Кини Саха сиригэр волейбол хамсааһыныгар оҥорбут үтүөтэ-өҥөтө олус улахан

В редакцию SAKHALIFE.RU пришло письмо от Петра Поликарповича Одорусова, Отличника сельского хозяйства Якутии, ветерана труда:

Оонньууну иһиттэн-таhыттан үчүгэйдик билбит-көрбүт дьиҥнээх волейбол пропагандииһа.

  Оҕо эрдэҕиттэн бэркэ билэр киһим Николай Иванович Гаврильев быйыл  86 сааhыгар барда.  Мин санаабар кини үлэтигэр-хамнаһыгар, успуорка ситиhиилэринэн, олорбут олоҕун кэрдиис кэминэн киэн  туттар толору кыахтаах, бырааптаах. Итинэн сибээстээн, Николай Иванович үбүлүөйүгэр анаан кыра да буоллар ахтыы суруйарга санананным

   Николай Гаврильев 1937 сыллаахха ахсынньы ый 13 күнүгэр Үөһээ Бүлүү оройуонун Чиллэ Хоротугар төрөөбүтэ.   Чиллэҕэ 26 ыал олорор этэ. Бачча кыра дэриэбинэҕэ начаалынай оскуола, изба-читальня, медпунк баар этилэр. Сэрии саҕаланаатын утаата, Коля аҕалаах ийэтэ, бииргэ төрөөбүт эдьиийэ утуу-субуу  эмискэ суох буоланнар, түөрт сааһыттан төгүрүк тулаайах хаалбыта. Кинини аҕатынан эбэлээх эһэтэ Ылдьаана уонна Баһылай Хабырыылайаптар ылан ииппиттэрэ, дьон-сэргэ олус убаастыыр,  сөбүлүүр  дьонноро. Оҕус муннун кыайа илигиттэн, сэрии кэнники сылларыттан саҕалаан, холкуоһугар суханан сири хорутуһан, араас от-мас үлэтигэр эриллэн-мускуллан улааппыта, онус кылааһы бутэриэр дылы сайын аайы колхуоһугар улэлээбитэ. Коля кыратыттан Уөһээ Бүлүү Чиллэтигэр сэмэй, амарах санаалаах, сүрдээх  үлэһит дьону кытта алтыһан улааппыта.

   Сэрии аччык сылларыгар дьонугар-сэргэтигар, улэhиттэригэр олус кыһаллар-мүhэллэр  сатабыллаах холхуос салааччытта биир кырдьаҕас киhини анаан булчут, балыксыт курдук үлэлэппитэ: бу олус улахан көмө буолбута, — биир да киhи аччыктаан өлбөтөҕө. Холхуостаахтар олус ситиһиилээхтик, көрдөрүүлээхтик үлэлээбиттэрэ. Холхуостарын аатын түhэн биэрбэттии Кыайыы туhугар диэн анаан  дьоруойдуу үлэлээбиттэрэ.  Сэрии кэнниттэн Уөһээ Бүлүү оройуонун салалтата Коля оҕо сыльдан үлэлээбит «Герой пятилетки» холхуоһун  бэрэсэдээтэлигэр холхуос социальнай олоҕор, производстваҕа уhулуччу ситиhиилэрин  иhин Аким Павлович Сидоровка Үлэ Дьоруойа аатын иҥэрэргэ туруорса сыльдьыбыта.  Бэрт кыраттан табыллыбатаҕа. Дьоруой аатын альтернативнай кандидаакка Үөһээ Бүлүү «Туобуйа» холхуоһун бэрэсэдээтэлигэр Васильев С.И. иҥэрбиттэрэ. Оччотооҕуҕа Васильев С.И. Саха сиригэр маннайгы Үлэ Дьоруойа этэ.

   Дойдутун дьонун сабыдыала буоллаҕа да буолуо, Николай Иванович боростуой, үтүө  майгылаах-сигилилээх, үлэhит, хорсун-хоодуот дьону олус сөбүлүүр, убаастыыр.  Кини дьиҥнээх норуот киhитэ. Сэбиэскэй былаас, социализм тутула норуот олоҕо сайдарыгар дьиннээхтик үлэлиир, кыһаллар буоларын этинэн-хаанынан билбит, көрбүт-истибит, ол туһугар актыыбынайдык улэлээбит буолан судаарыстыба отуора уларыйар кэмигэр үгүстэр курдук урукку итэҕэлин кини түһэн биэрбэтэҕэ. Үйэ чиэппэрин кэриҥэ хомуньуустар Дьокуускай куораттааҕы тэрилтэлэрин биир биллэр актыбыыһа, ыраас суобастаах, чиэһинэй хомуньууска эрэ итэҕэйиллэр дуоһунаһы – РФКП горкомун  эрэбиисийэлиир-хонтуруоллуур кэмиисийэтин хас да сыл устата салайбыта.

   Мин Колялыын, Үөһээ Бүлүүтээҕи орто оскуолаҕа ахсыстан биир кылааска үөрэниэхпиттэн ылата, мииммитин билсэн, эн-мин дэсиһэн барбыппыт. Кини мэник-тэник, сүүрбүт-көппүт, бэйэтин лаппа кыанар уол оҕото этэ. Аны кэлэн санаатахха, оччотооҕу оҕо, билиҥҥи көлүөнэ ыччакка холоотоххо, туох да үөнэ-көйүүрэ, куһаҕан кэмэлдьитэ суох, сыччах күүһэ-уоҕа (энергията) таһымнаан, наһаа хамсыырын, сүүрэрин-көтөрүн мэниктиир диир эбиттэр. Онон кини биһикки, оччолорго кэрэхсэнэр көнө-көрсүө чэрчи таһынан хамсанан, сүүрэн-көтөн кэбиһэн, мэник аатырар эбиппит.

   Коля оскуолаҕа математика, физика предметтэригэр үчүгэйдик үөрэммит буолан онус кылааһы бүтэрээт педагогическай институт физико-математическай факультетыгар киирии экзаменнарын ыарырҕаппакка туттарбыта. Кини онус кылааһы бүтэрэр сылыгар, оччолорго оскуолабытыгар завуһунан үлэлиир Дмитрий Спиридонович Спиридонов: «Ленинградтааҕы госуниверситет физическэй факультетыгар биир миэстэ баар, онно барыаххын баҕарбаккын дуо», — диэн этэн көрбүт этэ. Ону төгүрүк тулаайах, оскуолаҕа үөрэнэрин тухары интэринээккэ иитиллибит, эрэнэр, көмө-тирэх буолар дьоно суох уолчаан аккаастанарыгар тиийбитэ

   Николай Гаврильев үөрэммит идэтинэн үлэтин ахтар буоллахха, 1959 сыллаахха университеты бүтэрээт, Бүлүү оройуонун Хампа орто оскуолатыгар физика, математика учууталынан ананан тиийбитэ. Онтон  1961-1963 сыллары Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр утаарбыта. Аармыйаттан кэлэн баран Дьокуускай куорат 8 №-дээх орто оскуолатыгар уонна Амма оройуонун Болугуругар учууталлаабыта (1964-1966с.).Онон ыччаты үөрэтиигэ-иитиигэ биир орто баайыылаах учуутал сэмэй кылаатын киллэрэн турар диэхтээхпин.

   1975 сылтан Николай Иванович ИДЬМ-гэр эпиэттээх дуоһунастарга ситиһиилээхтик үлэлээбитэ: Дьокуускай куорат Октябрьскай оройуонун вневедомственнай охраанатын уонна куорат бастакы нүөмэрдээх спецкомендатууратын салааччытынан. Министерстибэҕэ вневедоственнай охрана управлениятын начаалныгын солбуйааччытынан (техническэй сулууспа салайааччыта) үлэлии сылдьан бу тэрилтэ инники сайдыытыгар улахан олук уурбут киһи. өрөспүүбүлүкэҕэ инженернай-техническэй кадрары туруортааһыҥҥа, кинилэри үэрэтиигэ, иитиигэ улахан сыратын биэрбитэ. Кини техническэй сулууспа үлэтин күүскэ сөҕүрдэн, саҥаны киллэрэн, сайыннаран, сибээс телефоннай линияларын (кэлин радио-каналлары) туһанан Докуускайга, улахан оройуоннар сыантырдарыгар централизованнай охраана тэрийэн остуорастар оннуларыгар милицейскэй охраана киирэригэр  сөптөөх усулуобуйа тэрийбитэ. Бүгүн вневедомстваннай охрана сибээскэ даҕаны, харабылга даҕаны туттар билиҥҥи дэлэй техникалаах, араас эстэр сэптээх-сэбиргэллээх, спецсредствалардаах, уулуссаҕа бэрээдэги көрүүгэ улахан суолталаах ИДЬМ-тын биир улахан кыахтаах подразделенийэтэ буолар. Манна бэтэрээн Николай Гаврильев үтүө өҥөтө эмиэ баар. Кини аан бастаан бу сайдыы суолун аспыт дьоннортон тутаах киһилэрэ буолар.  ИДЬМ-тан пиэнсийэҕэ тахсан баран, Саха сиринээҕи потребкоопераацыйа сойууһун «Холбос» бырабылыанньатыгар техническэй отделы сэттэ сыл устата салайбыта. Үчүгэй үлэтигэр сыана биэрэн «Потребиительскэй кээпэрээссийэ туйгуна» диэн знаагынан наҕараадалаабыттара. Үлэ бэтэрээнэ. 

    Коля оҕо сааһыттан, били, булт диэн баран муннукка ытыыр дииллэринии, волейбол туһунан иһиттэ даҕаны хараҕа уоттана, сүрэҕэ битигирии, сүргэтэ көтөҕүллэ түһэр бэйэтинэн бу оонньууну олоҕун устата арахсыбат аргыс, дьаныһар дьарык оҥостон кэллэ. Устудьуоннуур кэмигэр волейболга университет уонна өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандаларыгар киирсэн биир күүстээх оонньооччу ахсааныгар сылдьыбыта, өссө оскуолаҕа уэрэнэр эрдэҕиттэн волейболга бэркэ онньуура; мээчиги үөһэттэн күүскэ туруору охсор этэ. Ол дьоҕурун устудьуоннуур сылларыгар лаппа сайыннарбыт, биллэрдик эппит эбит.  Сааһыран да баран волейболга оонньуурун тохтоппотоҕо. Кини «Динамо» уопсастыба иһинэн өрөспүүбүлүкэҕэ, Дьокуускай куоракка волейболга уонна баскетболга куоталаһыыларга хаста да чөмпүйүөн аатын сүкпүтэ. 1987 сыллаахха, биэс уон саастааҕар,  Дьокуускай куорат «Динамо» уопсастыбатын куоталаһыытыгар чөмпүйүөннээбитэ, күүстэх эдэр волейболистартан оччо итэҕэһэ суох оонньообутун бэлиэтээн анаан «Приз ветерана» диэни туттарбыттара.  

