Биллэрбиппит курдук, бүгүн Ыам ыйын 29 күнүгэр, Туймаада ыһыаҕын чэрчитинэн, Оһуохай түһүлгэтигэр «Улуу Туймаада Ытык Оһуохайа» диэн күөн — күрэс буола турар.
Күрэххэ барыта үс номинацияҕа Өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан — Сунтаартан, Үөһээ Бүлүүттэн, Тааттаттан, Бүлүүттэн, Ньурбаттан, Горнайтан, Мэҥэ — Хаҥаластан уонна да атын улуустартан биэс уонтан тахса кыттааччы суруттаран кылаан кыайылаах аат иһин киирсэ сылдьар.
Ытык Оһуохай киэҥ түһүлгэтэ биэс уонтан тахса тыһыынча киһини бүгүн муста, күрэх бүтүөр дылы, ол аата өссө да күн тахсыар диэри, өссө да Сахабыт сирин олохтоохторун уонна ыалдьыттарын ынырабыт!
Саха Сирин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев кэргэнинээн Людмила Валерьевналыын, Ил Түмэн салайааччыта Алексей Ильич Еремеев, Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Николаевич Григорьев биһиги түһүлгэбитигэр кэлэн бочуоттаах ыалдьыт буоллулар.
Айсен Николаев, Саха Сирин Аҕа баһылыга:
— Саха Ытык Оһуохайа — Ыһыах саамай үрдүк, чаҕылхай чыпчаала диэн этиэххэ наада! Ол иһин Оһуохайбытын өрө тута сылдьар Оһуохай түмсүүгэ барҕа махталбын биллэрэбин уонна бу үчүгэй баҕайы саҥа Оһуохай түһүлгэтэ арыллыбытынан эҕэрдэлээн туран сүүһүнэн тыһыынчанан киһи Оһуохайдыыр буоллун диэн баҕа санаалаахпын!
Александр Джурович Данилов — Дьулуур Хан, Оһуохай түмсүү салайааччыта:
— Бүгүҥҥү күрэхпит Саха норуотун муста, биир сомоҕо буолан Ытык Оһуохай хамсаныытыгар киирэн, этэн — тыынан, үҥкүүлээн, этээччилэри бииргэ кынаттаһан үөрэн — көтөн Туймаада ыһыаҕын уруйдаатыбыт! Оһуохайбыт бу курдук симэлийбэккэ өссө даҕаны сайда, кэскиллэнэ турдун! Дом!