Ил Дархан Элгээйигэ сырыыта

Атырдьах ыйын 17 күнүгэр СӨ Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев Сунтаар улууһугар үлэлээбитэ. Бу күн Ил Дарханы Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев, “Арктик Капитал” ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Матвей Евсеев, Элгээйи нэһилиэгин баһылыга Павел Григорьев уо.д.а. көрсүбүттэрэ. Айсен Николаев биһиги улууспутугар сырыытын Элгээйи нэһилиэгиттэн саҕалаабыта.

Саҥа амбулатория сыбаайата түстэ
Быйыл Элгээйигэ 800-тэн тахса кв. м иэннээх быраас амбулаториятын дьиэтэ тутуута саҕаланыахтаах. Бу эбийиэк “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак «Доруобуйа харыстабылын маҥнайгы сүһүөҕүн модернизациялааһын» бырагырааматынан тутуллуохтаах. Бу тутууну «Северо-Восток Стройдизайн» ХЭТ ылсыбыта. Билиҥҥитэ тутуу барар сирэ профлииһинэн күрүөлэнэн, тутуу матырыйааллара аҕалыллан, сорох матырыйаала дуогабар быһыытынан «СунтарЦеолит» ХЭТ хааччыйан, үлэ саҕаланыытын биллэрэр бэлиэ сыбаайата бу аҕыйах хонуктааҕыта түстэ.
Сыбаайаны түһэрии үөрүүлээх тэрээһинигэр СӨ Ил Дархана Айсен Николаев кэлэн, олохтоохтору кытта дьоро түгэн үөрүүтүн үллэһиннэ, мустубут дьону: “Элгээйи – Сунтаар улууһугар эрэ буолбакка, бүттүүн өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр, дириҥ историялаах улахан нэһилиэк. Бу саҥа тутуу суолтата дьон олоҕор, доруобуйатыгар үтүө дьайыыта олус үрдүк. Өссө төгүл эҕэрдэлиибин!”, – диэн саҥа эбийиэк тутуута саҕаламмытынан эҕэрдэлээтэ. “Кэлэр 2024 сыл бүтүөр диэри бу бэртээхэй 800 кв.м ордук иэннээх, туох баар наадалаах саҥалыы оборудованиелаах амбулатория дьиэтэ үлэҕэ киириэ диэн эрэннэрэбин”, – диэн Айсен Николаев эҕэрдэ этиитин саҥа балыыһа тутуутун көһүппүт олохтоохтор олус үөрэ иһиттибит.

Айылҕа түмэлигэр
Бу күн Ил Дархан Айсен Николаев Элгээйитээҕи Айылҕа түмэлигэр сылдьан, үлэһиттэри кытта көрүстэ. Түмэл дириэктэрэ Анна Иванова түмэл дьиэтэ эргэрбитин, саҥа дьиэ наадата тирээбитин, билиҥҥитэ бырайыактыыр-симиэтэлиир үлэ бара турарын туһунан, инники былааннары кэпсээбитэ. Ол кэннэ дэлэгээссийэни Элгээйи орто оскуолатын 5-с кылааһын үөрэнээччитэ, көтөрдөрү анаан чинчийэр Никита Никитин олус интэриэһинэйдик кэпсээн-ипсээн, экскурсиялатан, көтөр эгэлгэ саҥатын үтүктэн, кэлбит дьону сөхтөрбүтэ.
Ил Дархан бу Б.Н. Андреев аатынан “Элгээйитээҕи региональнай музейнай-экологическай киин” дьиэтэ эргэрбитин, саҥа дьиэлэнэрэ наадатын бэлиэтээн туран, бу боппуруоһу өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар үөрэтэн көрөн баран, сөптөөх быһаарыыны ылалларыгар соруйбутун туһунан бэйэтин официальнай Телеграм ханаалыгар сырдаппыта. Ити этиитэ бу өрөспүүбүлүкэҕэ соҕотох, бүттүүн киэн туттуубут буолбут түмэл инникитин сүтэн-иҥэн хаалбакка, саҥа таас дьиэлэнэн салгыы аатыра-суолура, көрөөччүлэри угуйа турарыгар эрэли саҕар.

Анал байыаннай дьайыыга сылдьар байыас дьиэ кэргэнигэр
Салгыы СӨ Ил Дархана Элгээйи нэһилиэгиттэн анал байыаннай дьайыыга сылдьар Андрей Григорьев дьиэ кэргэнин кытта көрсөн, уол кэргэнигэр, оҕолоругар этэҥҥэ буолалларыгар, аҕалара доруобай, чэгиэн дойдутугар эргиллэригэр баҕа санаатын эппитэ.

Дьоҕус пааркаҕа
Быйыл Элгээйигэ “Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн” федеральнай бырагырааманан Бүлүү эбэ кытылыгар дьоҕус паарка тутуллан, бэс ыйыгар, Оҕо күнүн, көрсө үлэҕэ киирбитэ. Айсен Сергеевич бу сырыытыгар бу паарканы кэлэн көрдө. Биһиги, олохтоох ыччат, манна мустан Ил Дархаммытын, улууспут баһылыгын көрүстүбүт, хардарыта эҕэрдэлэһэн, нэһилиэкпитигэр үтүөкэннээх сынньалаҥ пааркаламмыппытын көрдөрдүбүт. Ил Дархан паарка табыгастаах сиргэ тутуллубутун, дьон-сэргэ хото сылдьалларын бэлиэтээтэ.

Ити курдук, Сахабыт сирин Ил Дархана Айсен Сергеевич үлэтинэн Элгээйигэ кэлэн барыыта нэһилиэкпит балыыһата бастакы сыбаайата түһэр дьоро күнүн кытта сөп түбэстэ. Олохтоохтор мустан, бу үөрүүлээх күнү алгыһынан арыаллаан, хардарыта эҕэрдэлэһэн көрүстүлэр. Дьэ ити курдук, балыыһа курдук киһи олоҕор ардыгар тыын суолталаах, олус наадалаах эбийиэк тутуута бу күнтэн саҕаланна диэн буолла.
Ити курдук, тапталлаах Элгээйибит кэми кытта тэҥҥэ хардыылаан, үүнэ-сайда, чэчирии турарыгар өссө биир дьоһун үктэл уурулунна. Оттон бу курдук өрөспүүбүлүкэбит салалтата кэлэн, нэһилиэкпитигэр кэнники сылларга ыытыллыбыт үлэни-хамнаһы көрөн-истэн барыыта, салгыы сайдарга кынаттыыр, үлэлииргэ көҕүлүүр.

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх