Site icon SAKHALIFE

«Ийэ сирэ» испэктээк Елизавета Потапова үбүлүөйүгэр ананар

Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра ыам ыйын 8 күнүгэр Чингиз Айтматов айымньытынан “Ийэ сирэ” испэктээги Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыската Елизавета Потапова үбүлүөйүгэр аныыр.

“Ийэ сирэ” испэктээги РСФСР, САССР  үтүөлээх артыыһа, режиссер Федот Потапов 1965 сыллаахха, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 20 сылыгар анаан туруорбута. Ол кэннэ 1995 уонна 2004 сылларга сөргүтүллэн көрөөччүлэр дьүүллэригэр тахсыбыта.

– Елизавета Федотов­на, төрөппүт аҕаҥ олоҕун, айар үлэтин кэрэһи­лиир испэктээк Саха тыйаатырыгар турбут устуору­йатын сэгэтэн ыллахха? Бу туох тэтэрээттэрин тутан олороҕун?
– Хас биирдии артыыс оруо­лугар бэлэмнэнэригэр бэйэтэ эрэ өйдүүр, туһанар тэтэрээттээх буолар. Холобур, бу 1999 сыллаахха РСФСР үтүөлээх, САССР норуодунай артыыската Александра Иванова, «Баҕар, Толгонай оруолун эн оон­ньуоҥ» диэн оруоллаах тэтэрээтин эдэркээн, билигин биһиги аттыбытыгар суох артыыска Туйаара Свинобоеваҕа биэрбит эбит. Туйаара тэтэрээтиттэн мин эмиэ оннук уһулбутум. Онон мин, үһүс киһи, бу тэтэрээппэр эмиэ араас бэ­­лиэлэри уруһуйдуубун, оруол­бар сирдэтинэбин, кистэлэҥ санааларбын бэлиэтэнэбин.
2004 сыллаахха, аҕам төрөөбүтэ 75 сылыгар, режиссербут Андрей Борисов: «Эн Толгонайы оонньуоххун сөп эбит», – диэбитэ. Оччолорго саастаах дьон оруолугар оонньуур туһунан санаан да көрбөт киһи олус соһуйбутум. Улахан толкуйга түһэн дьоммун кытары кэпсэппиппэр: «Александра Дмитриевна оонньообут улахан оруола көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллиэхтээх, солбуллуох­таах», – диэн сүбэлээбиттэрэ.


Бу – биһиги дьиэ кэргэни долгутар улахан айымньы. Онон, олохпутугар араас ыарахаттар баалларын да иһин, аҕабытын кэриэстээн, син биир оонньуохтаахпын диэн быйыл эмиэ көрдөрөн эрэбит. Аҕам «Очурдаах оҕо сааһым» кинигэтин ааҕан баран, испэктээк кини олоҕор улахан оруол­лааҕын, мээнэҕэ бу айымньыны талбатаҕын өссө төгүл өйдөөбүтүм. Манна кини бэйэтин олоҕо тыктарыллар курдук, аҕам сэрии кэмин оҕото буолан, бэйэтэ этинэн-хаанынан билбит көстүүлэрэ элбэхтэр: аммалар курдук бурдук ыһаллар, тыыннаах хаалар туһугар хас биирдии туораҕы хому­йан аччыктыыртан куоталлар уо.д.а. Аҕам ииппит ийэтэ хоргуйан, кини илиитигэр өлбүтэ…
«Ийэ сирин» артыыстар бары даҕаны кинигэтинэн, киинэнэн эрэ билэн оонньоо­тохпут. Онтон билигин суолтата өссө сытыырхайдаҕа: хас биирдии ийэни, дьиэ кэргэни сэрии тиэмэтэ долгутар…
Тыйаатыр сүрүн режиссера, САССР ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Василий Фомин бу туруорууга сүрэҕин сылааһын биэрэн үлэлээбитэ. Испэктээккэ биир саамай күүстээх сыананан поездтаах сыана этэ. Арай, Василий Михайловичпыт, тоҕо эрэ, поездка атаарсыы сыанатыгар болҕомтотун уурбат курдук. Ира Никифоровалыын (Алима оруолугар оонньуур) кэтэһэ сатаан баран, поезд үлэһитин оонньуур Ефим Степановка сүбэлэттэрэ киирбиппит. Ефим Николаевич хайдах оонньуохтаахпытын, хайдах турукка киириэхтээхпитин, тиэхиньиичэскэй өттүнэн хамсаныыларбытын сүбэлээн биэрбитэ. Инньэ гынан, долгутуулаах сыанабытын бэйэбит оҥорбуппут. Василий Михайлович көрөн баран биир да тылы эппэтэҕэ, сөбүлэспитэ. Кини, арааһа, саамай ыарахан сыана диэн иэйэн, иитиллэн эрэ баран оҥороору сылдьыбыта буолуо дии саныыбын. Иралыын сарсыарда 9 чааска кэлэн кырдьык-хордьук төттөрү-таары сүүрэкэлээн бэлэмнэнэр этибит.


Гостуруоллар эмиэ киһиэхэ наһаа элбэҕи биэрэллэр, туох барыта тэҥнэбилгэ биллэр. Ньурба тыйаатырыгар үлэлии сылдьан гостуруоллары эдэр эрэ буолан барытын тулуйар эбиппит. Кыһыннары-сайыннары тыбыс тымныы тыйаатырга үлэлээн баран, аны балтараа-икки ыйы быһа тымныынан аҥылыйар  кулууптардаах нэһилиэктэринэн гостуруолга сылдьаҕын. Ыарыйдахпытына, эмп иһэн,, билигин этэллэринии, хайа да ыарыыны атахпытыгар тура сылдьан аһарынарбыт. Билигин санаатахха, наһаа ыарахан эбит. Онтон быйыл сабыс-саҥа дыбарыастардаах улуустарга гостуруоллаан, ырай олоҕор сылдьан, ХХI үйэ  кэлбитин чахчы биллибит. Бииртэн биир үтүөкэн дыбарыастар тутуллубуттар, ханна эрэ соҕуруу дойдуга сылдьар курдук сананныбыт.

Сырдык иэйиилээх хоһооннор кэрэҕэ сирдииллэр

– Эн хоһоонунан дьүһү­йүүлэргэ олох атын киһи буола түһэҕин.
– Аан маҥнайгы дьүһүйүүнү Ньурба тыйаатырыгар үлэлии сылдьан Варвара Потапова хоһоонноруттан саҕалаабыт эбиппин. Геннадий Багынанов оччолорго ааҕааччыга аһаҕас­тык кэпсэнэ илик Варвара Потапова, Баһылай Саввин хоһооннорунан дьүһү­йүү-испэктээги туруорбута. Ону Дьокуускайга кэлэн Оҕо дыбарыаһыгар көрдөрбүппүт.
Онтон Саха тыйаатырыгар кэлэн баран, поэтесса кыргыттар Сардаана Амгинская («Үс кут»), Саргылаана Гольдерова-Саргы Куо («Кэрэҕэ айан»), Наталья Михалева-Сайа хоһоон­норунан дьүһүйүү-испэктээктэргэ кыттыбытым.
Талааннаах бэйиэттэрбит өлбөт-сүппэт хоһоонунан айымньыларыгар сүгүрүйүүм, көрөөччүгэ тириэрдэр дьоҕур, арааһа, төрөппүттэрбиттэн бэрилиннэҕэ. Зоя Багынанова аҕабыныын тыйаатыртан уурайа сылдьыбыт кэмнэригэр хоһоонунан дьүһүйүүлэргэ ылсан, ыарахан кэмнэри аһардахтара. Зоя Петровна Варвара Потапова туһунан кэпсиирэ, хоһооннорун доргуччу ааҕара. Зоя Петровна сиппит-хоппут, олох ыарахаттарын этинэн-­хаанынан билбит буолан буолуо, дириҥ дыраамалаах хоһоон­нору талан ааҕара. Оттон мин сырдык иэйии­лээх хоһооннору ааҕарбын сөбүлүүрүм.
– Хайата чэпчэкиний диэбэппин эрээри, испэктээккэ оонньооһун уонна сыанаҕа хоһоон ааҕыы эйиэ­хэ туох уратылаахтарый?
– Хоһоону ааҕар чэпчэкитэ суох. Варвара Потапова хоһооннорун кэнниттэн атын хоһооннору сыанаҕа кыайан аахпат, «миэнэ буолбатах» диэн ылыммат, туох эрэ тохтотор кэмнэрэ баар буола сылдьыбыттара. Ол гынан баран, кэм-кэрдии бэйэтэ сааһылыыр. Испэктээккэ биир кэм хамсана-имсэнэ сылдьаҕын, атын артыыстардыын биир ситимҥэ киирэҕин, уобараскын арыйарыҥ бэйэҕиттэн эрэ тутулуга суох. Оттон хоһоо­ну ааҕарга син үөрүйэхтэнэр кэм кэлбитэ буолуо да, куруук долгуйабын. Төһө да элбэхтик үөрэппитиҥ, сыанаҕа ааҕарга бэлэмиҥ иһин, хайа эрэ кэмҥэ, ып-ыраас лиис курдук, өйгүттэн сотуллар хаалар строкалар баар буолаллар. Дьэ дьикти, туох эрэ тастан күүс дьайбытын курдук буолар. Оннугу билэммин, хоһоон ааҕарбар куруук долгуйабын. Иван Гоголев-Кындыл хоһооннорун ааҕарга мин саҕа эрдэ үөрэппит, мин саҕа бэлэм артыыска суоҕун курдук этэ. Арай биирдэ бэ­­йэтин субу көрөн туран ааҕарбар наһаа үчүгэйдик саҕа­лаан иһэн, хоһоонум тылларын таһыччы умнан кэбиспитим, этим-сииним бүтүннүү дьырылаан, туох эрэ баттыыр курдук турукка киирбитим. «Сахалыы хоһооннорун ааҕарбын тугун эрэ сөбүлээбэтэ» диэн толлубутум уонна нууччалыы эрэ хоһооннорун ааҕар буола сылдьыбытым. Онтон кэлин кыра кыралаан сөргүтэн, кини  сахалыы сонеттарыгар төннүбүтүм.


Хоһоону ааҕар киһи ураты турукка киирэр. Билигин дьүһүйүүнү сытыырхатан биэрээри, араас хамсаныылары киллэрэллэриттэн, муусуканан доҕуһуоллуулларыттан арыт мэһэйдэтэр курдукпун. Хоһоону чуумпуга аахтаххына тыла-өһө ордук иһиллэр, көрөөччүгэ тиийэр, бэйиэт тугу этээри гыммыта өйдөнөр. Муусука, араас хамсаныылар көмөлтө эрэ күүс буолуох­таахтар дии саныыбын. Хоһоон диэн оннук ураты.
Хоһоон ааҕарбын олус сөбүлүүбүн. Ардыгар испэктээк суох кэмигэр, ордук пандемия кэмигэр иэдэйиэх киһини, хоһооннорум быыһаабыттара. Дьиэбэр да олорон, 2-3 чаас устата хоһооннорбун күн аайы үлэ курдук ааҕар этим. Эбэтэр тыйаатырбыт мусуой-хоһугар киирэн аҕам Федот Федотович уонна былыргы артыыстар хаартыскаларыгар чугаһаан дорооболоһорум уонна «Бүгүҥҥү испэктээкпин ситиһиилээхтик оонньуурбар миэхэ күүстэ-уохта биэриҥ» диэн көрдөһөр, кэпсэтэр курдук буоларым. Кинилэргэ хо­­һооннорбун ааҕан, ис испиттэн чэпчээн, сэргэхсийэн тахсааччыбын.
– Ыарахан кэмнэргэр эбэтэр эн мунаарар ыйытыыларгар хоруйу биэрбит хоһооннор бааллар дуу?
– Баар буоллаҕа-аа. Саха киһитэ айылҕатыгар чугас. Онон Ийэ айылҕаҥ, төрөөбүт төрүт дойдуҥ туһунан эбэтэр олох сыаннастарын туһунан хоһооннору аахтаххына, ис-­искиттэн чэпчиигин, олоҕу атын хараҕынан көрөҕүн.

Атын идэни билбэппин…

– Кэнники кэмнэргэ киинэлэргэ, сэрийээллэргэ эйигин  бэйэҥ сааскар, бэйэҥ кэмҥэр, ардыгар бэйэҥ олоххор  сылдьар курдук ылынабын.
– «Хайа бу, Елизавета Потапова өрөспүүбүлүкэ ийэтэ буолла дуу?» диэн соһу­йан суруйбуттарыгар биир көрөөччү «Уонна кими оон­ньуой?» диэбитигэр дылы (күлсэбит). Кырдьык, ардыгар биир халыыптаах оруолларга сөбүлэһэбин дуу диэн толкуйдаан ылабын ээ. Киинэҕэ, сэрийээллэргэ кыттарым олох сыаннастарын анаа­рарбар, киһи олоҕун араас өрүтүн билэрбэр көмөлөһөр дии саныыбын. Ол эрээри, ардыгар «Киинэҕэ ким баҕарар оонньуур кыахтанна» диэн халы-мааргы саҥаралларыттан артыыс идэтин сыаналааһын мөлтөөн эрэр дуу диэн хомойо саныыбын…


– Эһигини артыыс­тар династияларынан билинэбит. Билигин оҕо­лор­гор, сиэннэргэр салҕаач­­чылар бааллар дуо?
– Аныгы үйэ оҕолоро өйдөрө-санаалара арыый атын. Уолаттарым Федот, Спартак сахалыы кэпсэтэр буолан абыраатылар. Икки кыыс, икки уол сиэннэрбит аҕыйах да кэмҥэ буоллар, сайын аайы дойдубутугар, Амма Абаҕатыгар тардыһаллар. Биһиги эмиэ ити күндү кэмнэри олус кэтэһэбит, уһаатаҕына, биир ый сынньанабыт. Ким эмэ артыыс эбэтэр онно чугас идэлэниэ билиҥҥитэ биллибэт.
 Эн, артыыс идэтин талан, олоххун сыанаҕа анаабыт киһи, бэ­­йэҕин дьоллоох киһинэн ааҕынаҕын дуо?
– Оҕо эрдэхпиттэн тыйаатыр эйгэтигэр улаатан дуу, кэргэним эмиэ артыыстар оҕолоро этэ буолан дуу, атын идэлээх буоларбын сатаан санаабаппын. Улахан артыыстар, төһө да куруук биһиэхэ сырытталлар, нууччалыы эттэххэ, «по-братски» сыһыан диэн суоҕа, кинилэри улаханнык ытыктыы, таҥара курдук көрөн улааппытым. Мин аҕам ииппит ийэтэ, эбээм Өлөөнө оҕото этим, кинилиин аһаҕастык кэпсэтэр, кистэлэҥмин арыйар этим. Өлөөнө аҕабытын уонна кини биир саастыылаахтарын, кырдьаҕастары өрө тутарга, ытыктабыллаахтык сыһыаннаһарга үөрэппитэ. Мин бэйэм оҕолорбун эмиэ оннук иитэн, эбээлэригэр-эһээлэригэр наһаа чугас­тар, күүс-көмө буолаллар.
Мин саныахпар, мин дьоллоохпун. Улахан махталбын ийэбитигэр Зоя Петровнаҕа этэбин. Аҕабытын ааттатта, кини аатын үйэтиттэ. Аҕам туһунан кинигэлэри барытын бэйэтэ таһаартаран, ааҕаач­чыларга, көрөөччүлэргэ үйэлээх бэлэҕи оҥордо. Эдьиийим Надежда биһиккини наһаа сэмэйдик ииппиттэр, сытыы-хотуу буолбатахпыт, ол ардыгар мэһэй­диир курдук эбит. Зоя Петровна сыал-сорук туруорунна да, саҥа санаа киирдэ даҕаны барытын олоххо киллэрэр идэлээх, киһи холобур эрэ ылар киһитэ.


Төрөппүттэрбит, эбээлэрбит-эһээлэрбит дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө холобур буолар, киһи эрэ киэн туттар үтүөкэн дьоно. Кинилэр ааттарын түһэн биэрбэт курдук олох олорон, үлэлээн-хамсаан кэллэхпит. Зоя Петровна 80 сааһыгар диэри сыанаҕа оонньуу сылдьарынан киэн туттабыт, ураты күүстээх көлүөнэ артыыстарынан билинэбит. Биһиги кинилэр саастарыгар курдук этэҥҥэ үлэлии-хамсыы сылдьарбыт буоллар диэн баҕа санаалаахпыт.

Exit mobile version