«Ийэ тыл – дьиэ кэргэн бигэ тирэҕэ»
Саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын II өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэhин чэрчитинэн «Ийэ тыл –дьиэ кэргэн бигэ тирэҕэ» диэн түһүлгэтин санаа атастаһыылара
Сэтинньи 24 кунугэр Дьокуускай куорат 2 -с №-дээх Саха-политехническэй оскуолатын тыйаатырын саалатыгар «Ийэ тыл –дьиэ кэргэн бигэ тирэҕэ» төрөппүттэр түһүлгэлэрэ урдук таьымнаахтык ааста. Түһулгэни иилээн саҕалаан ыыттылар Вилюяна Николаевна Никитина уонна Виктор Борисович Борисов.
Түһүлгэ кыттааччыларарынан ыҥырыылаахтар,төрөппүтттэр түмсүүлэрин салайааччылара, учууталлар, иитээччилэр, үөрэх кыһатын салайааччылара о.д.а. буоллулар.
Түһүлгэ сүрүн сыалын туорумунан турда: Саха сирин оскуолаларын, уһуйааннарын, төрөппүттэрин кэмитиэттэрин, түмсүүлэрин, бөлөхтөрүн сахалыы саҥарыы, сахалыы иитии-үөрэтии хайысхатыгар үлэлэрин тиһигин оҥоруу.
Түһүлгэ санаа атастаһыытыгар туруорар боппуруостарынан буоллулар:
-Төрөппүтү кытта ситимнээх үлэни тэрийии;
-«Эркээйи эргиирэ» уонна дьиэ кэргэн бырайыагын көдьүүстээхтик тарҕатарга;
-Төрөппүттэр түмсүүлэрэ уонна ийэ тыл;
-Төрөппут оҕотугар сахалыы кинигэни ааҕыы уонна кэпсэтии тыла сайдарыгар, кини быстыспат ситимин олохсутарга үлэни күһүрдэргэ;
— Оскуолаҕа киириэн илик саастаах оҕолорго төрөөбүт тылынан иитии-үөрэтии ситимин тиһигин быспакка, үлэ хаамыытын кэтээн көрөр ньымалары хабаҕатык туттарга.
Вилюяна Николаевна Никитина төрэппуттэри кытта үлэ ньымаларын санардан, саҥа сүүрээни киллэрэн, улэ хаамыытын кэтээн көрүүлээх гына тэрийэргэ ыҥырда.
Иван Иванович Шамаев: “Көмүскэл омукка эрэ сытар. Омук омук быһыытынан баар буолар тыллаах эрэ буоллаҕына!!!”-,диэтэ.
Манна ситиьии бары эйгэ ситимнээхтик үлэлэстэҕинэ эрэ, ол курдук төрөппуттэр, уйул5а үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар, тыйаатыр, музей биир ситимнээх үлэлэригэр сытарын ыйда.
ИльинаТ.М., ЛукинаС.Н., Самсонов А.С., Прокопьева Т.Ю., Дагданча А.Н, Павлова Л.Н., Габышева Е.Н. онтон да атыттар санааларын ирэ-хоро эттилэр.
Кэпсэтии түмүгүнэн:
- Саха сирин оскуолаларын уһуйааннарын, төрөппүттэрин кэмитиэттэрин, түмсүүлэрин бөлөхтөрүн сахалыы саҥарыы, сахалыы иитии, үөрэтии хайысхатыгар үлэ эппиэттээхтэрин болдьохторун анаан туран былаанын оноруу.
- Өрөспүүбүлүкэ төрөппүттэрин мунньаҕын опытын тар5атарга.
- Төрөппүттэргэ методическэй көмө, онно ыйынньык оҥоруохха наада.
- Эбээ, эһээ оскуолатын өйүөххэ.“Эркээйи эргиирэ” программа туһунан видеога устан тарҕатыахха уонна НВКга таһаарыахха.Эдэр ийэлэргэ, эдэр ыалга духуобунай, психологическай көмө наада.
- “Дорҕоон дохсун“ уол оҕону иитиигэ пособиены өрөспүүбүлүкэ бары оскуолаларыгар тарҕатыахха.
- Майа сэлиэнньэтин биир кэлим сахалыы эйгэни тэрийэр кэнсиэпсийэтин улуустарынан сылдьан төрөппүт мунньахтарын ыытыахха наада.
- Сахалыы саҥарар блогердары өйүөххэ, киэҥ куйаар эйгэҕэ таһаарыахха.
- Төрүт култуура уруогун чааһын киллэрэргэ туруорсуохха.
+7 (999) 174-67-82