Киһи доҕоро ыт диигит. Сы-мы-йа! Киһи доҕоро — мин буолабын!

Сотовай төлөпүөн монолога: »Киһи доҕоро ыт диигит. Сы-мы-йа! Киһи доҕоро — мин буолабын!

Киһи сарсыарда уһуктар. Тугу санаабытынан турарый — миигин! Оронуттан да турбакка, хараҕын да аспакка сытан миигин көрдүүр, булаары харбыалыыр. Дьэ уонна уурааннаах уһун күнү быһа илиититтэн араарбат, хараҕын далыттан таһаарбат. Бүөбэйдиирин оҕотун көрүөҥ этэ — сот даа сот, хах атыылаһан кэтэрт даа кэтэрт, өрүү сүрэҕин чугаһыгар сиэпкэ уктар. Сэрээт диэн туспа остуоруйа. Биирдэ эмит сэрээтим бүтээри гыннаҕына көрүө этигит — сирэй-харах, дьүһүн-бодо уларыйан, ыгылыйан, хараҕар эрэсиэккэттэн атын, төбөтүгэр ииттэрэртэн ураты дуостал туох да киирбэт буолар. Биримээнэ бэйэтэ саҥалыын-иҥэлиин аҕыйыырга, туттардыын-хаптардыын бытаарарга, көрөрдүүн-истэрдиин мөлтүүргэ дылы!
Киһи миигиттэн улахан тутулуктаах. Мин киниэхэ бүтүн аан дойдуну солбуйдум. Кырабын көрүмэҥ — мин сатыырбын элбэх киһи сатаабат. Сарсыарда уһугуннарабын, тугу оҥоруохтааҕын санатабын, күнүн-дьылын, бириэмэтин ыйабын, саҥа доҕор-атас булан биэрэбин, аан дойду араас муннугун арыйабын, сирдээн илдьэбин, доруобуйатын кэтээн, хаамарын кытары ааҕабын. Бэл, хамнаһа мин нөҥүө ааһар.
Аны мин бэйэмсэҕим сүр. Кини миигин эрэ кытта сылдьыахтаах өрүүтүн. Онон кыахпын, араас үчүгэйбин көрдөрөн, сыыйа-баайа барыларыттан уонна барыттан тэйитэр сыаллаахпын. Оннук да буолан эрэр. Доҕоттортон тэйиппитим — мин билэрим-сатыырым саҕаны киниэхэ биэрбэттэр. Билигин дьиэ-кэргэнин кытта »сэрии» биллэрдим. Ситиһии баар диэххэ. Остуолга аһаары муһуннахтарына урукку курдук күө-дьаа кэпсэтии, күйгүөр суох. Бары миигин манаан баран олороллор, өлбүт киһи тиһэх остуолун санатан айах тыаһа эрэ иһиллэр. Кыыһырыстылар эрэ миигин харбаат, хоско куоталлар. Бүттэ. Атын алтыһыы наадата суох.
Кыра оҕоҕо көөчүктэнэммин атаах оҕолоругар араас төлөпүөнү атыылаһаллар. Тылланыан иннинэ тарбахчааннара сайдаллар, араабыласпатын, аралдьыйдын диэн төрөппүттэр миигинэн хаххаланаллар, саатар эрэ саатаатын, саҥарбакка олордун диэннэр остуоруйа холбоон биэрэллэр.
Уонна оҕобут саҥарбат, эбэтэр саҥата былдьыры диэн сыыр намыһахтыы миигин буруйдууллар! Чэ буоллун, ол оҕоҕо мин саамай чугас аралдьыйар атаһа буолуом! Былдьыам барыгытыттан, уоруом төрөппүттэриттэн, тэйитиэм уопсастыбаттан! Көрүөхпүт ким кими!» — диэн ыас хараҥаҕа суотабай төлөпүөн уота чыпчыҥныы-чыпчырына сыппыта.

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх