Катрин Балакшина: Айылҕа оҕото – Кэрэ куо
Соторутааҕыта Саха тэлэбиидэнньэтигэр уонна араадьыйатыгар кылыһахтаах кэрэ куоластаах Катрин Балакшина “Айылҕа оҕото” ырыаны толорбутун истибит эрэ бары сэҥээрдэ, көрбүт эрэ барыта таптыы ылынна.
Катрины кытта атах тэпсэн олорон кэпсэттэххэ, саҥата намыынын, бэйэтэ ураты нарынын, кэрэ сэбэрэтигэр биир даҕаны “макияж” сыстыбатаҕын, оттомноох, дьоһуннаах майгылааҕын бэлиэтии көрөҕүн. “Кырасаабыссаны үргүтэн кэбиспэттии” аа-дьуо налыччы олорон сэһэргэһэбит. Сэһэн-сэппэн баһаам кыысчаана эбит, сахалыы сааһылаан саҥарарын этэ да барбаккын…
“Улуу Екатерина курдук буоллун”
– “Бааһынай буоллулар даҕаны хаҥаластар” диэн сөпкө сыана быһаллар эбит.
– Хаҥалас улууһун Улахан Аан нэһилиэгиттэн сылдьабын. Бииргэ төрөөбүт 3 кыыспыт. Мин улаханнарабын. Ийэм Татьяна Трофимовна идэтинэн алын кылаас учуутала, аҕам Александр Иванович Лукин инженер идэлээх, иккиэн 55 саастаахтар. Бөһүөлэктэриттэн харыс да сири халбарыйбакка олороллор. Сайынын оҕуруот аһын олордоллор, күһүн соҕотуопкалаан, кыһыннары сиир аспытын хааччыйаллар. Бары даҕаны сүрдээх сир асчыттарбыт, айылҕаны кытта алтыһарбытын сөбүлүүбүт. Кэргэним Георгий дьоммор тахсан бултуур, балыктыыр. Төрөппүттэрим биһигини кыра эрдэхпититтэн кимтэн да тутулуга суох бэйэбитин бэйэбит дьаһанарбытыгар көҥүл биэрэн ииппиттэрэ, улаатыннарбыттара. Онон ийэлээх аҕабытыгар биһиэхэ дьоллоох оҕо сааһы бэлэхтээбиттэригэр улахан махталлаахпыт.
– Катрин төрүттэргэр омук булкаастааххыт дуо?
– Хос эбэм – татаар, эбэм – белорус, уопсайынан, Соколовтар диэн төрүттээх дьаамсыктар сыдьааннарабыт. Билигин төрүччүбүтүн үөрэтэ сылдьабыт.
– Бэйэҥ туох идэлээххиний, дьарыктааххыный?
– Оскуоланы 2006 сыллаахха бүтэрэн, Саха судаарыстыбаннай педагогическай академиятыгар аангылыйа тылын учууталын идэтигэр үөрэнэ киирбитим. Ол эрээри бу идэбинэн оскуолаҕа биир да күн үлэлээбэтэҕим. Оскуолаҕа быраактыкабын бара сылдьан, наһаа эппиэтинэстээх үлэ эбит диэн, чахчыта баара, салла санаабытым. Онон “Якутцемент” Дьокуускайга баар тэрилтэтигэр офис менеджеринэн үлэлээбитим. Билигин урбаанньыппын. Сайынын дьүөгэбин кытары Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар кыра ларек аһан үлэлэтэбит. Кыһынын дьиэбэр олоробун, оҕолорбун көрөбүн. Кыра уолум 3 саастаах. Социальнай ситимҥэ баар блогпун сайыннарабын, онно үлэлэһэбин.
– Катрин – интэриэһинэй, бэйэҕэр барсар аат. Дьиҥнээх аатыҥ дуо?
– Екатерина Лукина диэн этим. Аҕам өттүнэн эбэлээх эһэбэр бастакы сиэн буоламмын, төрөөбүппэр бэрт уһуннук аат сыымайдаабыттар. Онтон ийэм “Улуу Екатерина курдук буоллун”, – диэн ааттаабыт. Оннук ааттаан, “улахан сүгэһэри” сүктэрэн кэбиспиттэр. Ааппын уларытыам иннинэ айылҕалаах дьоҥҥо сылдьыбытым. Олортон биирдэстэрэ Баараҕай: “Эн бэйэҥ ааккын сүгэ сылдьыбаккын. Төрдүлэргэр улахан күүстээх ааттаах Екатериналар бааллар дуо?” – диэн ыйыппытыгар, “суох” диэтэҕим дии. Онтон биирдэ ийэм өйдөөн кэлэн: “Арба, аат бөҕөтүн тала сатаан баран, улуу Екатерина курдук буоллун диэн саҥаран туран, ити ааты биэрбитим”, – диэтэ. Аны ийэм бэйэтэ да айылгытынан күүстээх баҕайы тыллаах. Ааппын кыра эрдэхпиттэн сөбүлээбэт этим: “Катя эбэтэр Катеринабын” диирим. Эбэм миигин кыра эрдэхпиттэн “Катрин, Катринчик” диэн таптаан ыҥырара. Ону санаан, “Катрин” диэҥҥэ уларыппытым. Ааппын уларыппытым кэннэ хайдах эрэ Орто дойдуга саҥа төрөөн кэлбит киһи курдук уларыйбытым, бэйэбэр эрэл санаа үөскээбитэ. Инньэ гынан, ааппын икки сыллааҕыта уларыппытым.
“Мой человек” уобараска барсар
– Георгийдыын олоххут суола хайдах тиксиһэн хаалла?
– Биһиги тэрилтэбит уонна Успуорт министиэристибэтэ биир дьиэ иһигэр баар. Биир күн Георгий Балакшин диэн көрөн уонна истэн эрэ билэр киһим тэрилтэм салайааччыта А.Мамедовка кэлэн киирдэ. Алиш Забидовичка араас киһи кэлэн барар, онон улаханнык аахайбатым. Тахсан иһэн “миэхэ суруйаар” диэн, визиткатын хаалларда. Ону хайдах эрэ наадыйбатым, ыламмын туора ууран кэбистим. Оччолорго кэргэммиттэн арахсан, кыра 3 саастаах оҕолоохпун. Биир дьиэҕэ үлэлиир буоламмыт, син чаастатык алтыһар, көрсөр этибит. Хараҕын далыгар киирдэхпинэ, “тоҕо суруйбаккыный?” диэн ыйытара. Мин кыбыстан, куотан хааларым. Онтон биирдэ анаан-минээн аттыбар чугаһаан кэлэн: “Бүгүн миэхэ суруйаҕын дуо?” – диэн быһаччы ыйытааччы буолла. Ону “сөп” диэн сөбүлэспиппин өйдөөбөккө да хааллым. Онтон ыла бииргэ эбиэттиир, көрсүһэр буолбуппут.
– Дьэ, салгыы…
– Кини уонна мин боростуой дьиэ кэргэҥҥэ иитиллибит уонна олоҕу көрүүбүт биир буолан, судургутук уопсай тылы булбуппут, өйдөспүппүт. Кэпсэтэр тиэмэбит биир буолан, элбэҕи кэпсэтэрбит. Онтон сүрүн кыһалҕабыт “все познается в сравнении” диэбит курдук, арахсыы тиэмэтэ буолара. Биирдэ суругунан кэпсэтэ олороммун: “Кажется, ты – мой человек. Мне так легко разговаривать”, – диэн суруйбутум. Онуоха: ““Мой человек” диэн наһаа истиҥник суруйбуккун”, – диэн астыммытын, үөрбүтүн биллэрбитэ. Онтон ыла дьоһуннаахтык кэпсэтэр буолбуппут. Билсиспиппит иккис сылыттан бииргэ олорон барбыппыт. Оччолорго бэйэм уолум 3 саастааҕа. Кини эмиэ биир уол оҕолоох. Уолум кинини “дядя Гоша” диэн ааттыыра. Ону ылыммакка, уолуттан: “Бэйэбин аҕаа дэттэрэбин дуо?” – диэн көҥүл ылан, уолум “аҕаа” диэн ааттыыр буолбута. Билигин кыра уолбут 3 саастаах. Бастакы кэргэммиттэн уолум 10 саастаах, 4-с кылааска үөрэнэр. Гоша улахан уола 19 саастаах, Москубаҕа МГУ-га экэнэмиис идэтигэр үөрэнэр, каникулугар мэлдьи кэлэр, аҕатын кытта булка-алка сылдьыһар. Икки быраатыгар истиҥ сыһыаннаах, култуурунай, үчүгэй баҕайы иитиилээх оҕо.
Кэргэним уратыта – арыый нууччалыы иитиилээҕэр. Билигин дьиэбит эйгэтэ уонна сахалыы саҥарар буоламмыт, сахалыы үчүгэйдик саҥарар буолбут. Мин кинини кытта сахалыы эрэ кэпсэтэбин.
– Сыбаайбаҕыт сахалыы сиэри-туому тутуһан ыытылынна дуо?
– Олорбуппут 5 сылын кэнниттэн сокуоннайдык ыал буолан сыбаайбалаатыбыт. Уруубут күнүгэр аҕам миигин сиэтэн, арыаллаан киирэн күтүөтүгэр туттарбыта, оттон ийэм Арчы дьиэтигэр сахалыы арчыланарбытыгар үрүҥ көмүстэн оҥоһуллубут илин-кэлин кэбиһэр толору нобуорун сыбаайбалыыр үрүҥ былаачыйам таһынан кэтэрдибитэ.
“Гражданскайынан” олорорбут саҕана мин “Сила рода” диэн тиэмэни интэриэһиргээн үөрэппитим. Онно этиллэринэн, кыыс араҕыстаҕына, урукку араспаанньатын төттөрү ылыахтаах. Тоҕо диэтэххэ, арахсыбыт кэргэнин өттүттэн киниэхэ харысхал суох буолар диэн өйдөбүл баар эбит. Онон кэргэним удьуор ууһугар араспаанньаларын ылынан, бигэтик киирдим.
– Кэргэҥҥин уобарастаан биэриэҥ дуу?
– Эр киһи бастыҥ хаачыстыбата барыта баар. Бигэ тыллаах, эппит тылыгар турар. Кырдьаҕас киһиэхэ ытыктабыллаах сыһыанын хайгыы ылынабын. Аҕабыт, үлэтэ элбэх буолан, дьиэтигэр аҕыйахтык көстөн ааһар. Уолаттарын кытта дьарыктанар кэмэ, төһө даҕаны кэмчи да буоллар, бириэмэ булан көрсүһэр, дьарыктыыр. Дьиэтигэр сүрдээх бүгүрү: “эр киһи, дьахтар үлэтэ” диэн көрөн турбат, тэҥҥэ сылдьыһар. Иһит даҕаны сууйуон сөп, бэркэ астыыр. Туттара-хаптара чэнчиһин сөҕөбүн, миигиннээҕэр ыраас туттунуулаах, дьаһаллаах. Георгийдыын олоххо көрүүбүт биир. Кэпсэтэр тиэмэбит барыта биир санааҕа кэлэр. Иккиэн итэҕэлгэ чугаспыт. Кини миэхэ “мой человек” диэн уобараспар наһаа барсар.
Кыбыстанньаҥ, сэмэй майгылаахпын
– Бэйэҥ хайдах майгылааххыный?
– Уаа-ай, наһаа сэмэйбин, кыбыстанньаҥмын, кыыс оҕолуу килбикпин. Дьон кэннигэр саһан сылдьар, дьэ, ол – мин. Урут ийэм, балтыларым кэннилэригэр сылдьар буоллахпына, билигин кэргэним кэннигэр саһабын. Ааспыт сыл сэтинньитигэр сыбаайбалаан, дьон-сэргэ билиитигэр тахсан бараммын, ол “комплексым” суураллан, хайдах баарбынан көстүөхтээхпин диэн, билигин ыллаан эрэбин, блогпар аһаҕастык хайдах баарбынан тахсабын. Онон киһи быһыытынан, дьэ, арыллан эрэбин диэххэ сөп. Билигин араас бырайыакка кыттан саҕалаатым.
Астыырбын олус сөбүлүүбүн. Ордук туорт оҥорорбун. Асчыппын диэн кыбыстыбакка этиэхпин сөп. Ол астарбын остуолга тардыы, ону кырасыабайдык ууран биэрии – ускуустуба биир көрүҥэ. Маны Георгий бэркэ сөбүлүүр.
– Кырасаабыссалар “параметрдарыгар” сөп түбэһэҕин дуо?
– 90х60х90 диэҥҥэ сөп түбэһэбин, ол эрээри үрдүгүм – 164.
– Кэрэ буолуу солуонугар төһө сылдьаҕын?
– Илбийиигэ эрэ сылдьабын. Атын процедуралары туһаммаппын. Айылҕа биэрбит мөссүөнүн ордоробун.
– Таҥаскын-сапкын кимиэхэ тиктэрэҕиний?
– Агафья Смирникова диэн иистэнньэҥ дьүөгэлээхпин. Кини тигэр. Оттон ырыа килиибигэр кэппит сахалыы моһуоннаах былаачыйаны Пётр Яковлев маҕаһыыныттан атыыласпытым.
– Айанныыргын төһө сөбүлүүгүнүй?
– Сөбүлээбэппин. Ордук сөмөлүөтүнэн көтөртөн куттанабын.
“Дьон хараҕыттан харыстаан”…
– Наһаа үчүгэй кылыһахтаах куоласкын истибит эрэ барыта сэҥээрдэ, көрбүт эрэ барыта сөхтө.
– Милена Борисова бырайыагар кыттыбытым түмүгэр оҥоһуллан тахсыбыт ырыа. Ким баҕалаахха ырыа суруйан, анаан дьарыктаан таһаарар дьоҕурдаах кыыс. Бу ырыаны анаан-минээн миэхэ былырыын ахсынньы ортотугар суруйбута. Аранжировкатын кэнниттэн “Добун” устуудьуйаҕа оҥоһуллубута.
– Сахалыы ырыаны бэркэ табыллан ыллыыр эбиккин.
– Сахалыы тыыннаах, иитиилээх буоламмын, кыра эрдэхпиттэн ыллыырбын сөбүлүүбүн. Оскуолаҕа үөрэнэр кэммэр куонкурустарга кыттан лауреат аатын ыларым.
Улахан ааннар бары убайбыт диэн ытыктаан ааттыыр, биир дойдулааҕым А.Самсонов-Айыы Уола ырыаларын сөбүлээн ыллыырым. Миэхэ анаан “Маҥан хаар” диэн ырыаны суруйбута. Кыра сылдьан, кинини кытта Чурапчыга гостуруолга сылдьан турардаахпын. Арай, фонограммабын умнан кэбиспиппин. Олус хомойдум. Ону тута синтезаторга оҥорон биэрэн, ыллаан турардаахпын.
Кэлин хайдах эрэ “сабыллан”, ыллаабат буолбутум. Устудьуоннуу сылдьан ыллыахпын баҕарбытым. Ийэм “дьон хараҕыттан” харыстаан ыллыырбын боппута. Онтон атын, баҕар, ырыа эйгэтинэн – фольклор хайысхатынан – барбыт буолуом этэ. Кылыһахтаах уонна хабарҕа ырыаларын сөбүлээн истэбин. Миэхэ ырыа бу хайысхата ордук чугас. Хомуска эмиэ оонньуубун. Уопсайынан, туохха барытыгар түргэнник үөрэнэбин, ылынар дьоҕурдаахпын. Билигин бу ырыам кэнниттэн кынаттанан, ырыа эйгэтигэр хардыыбын оҥордум. Семён Ченяновка вокалга дьарыктанан эрэбин. Төрөппүттэрим иккиэн ыллыыллар, муусукаҕа дьоҕурдаахтар.
– Оччотугар убайыҥ тэҥэ саныыр биир дойдулааҕыҥ Айыы Уолун ырыаларын ыллыаххын сөп эбит. Эн куоласкар барсар матыыптаахтар.
– Соторутааҕыта Айыы Уолун ийэтэ М.И. Самсонова: “Убайыҥ биир эмэ ырыатын ыллаар эрэ”, – диэн көрдөспүтэ. Кырдьык, кини репертуарыттан сөбүлүүр ырыалардаахпын. Олортон биирдэстэрэ “Тохтооҥ, дьоннор!” диэн ис хоһооно уустук соҕус ырыалаах. Оччолорго кини олох эдэр эрээри, билигин үгүстүк буолар айылҕа “катаклизмнарын” өтө көрбүт курдук
Илин, арҕаа, хоту, соҕуруу
Тулам барыта – ыар ынчык.
Иһиллэр онно айылҕа ытыыра,
Оҕотун, киһини, ыҥыра сатыыра.
Тохтооҥ, дьоннор, өйдөнүҥ,
Истиҥ Ийэ сир ытыырын,
Айылҕам ытыыр, ыҥырар,
Тулам барыта айманар.
диэн ырыатын кыра сылдьан олус сөбүлээн истэрим. Киһини харааһыннарар, толкуйдатар ырыа. Онон Айыы Уолун бу ырыатын ыллыам диэн былааннанабын. Килиип оҥоһуллан тахсара буоллар, өссө үчүгэй буолуо этэ. Ким эмэ ылсара буоллар… Инникитин, анал ырыа үөрэҕэр үөрэнэн, сахалыы матыыптаах фольклор ырыаларын ыллыахха баар эбит диэн саныыбын.
– Катрин, ырыа эйгэтигэр баҕа санааҥ олоххо киирдин. Инникитин эстрада сулустаах халлааныгар эн аатыҥ чаҕылхай сулустуу суһумнуу оонньоотун, дуорааннаахтык иһилиннин!