Киhиэхэ бэрт кыра быычыкаайык наада ди, күн көрүө, от үүнүө, сибэкки тэтэриэ
Тыйыс тымныы кыһын ортото «ньургуһун үүммүт», «лыах тиллибит» диэни истэргэ дьикти-кэрэ. Биир дойдулаахпыт Майаҕас бөһүөлэгин олохтооҕо Олег Копырин былырыын кыс хаар ортолоон турдаҕына дьиэтигэр ньургуһуну тылыннаран барыбытын соһуппута, ол хаартыската хас биирдии саха киһитигэр дьикти-кэрэ иэйиини үөскэппит буолуохтаах. Быйыл Саҥа дьылы көрсө Олег Михайлович эмиэ ньургуһунун тылыннарар турар. Оттон күн бэҕэһээ лыаҕы тилиннэрдэ.
Кини суоппар идэлээх буолан, сааһын тухары окко-маска сылдьан куруук оту-маһы, көтөрү-сүүрэри кэтээн көрөр үгэстээх эбит. Бэйэтэ: «Сааһырдаҕым ахсын айылҕаҕа интэриэһим, тапталым өссө күүһүрэр эбит ээ», – диэн этэр.
Салгыы маннык кэпсиир:
– Саха ыалын сиэринэн сүөһү ииттэн кэллибит. Бу ый 11-с күнүгэр кыбыы оттуттан лыах сууламмыт хаҕын (кокон) булан ылан, дьээбэҕэ дьиэбэр киллэрэн түннүккэ ууран кэбиспитим, сарсыныгар лыаҕым бу көтө сылдьар эбит. Туһугар эмиэ биир уйаҕас үөрүү диэтэҕиҥ.
Билигин лыахпын утуппутум, хайа баҕарар үөн-көйүүр сөрүүҥҥэ туттаххына утуйар. Кэрэ аҥаардар аан дойдутааҕы күннэригэр эмиэ тилиннэрэн көрүөм. Иккистээн тиллэр эбит дуу, суох дуу диэн эмиэ интэриэс буолар.
Бу үүммүт саҥа сылы көрсө эмиэ ньургуһуммун тилиннэрбитим. Тыа маһын кытта тэлгэһэбитигэр ньургуһун сиэмэтэ кэлистэҕэ буолуо, тэлгэһэбитигэр ньургуһун үүнэр буолбута. Онтон ылан сиэннэрбэр көрдөрөөрү үүннэрбитим.
Ити курдук биһиги ортобутугар тулалыыр эйгэни кытта алтыһар, кэрэттэн үөрэр, дьоллонор уонна ол сыдьаайын үллэстэр дьон баара үчүгэйиэн.
+7 (999) 174-67-82