   Хампаҕа үлэлиир кэмигэр (оскуолаҕа  мээчик, сетка диэн суох этэ) Коля икки сыл кэриҥэ күн аайы ыстаанганы туһанан аналлаахтык дьарыктанан атаҕын тэбэр күүһүн улаханнык сайыннарбыта. Ол түмүгэр икки атаҕынан 120 см үрдүгү сиртэн өрө ыстанар буолбута. Ити дьоҕура волейбол оонньууругар кини быһарын (охсорун), булуоктуурун  сүрдээҕин күүһүрдүбүт, баскетболга оонньууругар даҕаны улаханнык көмөлөспүт этэ. 1966 с. сайын өрөспүүбүлүкэ норуоттарын спартакиадатын кэмигэр Коля баскетболга Амма хамаандатыгар ЯГУ-ну утары көрсүhүүгэ кыттан турардаахКольцо таhыгар улахан уҥуохтаах  уолаттарга ыраахтан анаан үрдүк баҕайытык бэриллибит бары мээчиктэрин былдьалатаан ылаттаабыта; ооньньуу бүтэhигэр инники истаммыт мээчиктээх уолу баскетбольнай щит аттыгар ситэн ылбыта уонна кэнниттэн чыыстайдык блоксуоптаан кэбиспитэ. Ол кэнниттэн уол санныгар үөhэттэн олоро түспүтүн бэйэтэ да билбэккэ хаалбыта. Күлүү-салыы бөҕө буолбута: уол олус кыыhырбыт этэ. Бу хайдахтаах үрдүк ойуу эбитэй? Дьэ сыаналаан көрүҥ: баскетболга кыра дьон ооньньооботтор. Бу ооньньууга, бэйэтэ этэринэн, кини былассааккаттан 120 см итэҕэhэ суох өрө ыстанан тахсар эбит.Итиннэ биири эбэн этиэм этэ. Бологур оскуолатын учууталларын волейболга хамаандата 1966 с. сааhыгар Амма оройуонун сүүмэрдэммит хамаандатын 3:0 усчуотунан (15:0, 15:0, 15:0) кыайан турардаах. (Хамаанда волейбол оонньууну нэһилиэньньэҕэ көрдөрө, пропагаандалыы улахан сыаллаах-садаачалаах кэлбит эбит). Коля онно перехуода суох онньообута: бары мээчиги булуогу үрдүнэн күүскэ ньиргитэ биэртэлээбитэ; биири даҕаны булуоктаан аhарбатаҕа. — Сиэккэ урдунэн икки илиитин унуор ыраах таhааран  мээчиги сабардаан кээhэрэ. Ити барыта кини  сытыытын-сымсатын, атаҕын тэбэр күүhүн олус улаханнык сайыннарбытын көрдөрөр. Бу көрсүhүү, дьон кэпсииринэн, кэлин Бологурга волейбол сайдыытыгар улахан  оруоллаах буолан тахсыбыт: 80-с сыллардаахха Амма оройуонун волейболга сборнайыгар үксэ Бологур уолаттара ооньньообуттар; Бологуртан кынаттанан Илья Филиппов, Владимир Окороков курдук өрөспүүбүлүкэ бастыҥ волейболистара үүнэн тахсыбыттар.

   Коля устудьуоннуу сылдьан кэнники икки сыл чэпчэки атлетиканан эмиэ дьарыктана сыльдьыбыта.1961с  чэпчэки атлетикаҕа Саха АССР сүүмэрдэммит хамаандатыгар ылыллан, Барнаул, Хабаровскай куораттарга барсан куоталаспыта. Кини муҥутаан 175 см үрдүгү ылара, оччолорго ити өрөспүүбүлүкэҕэ Ю. Коваленко (180 см ойоро) кэнниттэн иккис көрдөрүү этэ. Ити бириэмэҕэ республикаҕа үрдүгү ойуу олох сайдыбатах кэмэ этэТренер диэн кэлиэ дуо. Ол иhин техника өттүнэн олус мөлтөх этэ. Кини 1961с. үрдүгү ойууга Саха АССР норуоттарын үһүс, итиэннэ профсоюзтар спартакиадаларыгар бастакы миэстэлэри ылаттаан турар. Россия «Урожай» уопсастыбатын иһинэн Уһук Илиҥҥи уонна Сибиир зонатыгар ити көрүҥҥэ иккис миэстэни ыла сылдьыбыта.

