.

От ыйын 6 күнүгэр ыксаллаах быһыы-майгы буолан эрэрин  улуус баһылыгын солбуйааччы Потапов Иван Иванович биллэрбит. Бэҕэһээ атырдьах ыйын 7 күнүгэр ол уот куотан улуус киинигэр Ытык-Күөлгэ, биһиги Ытык кырдьаҕаспыт Суорун Омоллоон үйэлэргэ дьонугар-сэргэтигэр анаан туттаран, мунньан хаалларбыт баай экспонаттардаах Хадаайы музей комплексын аттыгар чугаһаабыт. Тута, баһылык Михаил Михайлович Соров сүбэ мунньах оҥорон Иван Иванович Бочонины ыҥыран балаһыанньаны быһаарар үлэни ыыппытынан барбыттарын түмүгэр уот селоҕо киирбэккэ Үтэ Көлүйэттэн Ытык-Күөлгэ дылы икки өттүн сиэн айаннаабыт. Алексей Николаевич Тарасов салалталаах 30 киһилээх бөлөх Боробулга дылы уоту кыраҕытык маныыллар. Төҥүттэ баһыгар тиийдэҕинэ онон үрэҕинэн Амма диэки чугаһыыр кутталлаах диэн сэрэхэччийэллэр. Билиҥҥитэ тыал соҕуруу үрэр буолан буруо убаҕас, онон айан суола аһаҕас. Аммаларга сибээс линийэлэрэ эмсэҕэлээн сибээс суох буолбута үс хоммут. Уот бара-кэлэ турар РЭС дизель генератор туруоран сарсын өйүүн график быһыытынан уот биэриэхтэрэ, сотовай сибээс, интернет линията өрөмүөннэниэхтэрэ диэн биллэрэллэр. Онон билигин балаһа уот үөһэ Дьохсоҕон сиригэр буола турарын нэһилиэк баһылыга Захаров П.Е. биллэрэр. ООО Победа оттуур сиригэр Ворошиловка ходуһаҕа киирэн 50-ча тонна оттоммут оту былдьаан хоромньу оҥордо. Олохтоох дьон төрдүс күннэрин үлэлээн, тыраахтардарынан оттору куоттаран таһаллар уонна уоту маныыллар. Атын нэһилиэктэртэн көмө кэлэр. Холобур Дэбдиргэттэн уу массыыната кэлэн кэтии турар.

Бу Аан балаһа уот туруутугар дьон буруйа кыра. Ол курдук сыл сылтан ураты буолар. Онтон аан дойдуга сыстыганнаах уонна олус өлүүлээх ыарыы киһиттэн тутулуга суох тарҕаныахтааҕын 2020 сыл үүнээри турдаҕына улуу билгэһит Ванга өлүөн иннинэ сэрэппитин истибитим. Кини бу 2021 сылы “уот сыла” буолар, “күнтэн сэрэнин” диэн эмиэ эппитин иһитинэрбиттэрэ. Күн уота олус сытыырхайан атмосфераны ититиититтэн сир бэйэтэ умайан тахсар эбит. Ол иһин уоту умуруоруу уустуктанар. Уот майгыта тыыннаах курдук күн-дьыл туругуттан тута уларыйар. Холобур ардахтаах күҥҥэ намырыыр, тыалга, итиигэ сэтэриир, тымныыга, түүнүн күүһэ сөллөр.

Маннык уустук балаһыанньаҕа дьон көхтөөхтүк көмөлөһөн, көх-нэм буолан үлэлии сылдьар дьоҥҥо улахан өйөбүл буолуута олус тоҕоостоох. Ону биһиги дьоммут өйдөөн ким тугу кыайарынан көмөлөһө олороллоро үөрдэр. Аҕа дойду сэриитигэр Ытык кырдьаҕаспыт Суорун Омоллоон көҕүлээн “Ньургун Боотур” опера-спектакылы туруоран, онон харчы хомуйан “Ньургун Боотур” диэн танк атыылаһан фроҥҥа туттарбыта күн бүгүҥҥэ диэри уос номоҕор киирэн үтүө холобур буола сылдьар. Биһиги дьоммут итиннэ майгынныыр үтүө холобурдара элбэх уонна барыта тута туһаҕа баран иһэр. Холобур атырдьах ыйын 8 күннээҕи түмүгүнэн 225473 солкуобай харчынан көмө киирбит. Тэрилтэлэр, түмсүүлэр, урбаанньыттар, биир дойдулаахтарбыт,  биирдиилээн дьон, депутаттар ким харчынан, ким аһынан, ким уматык ыытан күүспүтүн хаҥатта. Ол курдук, СВФУ историческэй факультетын бүтэрбит Ньургун Ефремов Чымынаайыга уоту утары үлэлии сылдьар дьоҥҥо аһынан көмө оҥордо, 2000 сыллаахха Таатта оскуолатын бүтэрбит ыччаттар үбүлүөйдэрин оннугар тыын үлэҕэ сылдьар дьоҥҥо аһынан көмө оҥорбуттара үөрдэр. Ону таһынан атын улуустартан РЭС үлэһиттэрэ көмөҕө кэлэн  аан балаһа уоту кыайарга санаабыт бөҕөхсүйдэ. Бу дьон бүгүн бары биһиги геройдарбыт, дойдубут тыыннаах айылҕатын көмүскүүргэ тирэх буолбут киэн туттууларбыт буолаллар. Нэһилиэнньэ, дьаһалта биир киһи курдук турунан суоһар алдьархайтан Саха дьонун духовнай сайдыытын биһигин Күөх Тааттабытын быыһыырга эрэлбит улахан! Кытаатын, уот тыыннаах кыһыл моҕойу тахсыбыт арҕаҕар төттөрү үүрэн киллэрэргэ бары турунуоҕуҥ! 

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх