Бу күннэргэ, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет Технология уонна салайыы колледжыгар саха аһын тарҕатааччы, тэнитээччи, “Тыгын Дархан” эрэстэрээн шеф-маастара Иннокентий Тарбахов үөрэх бырагыраамматын чэрчитинэн, сахалыы бүлүүдэлэри астааһыҥҥа ааптарыскай кууруһун ыыта сылдьар.
Технология уонна салайыы колледжын үөрэҕин бырагыраамматыгар “Саха национальнай бүлүүдэлэрин астааһын” диэн ааттаах үөрэх кууруһа баар. Бу кууруска саха төрүт аһын-үөлүн, култууратын, өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит астарбытын сөпкө астыырга үөрэтэллэр. Санатан эттэххэ, биһиги өбүгэлэрбит үс сүүс араас суол аһы астаналлара биллэр. Ол курдук үрүҥ ас, эт ас, балык, көтөртөн – сүүрэртэн ас арааһа, бурдук аһа уонна утах араастара. Дэлэҕэ да, бу астары билиҥҥи кэмҥэ сөргүтээччинэн, саха омуга киэн туттар киһитэ – Иннокентий Тарбахов буолар.
«Биһиги колледжпытыгар кини, биир нэдиэлэ устата көмүс хатырыктаахтан саҕалаан күндү, ураты бүлүүдэлэргэ тиийэ практическай дьарыгы ыытыаҕа. Ону таһынан усутудьуоннарга киһи этигэр сиинигэр, доруобуйатыгар ханнык бүлүүдэлэр хайдах дьайалларын, эт уонна балык астар уратыларын о.д.а. атын астар тутулларын кэпсиэҕэ. Күн бэҕэһээ “Тыгын Дархан” ресторан шеф-повара Константин Матаннанов эт уонна балык астарга практическай дьарыгы ыытта.
Бэлиэтээн эттэххэ, практическай дьарыгы ыытарбытыгар аспыт-үөлбүт бары ирдэбиллэргэ толору эппиэттиир. Куурус кэннэ устудьуоннар биир бүлүүдэҕэ зачет туттарыахтара уонна тустаах үөрэҕи ааспыттарын туоһулуур сертификаттары тутуохтара” – диэн технология уонна салайыы колледжын дириэктэрэ Наталья Марковна Яковлева кэпсиир.
Колледж сүрүн сыала билиҥҥи үлэ ырыынагар ирдэнэр кыахтаах исписэлиистэри бэлэмнээн таһаарыы. Ол инниттэн, олоҕу кытта тэҥҥэ хамсаан иһэр киэҥ далааһыннаах исписэлиистэри бэлэмниибит: юрист, экономист, бухгалтер, теплотехник, зоотехник, программист, повар-кондитер уонна сири кытта үлэлиир исписэлиистэр. Бу ааттаммыт бары идэлэргэ, практическай дьарыктар тиһигин быспакка ыытыллаллар. Онон орто анал үөрэх билиҥҥи кэмҥэ тоҕоостоох.
Астаабыт аскыт амтаннаах, оҥорбут аскыт тотоойу буоллун!