   Коля сахалыы атах оонньууларыгар даҕаны, анаан дьарыктаммыта буоллар, ордук кылыыга, эмиэ бэркэ барсыан сөп этэ. 1961 с. Бүлүү Хампатыгар учууталлыы сылдьан Ньурбаҕа ыстаҥаҕа уон икки туоска куоталаһыыга оччолорго өрөспүүбүлүкэ рекордсмена Афанасий Саввиновка  баара суоҕа сэттэ уон сантиметринэн хотторон турардаахКини онно үрдүгү ойууга, 30 миэтэрэҕэ сүүрүүгэ кыттыахтаах этэ. Букатын бэлэмэ суох киһиэхэ Ньурбаҕа тиийэн баран эппиттэрэ: «Эн өссө ыстаҥаҕа кыттыаххар наада, киһибит суох, — кэлбэтэ». Эрдэттэн  кыратык да буоллар бэлэмнэнэн саатар координаассыйатын  (координаассыйа диэн мэлигир этэ) арыый тупсарбыта буоллар   Коля А. Саввиновы кыайыахтаах этэ диэн мин сабаҕалыыбын.  Оттон кылыыга курэхтэһии буолбута буоллар А. Саввинов Коляҕа хоттороро туох да мөккүөрэ суох.  — Ити курэхтэһии биир ый иннинэ, Бүлүүгэ, Коля биэс туоска кылыыга ыстаҥатын икки миэтэрэттэн ордук куоһарбыта: кини үрдүгү ойууга дьарыктанар буолан тэбэр-тирэнэр атаҕа уһулуччу сайдыбыт, итиэннэ кылыыга олус үчүгэй техникалаах, координаассылаах эбит.

Успуорт ити дьарыктаммыт көрүҥнэригэр өссө сайдан, биллэн-көстөн иһиэх киһи, 1961 сыллаахха Сэбиэскэй аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллан сулууспалыы сылдьан, тобугар улаханнык траавмаламмыта мэһэйдээбитэ. Ол эчэйиититтэн сылтаан бөдөҥ, таһымнаах куоталаһыыларыттан туоруурга күһэллибитэ, икки миэтэрэ үрдүгү ойон маастар буолар ыра санаата туолбатаҕа. Дьиҥинэн, кини ааспыт үйэ ортотугар, холобур , чэпчэки атлетикаҕа үрдүк көрдөрүүлэринэн, Үөһээ Бүлүү оройуонун успуордун историятыгар сыһыаран этэр буоллахха, оччотооҕу бириэмэҕэ Саха сиригэр аатырбыт бырааттыы Судиновтар, Андрей Донской, Никифор Иванов курдук  быһыйдар ситиһиилэрин кытта тэҥҥэ сыаналаныахтааҕа киэҥ араҥаҕа кэмигэр биллибэккэ-көстүбэккэ хаалбыта диэм этэ.

    Николай Гаврильев бэйэтин кэмигэр араас көрүҥнэргэ дьоҕурдаах улахан спортсмен этэ: чэпчэки атлетикаҕа, ордук волейболга.  Ол иһин кини пенсияҕа тахсан баран волейболга тренеринэн үлэлиэн баҕарбыта. Онно бэлэмнэнэн икки сыл устата национальнай библиотекаттан арахсыбатаҕа: волейбол туhунан баар литеретураны барытын аахпыта, кэнспиэктээбитэ; ону таhынан успуорт психофизиологиятын уонна успуортунан дьарыктаныы түөрүйэтин уонна методикатын бэккэ дьаныhан үөрэппитэ. (Кини ханнык баҕарар дьыалаҕа, улэтигэр куруук эппиэттээхтик сыhыаннаhар этэ). Манна эбэн  эттэххэ кини өссө педагог үөрэхтээҕэ, ону умнумуоҕуҥ. Хомойуох иhин физкультура, успуорт институгар үлэҕэ тренэринэн ылбатахтара. — Академичскай үөрэҕэ суох диэн.  Ол да буоллар кини волейбалтан тэйбэтэҕэ. 2000 сылтан баччааҥҥа дылы «Спорт Якутии» диэн хаһыакка ыстааты таһынан кэрэспэндиэннии сылдьар. Манна сыhыаран,  2008 с. маай  26 күнүнээҕи ыстатыйатыгар,  Саха сирин улахан спортивнай диэйэтэлэ, өрөспүүблүкэ биэс төгулллээх волейболга чемпиона Семен Семенович Жирков, олус сөпкө, манныгы этэн турардаах; «…Я уверен, отказав волейболисту такого высокого уровня, с такой основательной теоретической подготовкой, они многое потеряли (речь идет об отказе в приеме на работу в качестве тренера по волейболу в ИФКиС ЯГУ). Николай Иванович не стал практикующим тренером, но стал общественным тренером-методистом и страстным пропагандистом волейбола в республике. В газете печатаются его обзорные  и  информационно-аналитические статьи не только о волейбольных событиях в республике, но и в России и мире. В своих статьях он затрагивает проблемы развития волейбола в СахаВА, в том числе и детского. Рассказывает о тренерах и лучших игроках, указывает недостатки и недочеты в физической, технической и тактической подготовленности команд и игроков. Дает рекомендации о том, как устранять недостатки. В возрождающейся массовости волейбола в республике определенная доля заслуги принадлежит активному и грамотному пропагандисту журналисту Николаю Ивановичу Гаврильеву». Дьэ, итинник.

   Николай Иванович билигин өрөспүүблүкэҕэ биллэр спортивнай суруналыыс, волейбол дьиҥнээх пропагандииһа буолар. Оонньууну иһиттэн-таһыттан үчүгэйдик билэрин-көрөрүн, өр сыллаах эрэйин-үөрүйэҕин, ымыы санааларын таһыгар таһааран, кэнники 17 сыл устата успуорт бу көрүҥүн нэһилиэнньэҕэ киэҥник аҕытаассыйалыыр, сырдатар суруналыыс быһыытынан биллэн кэллэ. Бу оонньууга ыытыллар араас таһымнаах күрэхтэһиилэр  тустарынан өрөспүүбүлүкэ бэчээтигэр, ордук «Спорт Якутии» хаһыакка дириҥ хорутуулаах, киэҥ ырытыылаах ыстатыйалары суруйар. Ол иһигэр араас методическэй ыстатыйалар эмиэ бааллар. Уонна итинник ыстатыйалары анаан бэйэтэ да суруйан, интернеттан да ылан үчүгэйдик чочуйан оҥорон приинтерга бэчээттээн баран, эбэтэр ити ыстатыйаларга волейболга ооньньуур техниканы көрдөрөр видеороликтары эбии холбоон флээскэҕэ киллэрэн баран (кэлин батсаабынан) волейболга бэрэспэктиибэлээх оҕолор, эдэр ыччат уонна тренердар оттолоругар тарҕатааччы. Ардыгар эрчиллии, күрэхтэһии да бириэмэтигэр спортзалга кэлэн ити оҕолорго, эдэр волейболистарга итэҕэстэрин-быһаҕастарын ыйан-кэрдэн, сүбэлээн биэрээччи.

   2005 сылтан саҕалаан Николай Иванович волейбога анаан хас да кинигэни бэлэмнээн таhааттарда (Волейбол. Словарь терминов и понятий», «Идущие впереди»,  итиэннэ «Официальные Правила волейбола). Бастакы икки кинигэлэр хас да тахсыбыттара: олус туhалаах, наадалаах кинигэлэр. Уонна  «Что такое волейбол», «Команде слава грозит издалека», «Сулустуу сандааран көстөллөр», «В волейболе огневом» диэн бэртээхэй хоhооннору суруйан турар. Мин саныахпар маннык хоhооннору волейболу  бэрт үчүгэйдик билэр, волейболу  олус сөбүлүүр, таптыыр киhи суруйуон сөп. Саха улаханнаах композитора Захар Степанов «В волейболе огневом» диэн хоhооҥҥо өрө көтөҕүллүүлээх ырыа музыката суруйбута дьэ бэрт дьыала. Хоhоон тиэксин оннооҕор композитор, народнай артист Аркадий Алексеев сөбулээн турар, ол гынан баран солото суох буолан муусука суруйарыттан аккаастаммыта. 

Маны таhынан, уонча сыл дьаныhан туран, Николай Иванович улахан волейбол сайдарыгар наадалаах специализированнай ДЮСШ-ны Дьокуускайга тутар боппуруоhу элбэхтик туруорсубута. Манна «Спорт Якутии» хаhыат редакцията кинини бэркэ өйөөн турардаах: Николай Иванович араас бириэмэҕэ үөрэх миниистригэр, успуорт миниистригэр, — кэлин кинилэр ити боппуруоhу ааххайбаттарынан сибээстээн, — Ил Дархаҥҥа аhаҕас суруктарын хаhыакка таhаартаабыта. Дьокуускайга да буолбатар ити спецДЮСШ 2015 с. Намҥа арыллан улэлии турар. Ол гынан баран маны  өйдүөххэ наада. — Оскуола иитиллээччилэрэ волейболга ооньньуох дьон диэтэххэ  бары кыра баҕайы уҥуохтаахтар: Дьокуускайтан, промышленнай оройуоннартан Намҥа оҕолор букатын кэлбэттэр. Итинэн сибээстээн  «Надо ломать в корне годами сложившийся стереотип отношений к волейболу» диэн ыстатыйатыгар Николай Иванович этэн турардаах: «Улахан волейбол сайдарыгар дьиҥнээхтик баҕарар, ол туһугар улэлиир  санаалаах буоллахпытына  оскуоланы Дьокуускайга көhөрүөхтээхпит» — диэн. Дьэ бу саамай сөптөөх этии буолар.

   Хаста да волейбол федерацията уонна СахаВА бырабылыанньата  «Лучший журналист», «Лучший пропагандист волейбола» диэн номинацияларга Николай Ивановиһы кыайыылааҕынан билиммиттэрэ.  Итини таһынан кини өрөспүүбүлүкэҕэ СахаВА уопсастыба үлэтин-хамнаһын сырдатыыга уонна сүүрбэ биирис үйэҕэ волейбол оонньууну хаттаан сөргүтүүгэ, салгыы сайыннарыыга үтүөлэрин иһин анал мэтээллэринэн, грааматаларынан  наҕараадаламмыта. 2009 с. СахаВА уопсастыба бэрэсэдээтэлэ, Дьокуускай куорат Дууматын бэрэсэдээтэлэ Александр Александрович Саввинов СахаВА бэстибээлин аhыллыытыгар маннык ис хоhоонноох Махтал Сурук туттаран турардаах: «За активную пропаганду физкультуры и спорта, огромный личный вклад в развитии волейбольного движения в республике Саха (Якутия)». 2015 сыллаахха эмиэ Махтал Суругу медиа-бөлөх «Ситим» уонна «Спорт Якутии» хаhыат редакцията туттарбыттара: «…Мы высоко ценим Вас как человека, преданного своему делу – спортивной журналистике, внесшего неоценимый вклад в развитие физической культуры и спорта в Республике Саха (Якутия). Ваши знания, умение преподнести  информацию и яркую картину событий не оставляют равнодушным ни одного читателя и поклонника спорта…С большим удовольствием отмечаем, что Вы по праву пользуетесь большой популярностью и любовью наших преданных читателей – любителей спорта».Дьэ, бу улахан сыанабыллар. Николай Иванович ити үөһээ этиллибит волейбол туһугар диэн үлэлээбит үлэлэрэ, волейболга сирэй бэйэтэ да көрдөрүүлэрэ Саха сиригэр волейбол хамсааhыныгар, эдэр волейболистар, тренердэр үүнэллэригэр-сайдалларыгар, чахчы, улахан көмө-тирэх  буолбута диэн эттэхпинэ улаханнык сыыстарбатым буолуо.

       

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх